Талаан киэнэ үс кырыылааҕа

(Кини сахалартан бастакынан  Арктика улуустарын хабан,  Саха Сирин барытын соҕотоҕун УАЗ массыынатынан кэрийбитэ)

Иһиттэх аайы , кэпсээҥҥэ да кэпсэнэригэр талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэр эрээри киһи биир талаанын ойуччу тутан кэпсииллэр, уос номоҕо оҥостоллор.

Бүгүҥҥү нүөмэргэ Дьүлэй нэһилиэгэр суруналыыстар десааннарыгар сылдьан, ыалдьыттаан ааспыт кэрэ сэбэрэлээх, сырдык хааннаах,  кэпсээн кэһиилээх, талаан киэнэ мааныта Клавдия Николаевна Аянитова туһунан сэһэргиэм, кинилиин кэпсэппиппин тиэрдиэм.

Бастатан туран, Клавдия Николаевналыын билсиим ынах этин атыылаһыыттан саҕаламмыта. Дьүлэй нэһилиэгэ ынаҕын этэ алаас отунан аһылыктанар буолан, саамай минньигэс эт диэн аатырар. Аны бөһүөлэк иһиттэн «ким көрөр ынаҕын этэ саамай минньигэһий» диэҥҥэ Клавдия Николаевна этэ «мраморнай» диэн буолла. Дьэ онно ойутан тиий. Тиийбитим — Клавдия Николаевна ампаарыгар киллэрдэ. Ынах этэ кырыы кырыытынан кэккэлэһэн, дьаарыстанан  сыталлар. Дьэ кырдьык мииннээх, бэртээхэй этинэн ол сыл кыстаатыбыт. Онно да көрдөхпүнэ Клавдия Николаевна бэрт сыыдам туттуулаах, сытыытык көрөн элэгэлдьитэр хотун хаан этэ. Таһыччы талаан киһи таһыттан да биллэр эбит. Онно сылдьан хас да бөрө аҥардаах ыттар иитиллэн туралларын көрдүм. Ол туспа кэпсээн. Булчутун туһунан улууска эмиэ билбэт киһи ахсааннаах буолуо. Кэлин айанньытынан билиннэ. Биир киһиэхэ дэлэччи талаан бэриллибитэ диэн сэдэх көстүү буолуо ээ. Итиннэ барытыгар дьулуур, тулуур, күүстээх санаа быһаарыылаах оруолу ылара саарбахтаммат даҕаны.

Дьэ биир-биир кэпсэтиибитин саҕалыах.

— Клавдия Николаевна, байанай ыйынан бастаан бултан саҕалыах.  Аан бастаан хаһан булка сылдьыбыккыный?

— Бастакы булт кус буоллаҕа дии. Оскуолаттан саҕалаан этэ. Оччолорго  билинҥи курдук күүстээх бобуу-хаайыы суоҕа, оҕо төрөппүттэриттэн көрөн тугу барытын тэнҥэ сылдьан үлэлээн да, көрөн да  үөрэнэрэ, этиттэрбэккэ дьиэтигэр барыны бары гынара. Төрөппүттэригэр  оҕо улахан көмө буолара, онон дьоно да оҕоҕо эрэлэ улахан этэ. Оҕо саа да тутан,  бэйэтэ бултуур. Оҕо  куска, куобахха сылдьарыгар долгуйуу суоҕа.  Улаатан эрэр оҕо олоххо улахан киһи курдук барыны бары сатыыр,  билэр, бэйэтэ бэлэм буолан тахсара. Билинҥи курдук оҕону батыһа сылдьыбаттар этэ. Эттилэр, сэрэттилэр — бүттэ, оҕо ону халбаҥнаабакка толороро.

— Булка уһуйбут, биллэн турар, аҕаҥ  кадровай булчут Николай Николаевич Аянитов буоллаҕа? Дьэ хайдах үөрэппитэй? Саатар уолаттарын буолбакка, кыра кыыһын?

