Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх музейы төрүттээбит Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон төрөөбүт күнүгэр, балаҕан ыйын 14 күнүгэр Тааттыныскай нэһилиэк ытык сирдэринэн экскурсиялар ыытылыннылар.

Бу күн Алампа аатынан Ытык Күөл бастакы нүөмэрдээх орто оскуола историяҕа учуутала Ньургун Дмитриевич Ефремов дойду таһымнаах грааны кыайан, түмүктүүр «История рядом. Конкурс классных историй» күрэҕи улуус үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытта.

Күрэс иккис түһүмэҕэр 20 хамаандаттан 9 бастыҥ туристическай маршруттар талыллан бырайыактарын көмүскээтилэр. Бастыҥ хамаандаларынан ааттаннылар: Бастакы үрдэл — Тааттатааҕы лиссиэй историяҕа учуутала Сардаана Спартаковна Сыромятникова, кини салайар 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ. Иккис үрдэлгэ таҕыстылар Алампа аатынан Ытык Күөл бастакы нүөмэрдээх орто оскуола саха тылын учуутала Маргарита Егоровна Павлова, кини салайар «Албан» бөлөҕө. Үһүс үрдэлгэ Игидэй орто оскуолатын учуутала Саргылана Алексеевна Иванова салайааччылаах 10 кылаас үөрэнээччилэрэ.

 Бырайыак салайааччыта Ньургун Ефремов кыайыылаахтарга 60 000 солк., Экшн камералары уонна Москватааҕы педагогическай Судаарыстыбаннай университекка «Гид -экскурсовод» үөрэҕэр куурус ааһар сертификаттары туттарда.

Күрэс экспертэрин санаалара: «Ньургун Дмитриевич бырайыага улууспут баай историятын билиигэ, үтүөлээх- өҥөлөөх дьоммут ааттарын үйэтитиигэ, кэнчээри ыччаппыт төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар туһуламмыт үлэни ыыта сылдьар. Эдэр кэскиллээх учууталга өссө саҥа сонун бырайыактары олоххо киллэрэн үлэлииригэр, туруоруммут сыалын- соругун ситиһэригэр баҕарабын», диир Тамара Дмитриевна Бочорукова, Тааттатааҕы кииннэммит библиотека библиограба.

Эдэр учуутал, бырайыак салайааччыта Нь.Д. Ефремов «Манчаары оонньуутун» көрсө көдьүүстээх үлэ көрүҥүн — туризмы таарыйбыт. Улуус, нэһилиэк  иһигэр  анал үөрэхтээх гид — экскурсоводтар үүнэн, сайдан тахсаллара олус наадалаах, улууспут сайдарыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

Александра Постникова, «Таатта» түмэлин үлэһитэ.

Читайте дальше