Балаҕан ыйын 20 күнүгэр республикатааҕы профсоюзнай комитет үлэһиттэрин кытары «Молодежный профдесант» буолан ааста. СӨ култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын председателин солбуйааччыта Варвара Гаврильевна Михайлова эдэр эрчимнээх үлэһиттэрин кытары кэлэн уопут атастаһан, ырытыһан, сүбэ-ама биэрэн, кэпсэтэн, бардылар. Түмсүү түмүгүнэн, Таатта улууһун култууратын эдэр ыччатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Ф.С. Аргунов аатынан Ытык Күөллээҕи оҕо искусство оскуолатын уһуйааччыта, Людмила Александровна Сыромятникова биир санаанан талылынна. Людмила олус сэмэй, элэккэй, үлэһит буолан дьон сөбүлэҥин биир –биэс тыла суох ылла. Гаврил Вырдылин култуура эйгэтигэр үлэлиир эдэр ыччаты түмэн, «саҥа үүммүт сылга биир санаанан салайтаран, үлэни кыайыахха-хотуохха, үүнүөххэ-сайдыахха» — диэн ыҥырда. Маны таһынан Улуустааҕы үөрэх управлениятын үлэһитэ Татьяна Тютрина «Российское движение детей и молодежи» Движение первых» сүрүн сыалын сырдатта.
— «Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына – Российское движение детей и молодежи — Оҕолор уонна ыччат бэйэтин этии киллэриитинэн 2022 сыл от ыйын 14 күнүттэн «О Российском движении детей и молодежи» диэн 261№дээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, тэриллибит хамсааһын буолар.
Хамсааһын сүрүн сыала – соруга диэн үүнэр көлүөнэ оҕолорбут бары өттүнэн сайдалларыгар, биир тэҥ иитии эйгэтин тэрийээһин, туох баар тэрилтэ холбоһон кинилэргэ күүс-көмө буолуу, лидер оҕолору, ыччаты иитэн таһаарыы буолар. Бу хамсааһыҥҥа 6 саастарыттан үөһээ оҕолор кыттыһыахтарын сөп.
«Движение Первых» ол эбэтэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» иитии программата профессиональнай уонна общественнай экспертизаны ааһан, үлэҕэ киирэн турар, методическай көмө материаллара барыта оҥоһуллан, бу үөрэх дьылыгар тарҕатыллыахтаахтар. Хамсааһын программата 12 хайысхалаах, бу манан биһиги оҕолорбут, эдэр ыччаппыт бары өттүнэн сайдыылаах, көрүүлээх –истиилээх, иитиилээх буолан тахсалларыгар төһүү күүс буолуохтаах. Манна оҕо кэлэн бэйэтин баҕатынан дьарыктанан, куйаар ситиминэн ыытылла турар араас фестивальга, күрэххэ, проектарга, форумнарга кыттыыны ылыан сөп, кыайыылаахтары Артек, Океан, Орленок лааҕырдарга, Арассыыйа араас куораттарыгар ыҥыраллар. Онон оскуола уонна да атын тэрилтэ салайааччылара бу «Бастыҥнар Хамсааһыннарын» – «Движение Первых» күүскэ өйөөн оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар, үүнэллэригэр, сайдалларыгар толору кыаҕы биэриэхпит диэн эрэнэбит»
Онон саҥа үөрэх дьылыгар бу түмсүү кэннэ бары бииргэ, тэҥҥэ эдэр ыччаты, оҕо-аймаҕы, төрүт өйүгэр санаатыгар, тылын баайыгар, норуотун култууратыгар, айылҕатыгар, итэҕэлигэр олоҕуран төрөөбүт дойдутугар чугас буоларын туһугар, биир сомоҕо буолан, биир санаалаах элбэҕи билэн-көрөн, арыйан, сырдатан, бары өттүнэн сайдан иһиэхтин.
Уруйана.