— Аҕам андыга, куобахха илдьэ сылдьара. 10 кылааһы  бүтэрбиппэр 28-х  вертикаль саа бэлэхтээбитэ, онтон ыла бэйэм туспа саалаах булчуттар обшестволарын  чилиэнэ буолтум. Аҕам Айылҕаны наһаа сөбүлүүрэ, булчут бэрдэ,  хас да сыл чөмпүйүөн булчут буолта, булчуттар слеттарыгар республикаҕа ыҥырыллан,  12 мц автомат саа бэлэхтэтэн кэлбитэ. Онтун эмиэ миэхэ биэрбитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин  үтүөлээх үлэһитэ буолта, мэлдьи кыыл-сүөл туһунан интэриэһиргээн кэпсиирэ,  Сатаҕай диэн өбүгэлэрбит сирдэригэр улахан эбэҕэ андыга сытара, ол нэһилиэстибэ курдук миэхэ бэриллэн, уһуннук саас аайы тэринэн, оҥостон, андыга сытарым.

— Булт ханнык көрүҥэр ордук сөбүлээн сылдьаҕын?

— Онтон булду, Айылҕаны өрө тутан күн баччатыгар диэри кэллэҕим, олох ыһыктыбаппын, кыах,  күүс баарынан араас булка сырыттым.  Ордук хаас булдугар сылдьыбыппын аһары үчүгэйдик саныыбын. Биир ый кэриҥэ түҥ тайҕаҕа, үрэх баһыгар сылдьан үүтээнҥэ,  дугдаҕа сылдьан айылҕалыын алтыһыы, санаа хоту бултуур  дьикти үчүгэй буолар.

— Тэҥҥэ бултуур дьонуҥ туһунан кэпсиэххэ.

— Хара Алданҥа Новгородова Мотрёна Николаевналыын билсэн, кинилиин, бырааттарыныын бултуур этибит, өрүскэ илимнииргэ, хаастыырга онно үөрэнэн элбэҕи билбитим, көрбүтүм.  Хас да сыл онно бултаабытым.  Байым да бултуйуу буолара, Кэрэ да кэмнэр этилэрэ…

Чугастык саныыр Мотренам, хаарыан кэрэ киһи,  бу орто дойдуттан ыар ыарыыттан барбыта.  Дьэ кини диэтэх киһи билэрэ-көрөрө, сатыыра, бэркэ ытара таһыччы этэ, кадровай булчуттуу сылдьыбыт буолан үүтээннэрдээҕэ, элбэҕи  кэпсээбитэ.  Балыксыт бэрдэ этэ. Алданҥа куруук илимниирэ, моторкалаах талбыт көтүтэрэ, бэйэтэ туспа бултуур сирдэрдээҕэ. Билигин бырааттара бултууллар.  Баара буоллар бу айаммар арааһа барытыгар сылдьыһыа эбитэ буолуо. Итинник ыраах айанҥа хорсун , тугу барытын сатыыр аргыс наһаа наада бөҕө буоллаҕа…

-Бөрө аҥардаах ыттары иитэри хаһан саҕалаабыккыный? Туох сыаллаах ииппиккиний?

— Бултуур киһи үчүгэй булчут ыттаах буолуохтаах.  Киһи ыт көмөтүнэн, ыт киһи көмөтүнэн  бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн булчут буолаллар. Миэхэ үчүгэй хааннаах, тулуурдаах, кыахтаах ыты булка анаан таһаарар санаа кытаанахтык киирбитэ, ол инниттэн элбэх түбүгү, моһолу да көрсөн ытынан дьарыгырбытым, элбэҕи үөрэтэн, истэн, республика булчут ыттарын иитээччилэринээн сибээстэһэн,  биир бөлөххө  ырытыһан , араас быыстапкаларга, күрэстэргэ сылдьан, көрөн-билсэн, кэпсэтэн,  үөрүйэх  ылан, булчуттардыын сибээстэһэн,  үлэ бөҕө барда.

— Мээнэ киһи санаммат үлэтэ буолуо ээ.

