Саҥа дьиэ олохтоохтору үөрдэр

Тааттаҕа дьон олорор усулуобуйатын тупсарарга туһаайыллыбыт “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бэдэрээлинэй бырагыраамманан үгүс үлэ ыытылынна. Аҥардас бу бырайыагынан Ытык Күөлгэ 19 толору хааччыллыылаах дьиэ, 500-н тахса ыал көһөрүлүннэ.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр Ойуунускай аатынан уулусса 23 нүөмэригэр 4 мэндиэмэннээх, 95 кыбартыыралаах таас дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах дьиэни Александр Ханин салайааччылаах “Монтажник”  производственнай кэпирэтиип тутта. «Монтажник» кэпирэтиип биһиги улууска үлэлэспитэ хаһыс да сыла, ааспыт 2023 сыл бүтүүтүгэр Ытык Күөлгэ 4 мэндиэмэннээх 41 кыбартыыраалаах, Булун нэһилиэгэр 3 мэндиэмэннээх, 32 кыбартыыралаах  дьиэни үлэҕэ киллэрбитэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Захаров, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, «Монтажник” кэпирэтиип салайааччыта Александр Ханин саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллары эҕэрдэлээтилэр, дьиэ күлүүстэрин туттардылар, кыһыл лиэнтэни быстылар.

Дьиэни туппут “Монтажник” кэпирэтиип бэрэссэдээтэлэ Александр Ханин саҥа дьиэ символическай күлүүһүн Таатта нэһилиэгин баһылыгар Егор Павловка туттарда. Нэһилиэк баһылыга Егор Павлов «Монтажник» кэпирэтиип бэрэссэдээтэлигэр Александр Михайлович Ханиҥҥа, солбуйааччытыгар Илья Васильевич Поповка «Таатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэни туттарда.

Саҥа дьиэҕэ күлүүс туппут педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Огонерова хас эмэ сыл устата хаарбах уопсай дьиэҕэ олорон кэлбит.

  • Киһи олоҕор дьол-үөрүү баар эбит, күүтүүлээх дьиэм күлүүһүн тутаммын олус диэн үөрэн турабын. Бэйэбэр сөрү-сөп, сылаас, сырдык, ыраас, итии-тымныы уулааҕыттан дуоһуйдум. Дьон туһугар үлэлиир бырагырааммалар бааллара үөрдэр — диэн санаатын үлэһиннэ.

Саҥа дьиэ күлүүһүн туппут хаһаайыттар үөрүүлэрэ үтүмэн. Билигин бары даҕаны дьиэ-уот оҥостуутугар түбүк үөһүгэр түстэхтэрэ.

Елена Слепцова.

Читайте дальше