Мин быйыл тутааччы-инженер үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолбутум 50 сыла буолла. Итинтэн кыратык бэйэм диэки халыйдахпына, арааһа, биһиги аймахха уонча техническэй испэсэлиис идэтин ылбыт үлэһит баар.
Улахан убайбыт инженернэй факультет бастакы выпускниктарыттан биирдэстэрэ этэ. Миигин уонна атын инженердэри, техниктэри аахпатахха өссө 4 инженерстроитель таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Иллэрээ сыл биир тутуу бырайыагар үлэлиир уолбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута.
Маҥнай үлэбин саҕалыыр үс сылбар «Эдэр испэсэлиис» диэн трест быһаччы салайыытыгар үлэлиир буолан, үс оройуоҥҥа көһө сылдьан үлэлээбитим. Онно Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Чурапчы тутар учаастактарыгар тутуу маастарынан, прорабынан сулууспалаабытым. Тус-туһунан суоллаах-иистээх тэрилтэлэргэ, испэсэлиистэри кытары алтыспытым кэнники үлэлиирбэр олус туһалаабыта, көмөлөспүтэ. Биир улахан тутуу оскуолатын республика капитальнай тутууга управлениетыгар техническэй хонтуруол дуоһунаһыгар үлэлээн ааспытым буолар. Ити кэмҥэ Миниистирдэр Сэбиэттэригэр биир улахан управлениетын Микалаюнас Чеслав Степанович диэн литовец төрүттээх киһи салайара. Атын управлениелартан уратыта диэн кини олохтоох кадрдары үөрэттэрэн үлэлэтэрэ. Хас биирдии хонтуруоллуур эбийиэктэрин техническэй, финансовай, комплектация өттүн билэргин управление дьоно барыта баарына экзаменныырын таһынан, миэстэтигэр райком, райсовет салайааччыларын, бэдэрээтчиттэри кытта хайдах кэпсэтэргэ тиийэ «киһи үлэлиирин тухары үөрэнэр» диэн такайара, сүбэлиирэ.
Тутуу күнүгэр М.Е. Николаев дакылаата
Инженер үлэтин саҕалаан баран бастакы Тутааччылар күннэрин Үөһээ Бүлүүгэ ылан турабын. Онно Бүлүүтээҕи 1125 нүөмэрдээх ПМК, Үөһээ Бүлүүтээҕи учаастагар прорабынан иккис сылбын үлэлиирим. Оройуон райкомун бастакы сэкирэтээрэ М.Е. Николаев быһаччы дьаһалынан ити күн бэлиэтэммитэ. Аны санаатахха киэҥник да тэрийэн ыыппыт эбиттэр. Совхозтар тутааччылара, тутуу учаастага, ПМК мелиорация баазатын оҥорор татаардар, сельхозтехника мастерскойун тутар ингуштар театрга батар-баппат хас эмэ сүүһүнэн киһи мустан, М.Е. Николаев нууччалыы дакылаатын сэргээн истибиппит. Онно «Тутуута суох туран хаалыы — кэхтии», «Тутуу — саҥардыы, сайдыы» сахалыы дьиппинитэн эппитэ иҥэн хаалбыт. Ол да иһин улахан хамсааһыны таһааран, сайдыы суолун тутуһан, үгүс тутуулары ыыттаран, дьону инники кэскилгэ сирдээбитэ. Тэрилтэлэр көҕүлээһиннэринэн өйгө-санааҕа хаалар тутуу ыһыахтарын тэрийтэрбитэ.
