Тааттаҕа үлэ дьаарбаҥката ыытылынна (ВИДЕО)

Таатта нэһилиэгин дьаһалтатын аактабай саалатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы үлэ дьаарбаҥката ыытылынна.

Үгэс быһыытынан улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин көҕүлээһининэн ыытыллар тэрээһин сүрүн сыалынан олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыы буолар.

Бүгүҥҥү күн туругунан ханнык тэрилтэҕэ туох идэ ирдэнэр эбитий?

Улуустааҕы «Сатабыл» оҕону сайыннарар кииҥҥэ электрик уонна «Күн чөмчүүк» фольклор ансаамбылын салайааччыта

Ис дьыала салаатыгар икки суоппар, компьютер инженерэ, икки дознователь

ОДьКХ Тааттатааҕы филиалыгар слесарь, теплотехник инженерэ

Ойуур хаһаайыстыбатыгар тыа баһаарын бохсор үлэһит уонна быстах кэмнээх баһаары утары охсуһар үлэһит

Харбалаахтааҕы баһаары утары охсуһар сулууспаҕа «С» категориялаах 2 суоппар

Тааттатааҕы РЭС-кэ IV разрядтаах тырахтарыыс

Улуустааҕы социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ управление иһинэн үлэлиир сытар аҕам саастаахтары көрүүгэ 4 үлэһит ирдэнэр. Тэрилтэ үлэһит сөптөөх кууруһу ааһарыгар үөрэттэрэр.

«Таатта» ТХПК тэрилтэтигэр 2 лаборант, 2 үүт собуотун оператора, 2 эт сыаҕын үлэһитэ, үүт бородууксуйатын сүрүн технолога ирдэнэр. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбит  тымнытар оборудование уонна технолог  идэлээх 35 диэри саастаах испэсэлиис СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө дуогабардаһан, үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэргэ 15 тыһ. солк., орто үөрэхтээххэ – 12 тыһ. солк., начальнай профессиональнайга – 9 тыһ. солк. хамнаһыгар эбии төлөбүрү ылар. Дуогабарынан Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам улууһуттан уонна Тааттаттан анал үлэһиттэр кэлэн үлэлээбиттэр, сорохторо билигин да үтүө түмүктээхтик үлэлииллэр.

Үлэ дьаарбаҥкатыгар «Березка» оҕо саадын методиһа Светлана Николаевна Васильева 13 саастаах уол оҕо ырбаахытын киэбинэн сахалыы хомуһуолу тигии судургу ньыматын көрдөрөн, маастар-кылааһы ыытан, киэҥ сэҥээриини ылла.

Нэһилиэк олохтоохторо туһааннаах тэрилтэлэри кытары билсэн, сөптөөх үлэни булунаргытыгар сүбэлиибит.

Светлана Николаевна Васильева маастар-кылааһы ыытар түгэниттэн

Мария Павлова.

Видеоматырыйаалы бэлэмнээтэ Михаил КОПЫРИН.

Читайте дальше