1970 сыллаахха “Бег трусцой” диэн чараас кинигэ тахсыбыта. Онно бытааннык, бэдьэйэн сүүрүү туһунан суруллубут. Бег трусцой диэн тылы бэдьэйэн сүүрүү диэн сахалыы тылбаастаатым, эбэтэр бэдьэйии диэн. Бу сүүрүүгэ тыынарыҥ уонна сүрэҕиҥ тэбиитэ, пульсуҥ кыратык түргэтиир. Ол эрэн, аҕылаабаккын. Аҕылааһын диэн бу организмҥа кислород ситэ тиийбэтин туоһута буолар. Ону ситтэрээри киһи түргэнник, күүскэ тыынар – аҕылыыр. Бу бэдьэйэн сүүрүүгэ итинник буолуо суохтаах. Көннөрү тыынарыҥ уонна пульсуҥ арыый түргэтиир эрэ, аҕылаабаккын. Маннык 20 -25 мүнүүтэ да сүүрдэххинэ түөһүҥ, агдакаҥ улаатан, мөтөйөн тахсар. Ити аата организм кислородунан үчүгэйдик байбытын туоһута буолар. Тыынарыҥ сүрдээҕин чэпчиир, дуоһуйа-астына тыынаҕын. Өйүҥ-мэйииҥ үлэтэ чэпчиир, хараҕыҥ сырдаабыт курдук буолар. Сөпкө сүүрбүккүн итинник эккинэн-хааҥҥынан билэҕин. Маннык сүүрбүтүм кэнниттэн сүрэҕим үлэтэ тупсубута, холкутук, эрэллээхтик үлэлиир буолбута. Урут арыт үлэтин бэрээдэгэ кэһиллэр этэ. Манна сүрүннээн аҕылыа суохтааххын, көннөрү тыынарыҥ уонна сүрэҕиҥ тэбиитэ түргэтиэхтээх. Түөһүҥ, агдакаҥ улаатан тахсар, онон чуолкайдык билэҕин. Ити сөпкө сүүрбүтүҥ сүрүн бэлиэтэ буолар. Ону тутус. Манна эбэн этэбин физкультура диэн бу сөбүгэр ноҕорууска, киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр, киһи үйэтин уһатар. Спортка аһары күүстээх сыыһа дьарык, улахан ноҕорууска, киһи доруобуйатын кэбирэтэр, киһи үйэтин кылгатар. Улахан спортсменнар уһун үйэлэммэттэр. Бэдьэйэн сүүрүҥ, астына-дуоһуйа тыыныҥ.
Спордунан киһи барыта дьарыктаммат. Киhи барыта сахаачча буолбатах. Онтон физкультура киhиэхэ барытыгар туhалаах, наадалаах.
Михаил Тимофеев, суруксут Иван Васильев, Амма – Дьокуускай.