— Бу биир-икки сыллаах үлэ  буолбатах. Ыты таһаарыы, атыыры, тыһыны талан, кэтээн-манаан, көрөн-харайан ииссиһиннэрэн, оҕолорун булчуттарга биэрэн, бултатан, хайдахтарын  кэтээн көрүү, үчүгэй, куһаҕан хаачыстыбаларын учуоттааһын барар.  Быһата түбүк  киэнэ кытаанаҕа. Аны  адьас дьиҥ булчуттарга биэрэн эрэ киһи билэр ытыҥ оҕолоро хайдахтарын, уһун сыллаах үлэҥ түбүгүн. Аны ол хаанын суураллымыан наада ээ. Билигин улахан билиилээх, ытынан дьарыктаммыт Дальнай Востокка ыттарынан аатыра сылдьыбыт  киһилиин бииргэ үлэлиибит, онно биир ытым тиийэн турар, мин ытым хааныттан быйылгы оҕолоро, 9 ыйдарыгар тайахха  олох үчүгэйдэрэ билиннэ, улахан ыттардыын тэнҥэ сырыттылар, өссө бэйэтэ  булан туруорбут диэн кэлбитэ. Бу бөдөҥ кыахтаах бөрө хаана киирбит ыттара, бэһис көлүөнэлэр, чугас хааны убатан, үчүгэй ыттарга холбоон ылыллар. Мин ыты көрөн сүүмэрдээн тутабын.  Суолдьут диэн олус өйдөөх ыттаах этим, бөдөҥ-садаҥ, сытыары сымнаҕас, ол удьуорун таһаара сатыыбын. Ол ыты дойдум дьоно бэккэ билэллэр, туртаһы тутар ыт этэ, дьон туртаһы ыт туппат диэн элбэхтэ мөккүһэллэр да,  ол ыт таах тутара, кыаҕа, өйө бэрт этэ, куска атаххын ууга уктарбат, тыы тайма наадата  суоҕа. Киһиэхэ биир үчүгэй ыт кэлэн ааһар дииллэр , олортон мин Суолдьуппун ааттыам этэ.

— Айанныыр санаа хаһан киирбитэй?

— Сыыйа буоллаҕа. Итинник айаннарга мин оҕо эрдэхтэн анаммыт курдукпун эбит.  Кыыс оҕо оонньуур куукулатынан оонньообокко, уолаттары, убайдарбын кытта тэҥҥэ сырсан, эрдэттэн саа тутан, куска, андыга дугда оҥостон сытан, бултаан, тыаҕа, сиргэ, айылҕаҕа соҕотох сылдьан, хонон,  сүөһү, сылгы ииттэн, онно кыһыннары-сайыннары түбүгүрэн 20 сүөһү айаҕар бэйэм оттоон, техникаҕа тракторга, араас охсору, мунньары, от тиэйэр бырысыабыгар тиийэ оҥостон, эр дьоннуун тэнҥэ тимири кытта тииһэн-тааһан, сваркаҕа сылдьан.  Мотоциклтан саҕалаан Т-25, ЛТЗ трактордарынан үлэлээн-хамсаан, Уаз массыыналарынан  көтүтэн, ходуһам сирдэрин  бэйэм оҕустаран, мустаран, алдьаннахха куйааска буһан, бырдахха сиэтэн, ходуһа ортотугар отуу оҥостон, сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан, ынах ыан, дьиэ-уот көрөн, оттоон тыа киһитин түбүгүн барытын ааспытым. Эдьиийим уола, уолунаан көмөҕө кэлэллэрэ, куораттан бэл саҥа хотон туттаары, эргэбин бэйэм көтүрэн, тиэйэн, саҥа маһы деловойдаан, каркааһын, холлоҕоһун дьонҥо туруортаран баран, онтон атынын бэйэм, үрдүн, муостатын ааннарын, түннүктэри, долборук хотон муннуктарын, кунуһун ситэрэн оҥорон, бэйэм үлэлиирбэр табыгастаах гына учуоттаан, сүөһүбүн саҥа хотонҥо киллэрбитим.  Итиннэ барытыгар олоххо бэлэм буолуу уопута ааһар эбит.

— Соҕотоҕун айанныыргыттан куттаммаккын дуо?

