Политическай репрессия ыар охсуута салайар талааннаах чулуу дьоммут олоҕун сарбыйбыта, бүтүн улуус инники сайдыытын атахтаабыта, кэнэҕэски кэскилин быспыта.
Таатта улууһунан ааһар «Халыма» Федеральнай айан суолун кытыытыгар ХХ үйэ 20-c, 30-с, 40-c, 54-c сыллар дьалхааннаах кэмнэригэр олоҕо суох буруйдаммыт биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт Мэҥэ тааска Таатта улууһун дьокутааттара, Октябрьскай нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэ салайааччылара, уопсастыбаннаһа түмсэн, ыар дьылҕаламмыт дьоммут сырдык ааттарын кэриэстээтилэр.
Өйдөбүнньүк бэлиэ Саппыйа алааска, Халамнаайы күөл кытылыгар, норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай тиһэх тылын эппит, дьонун-сэргэтин кытары бүтэһигин көрсүбүт Ытык сиригэр турар.Бэлиэ күн Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Андрей Семенов норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай дьонун-сэргэтин кытары тиһэх көрсүһүүтүгэр кэлэн тыл эппит историческай суолталаах Ытык сиригэр турар, улуус историятыгар дириҥ бааһы хаалларбыт, оччотооҕу кэми сырдатар, Мэҥэ тааһы улуус дьокутааттарын куорпуһа көрөн-харайан кэлбитин бэлиэтээтэ. Ойуунускай сырдык аатын кэриэстээн, Октябрьскай нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр субуотунньук көмөтүнэн үлэ ыытан, Мойуор Кулаковскай балаҕана тупсан, СӨ култууратын министиэристибэтэ 300 тыһ. солк. үбүнэн балаҕан дизайнын өйүүр түгэнигэр, бырайыагы оҥорорго бэлэмин иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ репрессия ыар содула хатыламматын туһугар, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ыҥырда.
Улуус дьокутааттарын Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов история көрдөрөрүнэн ааспыт алдьархайдаах кэмнэргэ үөскээбит көлүөнэ дьон норуот өстөөхтөрүнэн ааттанар уустук кэмнэригэр улахан политическай дьыалалар тэриллэн, үгүс дьон дьылҕатын быспытын билиһиннэрдэ. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ ыар буруйдааһыннар, үҥсүү суох буоларыгар баҕаран туран, Ытык сирдэри харыстааһыҥҥа уонна үйэтитиигэ үлэлэһэр Андрей Семеновка барҕа махталын биллэрдэ.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин, политическай репрессия Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр күнүгэр, Былатыан Ойуунускай бу Халамнаайы Эбэҕэ балыктаан, Дэлбэрийбит алааска түөлбэтин дьонун ортотугар иитиллэн тахсыбытын, киһи киэнэ кэрэмэһэ, аҕыс кырыылааҕа, саха Саарына буола улааппыт, Айыы бухатыырын курдук Айыы аймаҕын араҥаччылыыр аналлаах көлүөнэттэн биир чаҕылхайдарынан буоларын сырдатта. Саха аптаныамынай өрөспүүбүлүкэтин бастакы салайааччыта, бастакы Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата, саҕалаабыт үлэлэрэ күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар улахан салайааччыбыт, тыл эйгэтин бастакы учуонайа, 2005 сыллаахха нуучча, омук тылынан тылбаастаммыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото нематериальнай култуурунай нэһилиэстибэ быһыытынан киэҥ билиниини ылыныыта, бу барыта П.А. Ойуунускай хаалларбыт суола-ииһэ буоларын бигэргэттэ. Чаҕылхай киһибит дьылҕата хатыламматын туһугар, эдэр көлүөнэ ортотугар бэйэ-бэйэни түһэн биэрии тахсыбакка, хардарыта харыстаһан, инники диэки эрэллээхтик хардыылыырга ыҥырда.
Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, «Утум» түмсүү салайааччыта Полина Федоровна Кычкина репрессия кэмигэр Былатыан Ойуунускайы кытары сибээстэһэр нэһилиэк бэрэссэдээтэллэрин, биригэдьиирдэрин НКВД-лар Ытык Күөл Улахан Сайылыгар илдьэн ыйы-ыйдаан, сордоон-муҥнаан доппуруостаабыт түгэннэрин сэһэргээтэ. Оччотооҕу кэмҥэ кини аҕата ревком, Артыал бастакы биригээдэтин биригэдьиирэ Федор Еремеевиһи сопхуос сүөһүтүн өлөрдө диэн сымыйанан буруйдана сылдьыбытын сырдатта.
