Таатта улууһун охчуттара Мэҥэ Хаҥаласка ох саанан ытыыга ситиһиилээхтик кытыннылар

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олунньу 10-11 күннэригэр Никифоров Анатолий Васильевич 65 сааһыгар аналлаах төрүт ох саанан ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста. Күрэхтэһиигэ барыта 11 улуустан уонна 4 ох саанан ытыы кулууптан 200-чэ күрэхтэһээччи кыттыыны ылла.

Таатта улууһуттан 19 охчут турнирга ситиһиилээхтик кыттан кэллибит, салайааччыбыт Таатта улууһун  төрүт ох көрүҥ ытыы сүрүн тренерэ Галина Павлова.

Түмүккэ  дьахталларга Харбалаахтан бастыҥ иитиллээччим Ньургуяна Яковлева «Куобах» көрүҥэр иккис миэстэни ылары ситистэ. Уопсай түмүккэ 4-5-6 миэстэлэри Таатта дьахталлара ситистилэр.

Эр дьоҥҥо — Гаврил Вырдылин «Куска» иккис миэстэ, Виктор Тистяхов — «Куобахха» иккис, «Куска» үһүс уонна уопсай түмүккэ үһүс буолары ситистилэр.

Кэлэр өрөбүллэргэ Хаандыгаҕа рейтинговай күрэс «Кубок главы Томпо» ыытыллар, онно кыттарга бэлэмнэнэбит.

Ньургун Тистяхов, Харбалаах.

Читайте дальше