— Куттаныам этэ,  тугу да сатаабатым буоллар, араас үлэҕэ, түбүккэ эриллибэтэҕим буоллар, элбэхтэ кэлэн баран сүүрдүбэтэҕим, техникаҕа сыстаҕаһа суоҕум буоллар, айылҕаҕа сылдьа үөрэҕэ суоҕум буоллар, бэл, бадараанҥа батыллан хостонуу эрэйин  көрсүбүтүм туһа, улахан үөрэх эбит.  Дьэ итинник оскуоланы ааһан диэххэ дуу, киһи бэйэтигэр эрэлэ улаатар, барытыгар бэлэм курдуккун, араас ыарахаттары көрсөргө  уолуйбат, куттаммат, эбиитин куруук соҕотох дьаһана үөрэммитиҥ хайа да түбэлтэҕэ толлубат буоларга кынаттыыр. Миэхэ. хайдах эрэ тугу эрэ улаханы гыныахтааҕым эрдэттэн бэриллибит, биллэр курдук эбит, тугу эрэ ситиһиэхтээҕим,  ыраах  айаҥҥа угуйуллан тахсарбар, эрдэттэн олук үктээн, бэлэм бөҕөнү ааспыт эбиппин.

Дьэ ити курдук айан иилии эргийэн көрөр, билэр баҕа күүһүрбүтэ  Тоҕо итиччэ ыраах өссө соҕотоҕун айанныыгын диэн ыйытааччылар, Хас биирдии киһи тус-туспа эйгэлээх, көрүүлээх, санаалаах, дьоҕурдаах, Бары биир эбиппит буоллар, олорор олохпут интэриэһэ суох буолуо эбитэ дуу, биир өттүнэн көрдөххө араас дьон баар буолан олох сайдан, иннин диэки баран истэҕэ.

— Дьэ бу ыраах сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан, туох санаа киирэрий? Дьоммутун кытта үллэстиэххэ.

— Биһи Сахабыт киэҥ нэлэмэн иэнэ сүрдээх кэрэ, бэйэ бэйэлэригэр майгыннаспат айылҕалаах, ол эрээри хайа да уһук муннукка тиийдэххэ биир өйдөөх санаалаах, олохтоох эбиппит. Саха тыла ханна баҕарар баар, кэпсэтэҕин. Онтон биһи сирбитигэр атын тыллаах, культуралаах, олохтоох, өйдөөх-санаалаах  хас эмэ государства киирэн хаалар ээ. Биһи буоллаҕына киэҥ сиргэ тарҕанан олордорбут да биир тыллаахпыт, Саха тыла-өһө сүппэт, онон  Дойдубутун харыстыахха эрэ наада дии саныыбын.

Элбэҕи сүүртэҕим.  Бүтүн Сахам сирин иилии эргийэрбэр, ону таһынан, Магаданҥа, Чукоткаҕа, Амурскай уобаластарынан сылдьарбар элбэх бириэмэ. ыраах араас суоллары көрүстэҕим дии. Биир сылынан тилэри сүүрдүбэккин.  Биһиги  Сахабыт сирэ,  дойдубут киэҥ иэнэ, суола ииһэ ыарахана,  үксэ хоту кыһынҥы эрэ зимниктэринэн суол аһыллар. Ити биир сыллаах айан буолбат. Мин биир сырыыбар хас эмэ улууһу ааһан айанныыбын. Холобура,  киин улуустары ааһан, Ньурба, Сунтаар, Мирнэй, Удачнай, Өлөөн, Анаабыр, Булун, Таймылыырыгар тиийэ 12 улууһу ааспытым, «Два полюс холода» сырыыбар, Томпо, Верхоянскай, Усуйаана, Абый, Аллайыаха, Муома, Өймөкөөн.

Хас биирдии сырыым туспа суол-иис, араас түгэннэр, моһоллор  тарыҥнар, тибиилэр, араас хайа переваллара, прижимнара, туундара, иннэ- кэннэ көстүбэт, биллибэт дойдулары аһаталаан,  көрсүтэлээн , Сахам сирин устун айаннаатым аҕай.

— Саамай ыарахан сырыыгынан ханныгы ааттыаҥ этэй?

