Улуус дьоно-сэргэтэ барыта кэтэһэр үөрүүлээх күнүгэр, доруобуйа харыстабылыгар 40 сыл эҥкилэ суох үлэлии сылдьар бэтэрээннэр ааттарыттан Татьяна Кузьмина: Тааттаҕа «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иһинэн саҥа, үчүгэйкээн бэйэлээх, поликлиника үлэҕэ киирдэ. Тыа сиригэр үчүгэй усулуобуйалаах, таһаарыылаах үлэҕэ улахан көмөлөөх поликлиника киирэн дьоллоннубут.
Улуус олохтоохторугар бэтэрээн үлэһиттэр ааттарыттан эҕэрэдэбитин тиэрдэбит. Бары дьоллоох буолуҥ, саргылаах буолуҥ!
Үлэни өрө тутан, 40 сыл профилактика кабинетыгар биэссэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Лариса Павловна Попова: Таатта улууһугар демографическай балаһыанньа тупсуо диэн эрэнэбин!
Ытыктабыллаах, Сардана Владимировна, эмчиттэр, бэтэрээннэр!
Эһигини «Доруойбуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллубут, өр кэтэспит ыра санааҕыт туолбутунан, баараҕай, сып-сырдык, ып-ыраас, кип-киэҥ поликлиника киирбитинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Поликлиника дьон доруобуйатын тупсарарыгар эрэнэбин, ситиһиилээх, күүстээх үлэни, дьолу-саргыны!
Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ билимин доктора Егор Егорович Борисов – Буор Булгунньах: Маннык поликлиникаҕа үлэлээбит киһи диэн санааҕа кэллим.
Киһи үөрэр-көтөр малааһына буола турар. Поликлиниканы көрөн баран, киһи мэдиссиинэ сайдыбытын, инники диэки барыы, киһи доруобуйатын харыстабылыгар улахан үлэ бара турарыттан үөрэбин. Кырдьык, ирдэбил быһыытынан, хайа да быраас компьютернай томографията, УЗИ-та суох ыарыыны диагнозтаабат. Поликлиника туһата элбэх. Билигин сахаҕа суох ыарыылар элбээтэ. Халлаантан хантан да түспэт тутуу олоххо киирдэ. Бу дьон сүүрүүтэ-көтүүтэ. Биһиги дьолбутугар, Сардана Владимировна курдук бэйэбит оҕобут, чаҕылхай тэрийээччи буолан, сүүрэн-көтөн ситистэ. Таатталар дьолбутугар, күтүөппүт Александр Михайлович Ханин манна олохсуйан, силис-мутук тардан, үгүс тутууну ыытта. Бэйэтигэр улахан бэлиэни оҥорон, поликлиниканы киллэрэн, дьон-сэргэ махталын ылла.
Мария Павлова.