П.А. Ойуунускайы кытары оскуолаҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ сымыйа балыырга буруйданан баран, доҕордорун түһэн биэрбэтэхтэрин архыып докумуоннарыгар олоҕуран билиһиннэрдэ.
Саппыйа алааска сылдьан Былатыан Ойуунускай:
Туох билэр, баҕар, кэнэҕэс,
Эрдэ турбут сэһэнэ,
Хойут кэлбит хоһооно,
Төрүүр ыччат номоҕо буолуоҕум,
Оччоҕо көмүллүбүт көмүс буорбуттан
Аҕыс салаалаах Ача күөх от үүнүөҕэ… –
диэн туран ытамньыйан, үөрэммит оскуолатыгар сылдьыбытын сырдатта.
Таатта улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Попова улуу киһибит П.А. Ойуунускай 14-гэр реальнай училищеҕэ, Томскайга үөрэнэригэр 17 эрэ саастаах уол 1918 с. Рыдзинскай этэрээтин кытта сылдьыспыта. 1990 сыллаахха Прокопий Харлампьевич Андросов «Ойуунускай үөлээннэхтэрэ» диэн алтыһан ааспыт дьонун туһунан кинигэни таһаартарбытын сэһэргээтэ. Куйуурдаан баран, 11 саастаах оҕо сатыы үөрэнэ баран истэҕинэ, Былатыан сытыы тыллааҕын иһин, оҕустаах сыарҕанан ааһан истэхтэринэ олордуҥ диэн көрдөһөрүн дьээбэлээн: «Олоттохпуна, эн миэхэ тугу абырыаххыный, Хоочугур Уола?” — дииллэр эбит. Онуоха «Мин үөрэхтээх киһи буолан, норуоппар туһалыам этэ» – диирин истиҥ тылынан аҕынна. Ону тэҥэ, репрессия содулуттан үөрэппит учууталларын олохторо огдолуйбутун иһитиннэрдэ. Быйыл Былатыан Ойуунускай 130 үбүлүөйдээх сылынан, кини олоҕо бүтүннүү тоҕо хараардыллыбыт буолуохтааҕый диэн санааттан сиэттэрэн, «Ойуунускай дьоллоох киһи» диэн быыстапка оҥорор былааннааҕын билиһиннэрдэ. Түмүккэ биһиги дойдубут туһугар олоруохтаахпытын, тус интэриэспитинэн эрэ салайтарбакка, оҕолорбутун Ийэ дойдуну таптыырга үөрэтэн иитиэхтээхпитин, хас биирдии улуус дьокутаата патриот буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Улуус дьокутаата Петр Захаров Мэҥэ тааска суруллан турар сыыппаралар кэннилэригэр дьон дьылҕалара тиһиллэн, Таатталартан аан маҥнайгынан бириэмэннэй Бырабыыталыстыбаны салайа сылдьыбыт, улахан үлэни-хамнаһы оҥорон ааспыт Ельфидифор Егасов репрессияланан, кылгас олохтоммут киһибит сырдык аата үйэтитиллибэккэ сылдьарын сырдатта. Таатта улууһун бастакы суруксута Роман Федорович Кулаковскайы уонна Дьааҥы сиригэр Эһэ Хайа хаайыытыгар сырдык тыыннара быстыбыт Алексей Бояровы, Ананий Андреевы Таатта дьоно кэриэстээн, өйдөбүнньүк бэлиэни туруорарга тыл көтөхтө. Репрессия кып-кыра кыым, ук уган биэрииттэн саҕаламмытын, ааспыт кэм хартыыната эргийэн кэлбэтин туһугар, Таатта дьоно-сэргэтэ ил-эйэ эҥэрдээх буолалларыгар баҕарда.
Мэҥэ таас өйдөбүнньүк бэлиэтигэр киэҥ санаа этилиннэ, Тааттаттан тахсыбыт чаҕылхай дьоммут үтүө тылынан ахтылыннылар. Дьон-сэргэ өйдүүрүн, кэриэстиирин тухары кинилэр сырдык ааттара тыыннаах.
Мария Павлова.