— «Якутск — Чукотка» маршрутунан барыым элбэх моһоллоох этэ, тибии бөҕө, суол лаҕырхайа, кыараҕаһа, 25 күммүн ылбыта Өймөкөөн, Муома Үөһээ, Орто, Алараа Халымалары ааһа түһэн Чукоткаҕа Билибино  тиийбитим. Ханнык баҕарар айан бэйэтэ тус туспа сырыы-айан, сыала-соруга да оннук   буоллаҕа… Чукотка курдук ыраах айанҥа аара тибиигэ түбэһэн, аара алдьана-алдьана, соҕотох түүннэри оҥостон, хой баһа биир киһи чугаһынан  суох сиригэр, тибии быыһыгар… Итинниккэ түбэһэргэ ити мин үөһээ ахтан аһарбыт бэлэмим үөрэҕэ баар буолан ыксаабакка дьаһанар буолан, онтон айаннаатаҕым дии, ким да аттыгар көмөлөһөр киһитэ суох, кэпсэтэн аралдьыйар да киһитэ суох, солбуйан ыытар киһим бу айаным былаһын тухары суоҕа, сылайдахха, тохтоон утуйан ыла-ыла инним диэки баран иһии. Онон бу айаннарым барыта бэйэм эрэ кыахпынан ааспыттара.

— Аргыс көрдөөччүгүн дуу?

— Маннык айанҥа сөптөөх аргыс олох көстөөччүтэ суох, Ким да итиччэ ыраах барыан саллар буоллаҕа. Айан ырааҕа, уустуга, кырата ый  аҥарыттан ордук, ыйга тиийэр сырыылар, иннигэр туох күүтэн турара биллибэт, араас алдьаныы, моһол, суол уустуга, хаһан ханна да эйиигин ким да   көрсүбэт, кэтээн турбат. Аргыс, массыыната суох. Барытыгар бэйэҥ эрэ, онно дьэ эр санаалаах, куттаммат, хайа да түбэлтэҕэ түргэн быһаарыныыны ылар, техниканы билэр, ыксалга оҥостор, тугу да көрөн турбат, барыга бэлэмнээх киһи тулуйан сылдьар айаннара. Ыйы быһа дьиэҥ массыына, онно аһаан, утуйан, биирдэ эмэ дьиэҕэ-уокка түһэн, суунан-тараанан, сынньанан ааһаҕын. Ити хоту сырыыларга.  Дэбигис итинник сылдьыһар аргыс көстүбэт, ол иһин ити соҕотох барарым да баар суол.

— Дьэ оттон айаныҥ табыллан, дьон бөҕөнү кытта билсэн, этэҥҥэ эргиллэн кэллэххинэ эн саҕа дьоллоох киһи суох?

— Бу айаннарым этэнҥэ түмүктэннэн, дойдум сиригэр үктэннэхпинэ, үөрүү, кыайыы! Бэйэбэр эрэлим күүһүрэн,  маннык ыраах сырыылартан киэн туттуу баар  буолар. Уонна  дойдубун, Сахам сирин бүүс бүтүннүү көрбүппүттэн, билбиппиттэн астыныы! Кимҥэ баҕарар оннук дойдуга сылдьыбытым, дьон олоҕун көрбүтүм диэн кэпсииргэ бэлэммиттэн үөрэбин.

— Бу айанныыргар ким көмөлөһөр, үбүлүүр?

— Суох,  ким да үбүлээбэт, өйөөбөт. Биир эмэ табаарыс, доҕор,  кылааһынньыктарым Олег Дмитрьевич Осипов, Наталья Михайловна, Юрий Перович Турниннар, Ханина Светлана Ивановна,  уруккута ыалым, көмөлөспүттэрэ. Кинилэргэ түгэнинэн туһанан барҕа махтал тылларбын тиэрдэбин! Дьолу-соргуну, ситиһиини баҕарабын!

