Туһалаах эрчиллии

Приседание – накыйыы диэн тылбаастаатым. Накыйыы, бу эрчиллиини күн аайы оҥоро сырыттаххына, күн аайы тахсан киирэргэ көмөлөһөр. Бу искэ ас буһуутугар уонна эт-сиин атастаһыыта (обмен веществ в клетках организма) тупсубутун, олус үчүгэйдик үлэлээбитин туоһута буолар. Мантан ордук дакаастабыл наадата суох. Эрчиллиини күҥҥэ хаста да оҥорор ордук. Биир сырыыга төһө кыайаргынан элбэхтик, 30-50-100, онтон да элбэхтик оҥорор туһалаах. Төһөнөн элбэх да, соччонон үчүгэй. Ордук хонтуораҕа хамсаабакка олорон эрэн  үлэлиир дьоҥҥо туһалаах. Маннык эрчиллиини оҥорон бардаххына, иккис-үһүс күнүттэн туһатын билэн бараҕын. Бу эрчиллии оҕолортон аҕам саастаахтарга тиийэ туһалаах, киһиэхэ өрүү аргыстаһар аргыс буолара сөптөөх. Саастаах дьон маны туохтан эмит тутуһан оҥороллоро ордук. Оронтон тайанан, олоппос өйөнөрүттэн тутуһан, остуолтан, түннүк сэҥийэтиттэн тутуһан оҥоруохха сөп. Бэл диэтэр, бэйэҥ тобуккуттан тайанан оҥороҕун. Мин бу эрчиллиини ардыгар эрэ туттабын, күн аайы оҥорбоппун.

Михаил Тимофеев, суруксут Иван Васильев, Амма – Дьокуускай.

Читайте дальше