АЛТЫННЬЫ 14 КҮНЭ
ТУРНИН АЛЕКСЕЙ ЕГОРОВИЧ
Төрөөбүтэ 95 сыла
(14.10.1928 – 30.09.1995)
Биһиги аҕабыт Тупнин Алексей Егорович 1928 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Таатта улууһун Күнээйи нэһилиэгэр орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Тарасова Ирина Ильинична Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх, төрөппүт аҕата Турнин Егор Ионович аҕабыт кыратыгар өлбүт, ииппит аҕата Кириллин Павел Митрофанович.
Аҕабыт төрөппүттэрэ отутус сылларга “Бойобуой” холкуоска чилиэнинэн киирбиттэрэ. Бачча улаатаат да холкуостаах оҕотун быһыытынан сайын аайы хонуу үлэтигэр эриллибитинэн барбыта. Сэрии сылларыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ күүһүн харыстаабакка үлэлээн Кыайыыны уһансыбыта. Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта, тыыл ветерана буолбута.
Аҕабыт Чөркөөх, Мырыла оскуолатынар уорэмит. 1943 сыллаахха Чөркөөх ситэтэ суох орто оскуолатын бүтэрээт, Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ киирбит. 1946 сыллаахха үһүс курсу бүтэрэрин кытта Саха АССР үөрэҕириитин миниистэристибэтэ учуутал тиийбэтинэн сибээстээн, 17 саастаах уолу Томпо оройуонугар үлэҕэ ыыппыта. Онно эбээн оҕолорун үөрэтиигэ эргэ Томпо ситэтэ суох орто оскуолатыгар учууталынан, Адычча начальнай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн 5 сыл үлэлээбитэ. Үлэлии сылдьан эбээн тылын үөрэтэн кэпсэтэр буолбут. Онтон кэлэн ситэри үөрэнэн Чурапчы педучилищетын бүтэрбит. Ол кэннэ кинини Төҥүлү орто оскуолатыга учууталынан анаабыттар. Онтон Төҥүлүгэ 1952-1959 үөрэх дьылыгар үлэлээбит. Онно үлэлии сылдьан, билсэн, фельдшеринэн үлэлии сылдьар Төҥүлү кыыһын, биһиги ийэбитин Попова Марина Ильиничнаны кэргэн ылбыт.
1953 сыллаахха Саха государственнай университетыгар литературнай факультетка саха тылын уонна литературатын отделениятыгар үөрэххэ киирбитэ уонна 1957 сыллаахха бүтэрбитэ. Студенныыр сылларыгар спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта: сүүрүүнэн, хайыһарынан, баскетболунан.
Ытык Күөлгэ кэлэн 1957-1959 сылларга орто оскуола директорынан үлэлээбит. 1959 сыллаахха коммунистическай партия кэккэтигэр киирбит. 1959 сыллаахха ССКП райкомун пропогандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. 1961 сыллаахха РОНО инспекторынан анаммыт. Ол дьылтан 1965 сылга диэри орто оскуолаҕа иккистээн директорынан үлэлээбит.
РОНО-ҕа үлэлиир кэмнэригэр тустууга тустууга дьоҕурдаах оҕолору Чурапчыга Куоркуҥҥа үөрэттэрэ ыытар. Ити кэмҥэ үөрэммит оҕолор Илларион Федосеев, Владимир Андросов о.д.а. улуустарын, республикаларын үгүстүк ааттаппыттара.
1965 сыллаахха партия холкуостары бөҕөргөтүүгэ уопуттаах салайар үлэһиттэри тыа хаһаайыстыбатыгар ыытар кэмигэр Алексеевскай оройуон Ленин аатынан холкуоһугар бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. Онно 1967 сылга совхозтар тэриллиэхтэригэр диэри үлэлээбитэ.
1967 сыллаахха Алексеевскай оройуонун норуотун үөрэҕэриитин отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Онно сэттэ сыл үлэлээбит. 1974 сылтан оройуон идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
1976-1984 сылларга Алексеевскай оройуон райсоветын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу үлэтигэр оройуон туһатыгар олус бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бары дьоҕурун, сыратын толору биэрбитэ, дьон убаастабылын ылбыта.
1984-1989 сылларга агропром хаһаайыстыба профсойууһун оройуонааҕы комитетын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Манна пенсияҕа тахсыар диэри тахсыылаахтык үлэлээбитэ.
Аҕабыт спорт диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ. АПХ профсоюһугар үлэлиир кэмигэр профсоюзтары туһанан элбэх спортивнай саалалары туттарбыта.
Ити кэниттэн улууска пенсионнай фонда тэриллиитигэр кылаабынай уполномоченнайынан ананан үлэлээбитэ. Бу фонда биһиги улууспутугар атаҕар туруутугар туох баар сыратын биэрэн туран 1995 сыллаахха өлүөр диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үлэлээбит ыстааһа 50 сылтан тахсыбыта.
Кини улууһун сайдыытыгар эҥкилэ суох үлэтэ – хамнаһа “1941-1945 сс.килбиэннээх үлэтин иһин” Сталин төбөлөөх мэтээлинэн, “ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэнэн, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах мэтээлинэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Грамотатынан, ЯОСПС Бочуотунай Грамотатынан, “ССРС спордун ветерана” бочуоттаах аатынан бэлиэтэмиттэрэ. Тыыл үлэ ветерана ааттара иҥэриллибит.
Аҕабыт 1995 сыд балаҕан ыйын 30 күнүгэр суох буолбута.
Алексей Егорович Турнин кинигэтиттэн. – Ытык Күөл 2016. – С. 299-300
Туһаныллыбыт кинигэ — Таатта — 2023 ытык бэлиэ күннэр, стр 78-90.
Таатта — 2023 : библиографическай справочник / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ, Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэр көнүл түмсүүтэ.