“Таатта” хаһыат 85 сылыгар

…Онно эн көр махтана

Былатыаннаах Махсыымы,

Сарыал уот былаахтара

Сардаҥара хамсыырын.

Сэмэн Данилов

Былатыаннаах Махсыым саҕаттан Нам-Таатта улуустарыгар доҕордоһуу талаһата ууруллан, уруу-хаан аймахтар кэриэтэ чугастык санаһан, улуу убайдарбыт сарыал уот былаахтарын сардаҥарда хамсатан, күн баччаҕа диэри истиҥник санаһар талба Таатта талыы дьонун “Таатта” хаһыата 85 сылынан эҥсилгэннээх Эҥсиэли хочотун, кыыс кэрэ Нам сирин 89-с хаарыгар сылдьар “Эҥсиэли” хаһыатыттан итии-истиҥ эҕэрдэ ыытабыт!

Тэрийээччи, көҕүлээччи уонна сырдатааччы үрдүк аналын толорон, улуус хаһыаттара, бука бары, үрдүк таһымҥа үлэни-хамнаһы тэрийэ, улууспут үүнүүтүн-сайдыытын түстэһэ, норуот санаатын сааһылаан, үөрүүтүн-хомолтотун тиэрдэ, сонуннарын ааҕааччыга хото иһитиннэрэ сырыттахпыт. Оттон “Таатта” хаһыат бу сүрүн сорукпутун дьоһуннаахтык толорорун таһынан, устар ууну сомоҕолуур уран-уус тыллаах, уу сахалыы төрүт тыллаах, олохтоох ытык төрүттэрин, удьуор ууһун ууһаппыт уруу-хаан аймахтарын инники күөҥҥэ тутан, 85 сыл устатын тухары улууска, нэһилиэктэргэ кэтэһиилээх хаһыат буолан, күн бүгүҥҥэ диэри сонуна сойбот, сэргэх кэпсээнэ уостубат.  Бу барыта суруналыыстар, хаһыатчыттар сыралаах үлэлэринэн, былаас уонна улуус олохтоохторун ситимиттэн ситиһиллэр.

Биһиги, намнар, Таатта диэн тылы иһиттибит эрэ сымныы түһэбит, улуу убайдарбыт  күүстээх, бэриниилээх доҕордоһууларын саныы биэрэбит. Итиэннэ сэһэҥҥэ сылдьар бу күүстээх доҕордоһуу үйэлэри уҥуордаан биһиэхэ тиийэ кэлбититтэн үөрэбит. Икки улуус доҕордоһуутун талаһата уурулларыгар “Таатта” уонна “Эҥсиэли” хаһыаттар улахан өҥөлөөхпүтүн астына саныыбыт.

Уруу-хаан аймах кэриэтэ чугастык ылынар талба Таатта талыы дьоно-сэргэтэ, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар хаһыатчыттар, суруналыыстар, общественнай корреспонденнар чэгиэн-чэбдик буолуҥ, бары баҕа санааҕыт туоларыгар, табылларыгар баҕарабыт. Сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын, суруйар суолгут тобуллан, арыллан иһиэхтин!

Эҕэрдэни кытта Нам улууһун “Эҥсиэли” хаһыат кылаабынай редактора Лена Ноговицына, хаһыат коллектива.

кулун тутар 18 күнэ, 2024 сыл.

Читайте дальше