Тыын суолталаах тутуулар
Оччолорго 1955 сыллаахха коммунист партия салайааччыта Н.С. Хрущев Жигулевскай ГЭС тутааччылар үлэлэриттэн сөҕөн, Тутааччылар күннэрин олохтоон турар. Онтон ыла атырдьах ыйын иккис өрөбүлэ — Тутааччылар күннэринэн буолбута. Онон бары тутааччы идэлээхтэри уонна тыа сирин бары олохтоохторун идэлээхтэр бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибин. Төһө да сэбиэскэй тутул суох буоллар, ол кэмҥэ үлэлээн ааспыт дьон туппут дьиэлэригэр-уоттарыгар соччо куһаҕана суох олоҕу олордохпут. Ити кэмнэргэ тыа сиригэр тутуу син барар этэ диир сыыһа буолбатах эрээри, ити ЭТЭ диэн эбилик мээнэ туттуллубата. Дойду былаанныыр хайысхатыгар тыа сирин тутуутугар кииннэммит анал үбү туһаныы тиийбэтэ, биһиги оройуоҥҥа сүрүннээн оҕо тэрилтэлэрин эбийиэктэрэ тутуллубуттара. Билигин урукку сэбиэскэй барыта сибиэтилэй курдук ахта саныырбыт буолуо да, дьон олоҕун тупсарыы өттүгэр үлэ бэрт ыараханнык ыытыллар этэ. Аҥардас икки холобуртан ылан көрдөххө: Ытык Күөл урукку оскуолата эмэҕирэн, истиэнэҕэ ыйаммыт тэллэй нагляднай пособиеларга тиийэ тахсан, түһээри гыммыт өһүөлэргэ тулааһыны эбии туруоран, өйөөн, сууллар буолла диэн үөһээ биллэрэ сатаан баран, күүспүтүнэн сабан кэбиһии кэнниттэн эрэ биирдэ саҥа оскуола тутуутун туһунан кэпсэтии, дьэ, барбыта. Дьүккүөрдээх туруорсууну, киирсиини да диэххэ сөп райсовет председателэ Г. М. Артемьев ыыппыта, бакаа, кыра оскуола эҥин диэн барыйааннарга бэриммэккэ, улахан оскуола туттаран, үөрэнии усулуобуйатын лаппа тупсарбыта. Эмиэ ити эргин, сорохтор билигин өйдүүллэрэ буолуо, сытан эмтэнэр балыыһа дьиэтин туругун, дьиэ эргэрэн, сууллаары саккырыы турар үрдүн, роддом өттүгэр өһүө тостон, отопление турбатыттан иҥнэн өйөнөн турбутун балыыһа саамай универсал үлэһитэ Тарас Андросов мас өйөөһүннэри туруоран баран, төрөөрү киирбит дьахталларга анаан, «Аннынан сылдьымаҥ, кутталлаах!» сурук ыйаабытын да үрдүнэн билиҥҥи баар балыыһа комплекса, урукку мас балыыһа эргэ туругуттан тахсыбыт түбэлтэтин кэнниттэн эрэ тутуллар буолбута. Ол быһаарыныы республика эрэ буолбакка ССКП КК таһымынан кытта ылыллан, тутуу бүтүн союзтааҕы коммунистическай субботникка киирбит үп харчытынан барбыта. Ол үбүлээһин тиийбэккэ 8 миэстэлээх инфекционнай корпус комплекса кыайан олоххо киирбэтэҕэ. Ити тыын суолталаах тутууларбыт кэлиилэрэ итиннигэ, атын да тутуулары бу баар тутуҥ даа диэн буолбат этэ. Архитектураҕа үлэлиирбинэн сыл аайы итинник эргэ, аварийнай туруктаах эбийиэктэри кэрийэн, хамыыһыйалатан, быйыл моһуогурбакка туоруон сөп диэн мэктиэ суруктары суруйарбыт. Олорор дьиэлэр тутуллаллара гынан баран инженернэй хааччыйыы эбийиэктэрин тутуу быста мөлтөҕө. Совхозтар хотонноро уонна да атын тутуулара минсельхоз нөҥүө аҥара үбүлүнэрэ, уоннааҕытын хаһаайыстыба бэйэтин ороскуотун суотугар туттарара.
Улахан тутуулар ыытыллаллара
Оройуоҥҥа сүнньүнэн идэтийбит икки тэрилтэ — «Якутсельстрой» трест уонна «Якутколхозстрой» холбоһук учаастактара улахан тутуулары ыыталлара. 1980 сыллааҕы халаан уутун кэнниттэн «Якутремстрой» трест тутар учаастага тэриллэн, балачча үлэни ыыппыта. Бу тэрилтэлэргэ арааһа 300-ҕэ эрэ тиийбэт киһи хамнастанан үлэлиир буолан, оройуон дьонун олохторун таһымын үрдүк кэрдиискэ таһаарбыттара. Билигин 2-3 ый кэлэн үлэлээн харчылаһан барар дьону хайгыыбыт да, биһиги дьоммут сылы эргиччи өҥүрүк куйааһы, бытархай тымныыны аахсыбакка үлэлииллэрэ. Инженернэй кадрдарынан хааччыллыы уонна хаачыстыбалаах тутуу өттүнэн атын оройуоннартан итэҕэһэ суох, сороҕор ордук да этибит диир толору кыахтаахпын. Ол курдук аҥардас быһаччы тутууну ыытыспыт