Соторутааҕыта Дьокуускайга пауэрлифтиҥҥа, үс хамсаныыга Республика чемпионата буолан ааста.
57 кг. биһиги улуустан кэрэ аҥаардар ортолоругар Сабрина Абрамова кыттан бастакы миэстэни ылары ситистэ. Ол курдук штанганы сүгэн баран олорон турууга, приседка 100 кг, сытан эрэ өрө анньыыга, жимҥэ 50 кг, туран эрэ өрө тардыыга, становай тягаҕа 140 кг. көрдөртөөн, уопсай сууммаҕа 290 кг. оҥорон маастарга кандидат нуорматын эрэллээхтик 15 кг. аһары толордо.
Сабрина биһиэхэ оскуоланы бүтэрээт даҕаны кэлэн, дьарыгын саҕалаабыта. Республика чемпионатыгар бастакы кыттыытыгар боруонса, иккис кыттыытыгар былырыын үрүҥ көмүһү ылаттаабыта уонна 1 разряд нуорматын толорбута. Онтон быйыл Республика чемпионкатынан буолла. Ону таһынан КМС нуорматын толорбута кини сылын аайы эбиллэн испитин көрдөрөр.
Сабрина сүрдээх үлэһит, баҕалаах, биир да дьарыгы көтүппэт, тренер эппитин барытын толорон иһэр, ол да иһин эбиллэр буоллаҕа. Кини үс упражнениеҕа үһүөннэригэр үчүгэй, стабильнай. Ол гынан баран становай тягатыгар ордук үчүгэй ситиһиилээх. Үөрэ-көтө дьарыктанарын ордорор, сөбүлүүр.
Ити көрдөрбүт 290 кг. аны өссө 35 кг. эбэрбит буоллар, Уһук Илин, Россия түһүлгэлэригэр кыттан спорт маастара нуорматын толоруох этибит. Дьэ онно билиҥҥи кэмҥэ сыралаах үлэни, дьарыгы, дьулууру, тулууру таһынан, барарга-кэлэргэ үп-харчы быһаарар оруоллаах.
Н.Матаннанов.