Аны  сыллата айанныыр буолан тура-тура көмө эрэйбэккин буоллаҕа, оннук көмө көрдөһөр айылгыбар суох да эбит. Дьэ ол иһин айанныам быдан инниттэн былааннанан экономияланан, сыалбын-сорукпун барытын онно уурабын. Айанныам иннинэ массыына оҥостуута, көрүнүүтэ элбэх үбү эрэйэр. Онтон техникаҥ эрэ үчүгэй, эрэллээх буоллаҕына сырыыҥ табыллар, айаныҥ барыта онтон тутулуктаах.  Сүүрдэн көрө-көрө массыынабын күүскэ оҥостон, оҥотторон бэрибиэркэ кытаанаҕын ааһабын, сөп буолбут дии санаатахпына айанҥа турунабын, наар уаз массыыналарга олорбут буолан син элбэх үөрүйэҕи  аастаҕым, тыаһыттан  туга моһуогурбутун  тута билэбин. Айанҥа элбэх бензини үрдэрэҕин, куруук тиэнэ сылдьаҕын, центнерынан бензины, тоҕо диэтэххэ ханна тиийэн туруоҥ биллибэт  уонна хоту айан ыраах буолар, куруук түүннэри-күннэри үлэлии сылдьар массыынаҕа саппаас элбэх наада, гараж да дэриэбинэҕэ хоту көстүбэт.

— Киһи санаата ханна тиэрдибэтэҕэй диэ…

— Маннык элбэх бэйэттэн ороскуоту сүгэн айанныырга, дьиҥнээх баҕа күүһэ, туох да орускуотун аахпат, туспа  сыаллаах, соруктаах киһи сылдьар. Мин да барыам этэ диир дьон өйдөөбөттөрүттэн тута этинэллэр, дьиҥ иһэ сүрдээх ыарахан, бэйэ күүһүнэн ыраах, бэйэҥ массыынаҕынан тэринэн, ыйы ыйдаан кэриэтэ айанныыр. Аны мин туруоруммут сыалбын толорон тэйэбин, аараттан самнан-толлон төннүбэппин, алдьаннахха оҥосто -оҥосто, саппааспын булбатахпына аараттан дьону булан көрдөһөн, ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардарынан  аҕалтаран, кэтэһэн оҥостон, билбэт ыалбар көтөн түһэн билсэн, хонон-өрөөн,  айаммын салгыыбын, төһө да араас эрэйдэри көрүстэрбин туруоруммут сыалбын толорон тэйэбин . Ону мээлэ киһи тулуйбата буолуо дии саныыбын, ол иһин аргыс көстүбэт буолааччы.

— Дьэ аны өссө биир дьикти буолбут дии. Ол туһунан сырдатыахха эрэ.

— Ый кэриҥэ уһун айантан   төрөөбүт дойдум, Дьүлэйим, аартыгар  «һуу, этэҥҥэ эргилинним ээ»  диэн үктэнним. Арай ол турдахпына дьиктитэ — кулгаахпар ырыа тыла уонна мелодията иһилиннэ. Ону мелодист Илья Константинов тупсаран, «Дойдум ахтылҕана» ырыа буолан таҕыста:

Сындылҕан айантан сылайан,

Ыраах да ыырданан, суолланан,

Киэҥ сирдэр иэннэрин кэрийэн,

Ыллыкпар, Дойдубар, эргийдим.

Аартыгым ааныгар тураммын

Ахтылҕан күүһүгэр куустардым.

Тэлэһийэн сылдьан суохтаатым

Төрөөбүт мин дойдум күндүтүн!

Дьол диэн араас буоллаҕа, киһи киһиэхэ араастык бэриллэр. Сорох  бэйэтин дьиэ кэргэнин олоҕо этэнҥэ буоллаҕына дьоллооҕунан ааҕынар, оттон сорох   туруоруммут  сыалын ситэр буоллаҕына бу эмиэ дьол  диир. Киһи дьолу, биитэр ситиһиини араас өттүттэн көрөн сыаналыыра эмиэ туспа буолар, — диэн биир ураты сахалыы ийэ өйүнэн көҥүллүк олоҕун салайынар дьоһун киһини кытта, булчут, айанньыт Клавдия Николаевна Аянитованы кытта сэһэргэһиим түмүктэннэ.

Сөҕөҕүн эрэ дьон маннык күүстээх санаалааҕыттан. Клавдия Николаевнаҕа бары үтүөнү баҕара хаалабыт. Оттон кини… тиэтэйэ-саарайа, сааһырыы диэни билиммэккэ, остуол тенниһинэн дьарыктана спортивнай саалаҕа сүүрдэ… Дьоллоох түгэннэр өссө да үксүү турдуннар!

 

Анна Посельская.

Читайте дальше