Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 үбүлүөйдээх сылын көрсө «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо, ыччат уопсастыбаннай хамсааһыннарын көҕүлээһининэн I улуустааҕы үөрэнээччилэр сийиэстэрэ ыытылынна.
Сайдыы суолун торумну ур кэскиллээх тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр оҥоһуктарын быыстапката тэрилиннэ, ылбаҕай ырыалаах ВИА бөлөҕө көрөөччүлэри умсугутта.
Сийиэс үөрүүлээх аһыллыыта биир санааҕа сомоҕолуу түмэр өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Хас биирдии дэлэгээссийэ үөрэнэр оскуолатын үрдүк аатын сүгэр, киэн тутта ааттыыр чулуу дьонун бэргэн тылынан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Улуустааҕы сийиэс норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай «Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин» бэргэн тылынан салайтаран, кэнэҕэски кэнчээрилэрбит сайдам саха тылынан үөрэххэ-билиигэ уһуйуллалларыгар, инники кэскили түстүүргэ, сайдар саҕахтары торумнуурга, саҥа суолу тобуларга туһуланна. Маҥнайгы улуустааҕы сийиэс үөрүүлээх чааһыгар үрдүкү салалта кэлэр көлүөнэ ыччакка кэскиллээх баҕа санаатын анаата.
СВЯТОСЛАВ СУНХАЛЫРОВ: ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ САЙДАРЫН ТУҺУГАР ҮЛЭЛИЭХХЭ, ҮӨРЭНИЭХХЭ!
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Тааттаҕа сэтинньи Былатыан Ойуунускай ыйынан биллэриллибитинэн эҕэрдэлээн туран, кэнчээри ыччат төрөөбүт Ийэ тылын өрө тутан, аныгы сайдыылаах «планета оҕолоро» норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай уонна Ытык Тааттаттан тахсыбыт саха интеллигенцията суруйан хаалларбыт бэргэн тылларыгар олоҕуран, этиллибит кэс тыллары суолдьут сулус оҥосто үүнэллэригэр баҕарда.
Таатта инники кэскилэ, үүнэр ыччата мындыр саха Саарыннара сайдыы суолун тутуһарга анаабыт тылларын, киэҥ билиилэрин кынат оҥостон, төрөөбүт дойдуларын ааттата туралларыгар баҕа санаа бастыҥын анаата.
ИННОКЕНТИЙ ДЯГИЛЕВ: БЭРТ МЭЙИИЛЭЭХТЭР ОМУК БААЙАДУОЛА, БАСТЫҤ ҮӨРҮЙЭХТЭРЭ, КӨЛҮӨНЭТТЭН КӨЛҮӨНЭҔЭ БЭРИЛЛИБИТ МУУДАРАҺЫГАР, ИЙЭ ТЫЛЫГАР ИҤЭ СЫЛДЬАР.
Улуустааҕы үөрэхтээһин салалтатын начальнигын солбуйааччы норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай үбүлүөйдээх сылын көрсө маҥнайгы улуустааҕы кэскиллээх сийиэс ыытыллара дьоһун суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Саха омук төрөөбүт Ийэ тылын сайыннарар, ис сүрэҕиттэн таптыыр, харыстыыр кэнэҕэски кэнчээрилээх, дьоһун ыччаттаах буоллаҕына, инникитэ кэскилээх буоларын сырдатта. Кэскиллээх саҕахтар сайдар аартыктарын арыйар үлэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарда.
ИЗАБЕЛЛА СИВЦЕВА:
САРГЫ-ДЬААЛЫ УЛААТТЫН, САХАЛЫЫ САҤА САТАРААТЫН, САХА ОМУК САЙЫННЫН!
А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ Изабелла Сивцева саха Саарына Былатыан Ойуунускай 130 сылыгар анаммыт улуустааҕы үөрэнээччилэр I сийиэстэрин сүрүн суолтатын, ис хоһоонун философскай санааҕа тирэҕирэн, киэҥ өйүсанааны саҕан билиһиннэрдэ. Аныгы көлүөнэ саха норуотун духуобунай лиидэрэ Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус «Омук тыллаах, сирдээх, итэҕэллээх буоллаҕына, омук быһыытынан тыыннаах хаалар» уонна П.А. Ойуунускай «Мин туйгун норуотум — айар күүс кыһата» — диэн эппит тылларыгар олоҕуран, өбүгэ ситимин тутан хаалар Ытык иэстээхпитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Саха киһитин сиэринэн кэлэр көлүөнэ Ийэ тылын-өһүн Ийэ, буор, салгын кутугар иҥэринэн улааттаҕына, өй-санаа, майгы-сигили, эт-хаан өттүнэн бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх, чөл куттаах буола үүнүөхтээҕин туһунан дириҥ санаатын үллэһиннэ.
Таатта кэскилэ төрүт өбүгэ саҕаттан кэлбит арчылыыр-араҥаччылыыр суолталаах Ийэ тыл сүдү күүһүн харыстыыр, сайыннарар Ытык иэстээҕин умнуо суохтааҕын, Таатталыы тыынын харыстыах тустааҕын бэлиэтээн туран, ӨЙ — ТЫЛ – ОМУК баар буоллаҕына, НОРУОТ баар диэн бигэ санаатын биллэрдэ.
Педагогическай наука хандьыдаата Изабелла Сивцева ыллыктаах санаатын биир дойдулаахпыт, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталлар учууталлара анал аат хаһаайына В.Н. Протодъяконов «Омук күүһэ тылыгар, тылын күүһэ өйүгэр» диэн бэргэн этиитинэн сирдэтинэн, үүнэр көлүөнэ аныгы сайдыылаах суолу түстүүр хайысхалары толору баһылаан, дойдуларын ааттата туралларыгар баҕарда.
Хас биирдии хайысханы улуустааҕы хамсааһын лиидэрдэрэ уонна уһуйааччы быһыытынан үрдүкү салалта, тэрилтэ салайааччылара иилээн-саҕалаан ыыттылар: «Үөрэх уонна билии» (М.Н. Луковцева, Кыдаана Маркова, Чэлгийээнэ Чупрова), «Саҥаны арыйыы» (А.В. Слепцова, Аслан Местников), «Үлэ, идэ, бэйэ суолун булунуу» (Е.Н. Андреева, Сахая Ефремова, Кеша Павлов), «Култуура, сатабыл» (Г.Г. Вырдылин, Костя Федоров, Хаарчаана Заворотная), «Үтүөнү үксэт» (С.В. Сунхалыров, Алексанна Корякина, Вика Филиппова), «Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу» (М.А. Попова, Жанна Алексеева), «Чөл олох: ситис уонна кыай» (Нь.М. Сабарайкин, Ньургун Захаров, Максим Толстяков), «Чэгиэн олох» (И.И. Бояров, Аэлита Петрова, Вика Аржакова), «Күннээҕи сонун» (Ж.Г. Бурмистрова, Ая Таппырова), «Норуоттар ортолоругар эйэлээх сыһыан» (Г.И. Неустроева, Коля Лазарев, Селена Большакова), «Айылҕа харыстабыла» (О.О. Игнатьева, Уля Маркова), «Алгыстаах айан» (И.Ф. Иванов, Оля Заболоцкая).
Оскуолалартан уопсайа 142 үөрэнээччи көхтөөх кыттыыны ылан, сайдар саҕахтары арыйар түһүлгэҕэ санааларын сайа этэн, кэскиллээх үлэ торумун оҥорон, бырайыактарын көмүскээн, саҥа саҕалааһыннары олоххо киллэрэр, сайдыыга сирдиир уурааҕы ылыннылар.
Видеоматырыйааллары бөлөхтөн талыллыбыт СМИ-лэр бэлэмнээтилэр.
Мария Павлова.