инженер ахсаана арааһа 40-чаҕа тиийэр эбитэ буолуо. Кинилэр «Сельхозтехникаҕа», «Холбосстрой», «Сельхозхимия», «Якутсельстрой» уонна «Якутколхозстрой» учаастактара, РСУ, сельхозуправление, райсовет архитектурата, 4 совхоз аайы үлэлээбиттэрэ. Идэтийбит тутуу тэрилтэлэрэ госплан лимитин нөҥүө матырыйаалынан, техниканан хааччылла сатыыр эбит буоллахтарына, совхоз прорабтарын балаһыанньалара уустуга, ким хайдах сатыырынан, тугу буларынан, хайдах кэпсэтэринэн тутууну ыытара. Кинилэр кырата суох тутуулары быһаараллара, тутар сабардамнара да тутуу анал тэрилтэлэриттэн хаалсыбаттара. Ордук С.Г. Жирков директордаах Петр Алексеев аатынан совхоз саҥаны киллэрэн, сороҕор ууга-уокка түһэрэрэ. Адарайдаах үрдүнэн от киллэрэр хотоннору, тыа сирин собуоттарыгар бастакынан үүт сойутар, сыр уонна Алдан нэһилиэгин собуотугар «буоча» настойканы оҥорор анал тутуулары, Уолбаҕа АВМ (агрегат витаминной муки) кыра собуоту, механизатордар, ыанньыксыттар дьиэлэрин таастыйбыт цемени дробилкалаан, Алдан тааһыттан щебенка оҥорон, совхоз профилакторийын, онтон да атын идеялар олоххо киирбиттэрэ. Ол тутууларга «Якутскэнерго» тэрилтэни кытта шефтэһэн, охсуллубут оту, араас туорах бурдугу мээккэлээн, тута куурдан, минераллары эбэн, кууллаан, сүөһүгэ эбии аһылык оҥороллоро. Мин төһө да бэйэтин баттаспатарбын, «Коммунизм» совхоз (дириэктэр И. Николаев) тыа ортотугар сыалай бөһүөлэги туттаран таһаарбыта сөхтөрөр. Сороҕор ити икки улахан салайааччылар сүҥкэн үлэлэрэ инники сайдыыга олук уурбут курдуктар.
Аныгы тутуу уратыта
Билигин тутуу хаамыыта түргэтээтэ тиэхиньикэ, матырыйаал да арааһа элбээтэ, онон тутуллар эбийиэк үбэ-харчыта эрэ көрүлүннүн диэх курдук. Тутуу ыытыллар технологията да уларыйан, арыый судургутуйбут курдук. Эбийиэк туһалыыр кэмэ каркаһы сүгэн турар тимир арматура уонна итиини тутар утеплитель үйэтинэн кээмэйдэнэр буолла. Салгыы тутуулар баралларыгар улахан харгыс суох курдук эрээри, тутуу сүрүн үлэлэрин оҥорор миграннар кэлэллэрэ уустугуран, бэйэ эрэ илиитин күүһүгэр эрэнэр кэм кэлэн эрэр курдук да, олохтоох дьон үлэлээбэтин кэриэтэ. Онуоха эбии тутуулары ыытар бэдэрээтчиккэ соцпакеттаах, толору нолуоктаах, сайынын уоппускалаах олохтоох үлэһити тутар ночооттоох курдук. Ити боппуруос улахан үөрэтиини, быһаарыыны эрэйэрэ иннибитигэр турар.
Тыа сиригэр тутууну ыытыыга сонун көрүүлэр
Тыа сиригэр тутууну ыытыы баар балаһыанньаттан уонна туох инникилээҕиттэн улахан тутулуктаах буолла. Ол иһин:
— Өрөспүүбүлүкэ салалтата дьоҥҥо-сэргэҕэ эппиэтинэһи ылан, тыа сирэ — омук тирэҕин быһыытынан баар буолуохтаах, сайдыахтаах диэн этэллэрэ ирдэнэр. Оччоҕуна эрэ тыа сиригэр тутууну ыытыы, тутуллубут эбийиэктэри тутан олоруу бүддьүөккэ ороскуоттаах, ночооттоох диэн тыллартан туттунуохтаах.
— Тыа сирин сайыннарыыга тутуу концепцията оҥоһуллуохтаах уонна ону толорор сорук туруохтаах.
Итиниэхэ маннык санаалар бааллар: Концепция уопсай тутула биһиги 21 үйэҕэ олорорбутуттан сайдыылаахтык олоруохтаахпыт диэн таһымтан тахсыахтаах. Билигин 21 үйэ сиэринэн хас биирдии уһаайбаны эккирэтэн, ититии ситимигэр киллэрэ сатааһын баар буолан, онуоха атын инженернэй ситимнэр киирэллэрэ кыаллыбат түгэнэ көстөр. Кэнники, баҕар ол оҥорбут 30-40 км. ититиибит ситимин кыайан көрөн-истэн, абырахтаан олорорбут саарбахтардаах. Кытаанах, тыйыс айылҕалаах сиргэ олорорбут быһыытынан «кыстык-сайылык» диэн тутуллаах дэриэбинэлэри тутарбыт буоллар диэн баҕа санаа баар. Ол аата дэриэбинэ дьоно тымныы кэмҥэ бары көһөн киирэр үс этээстэн үрдүгэ суох 5-6 уопсай дьиэлэр тутуллаллара буоллар, инженернэй хааччыйыы ситимнэрэ килэмиэтир иһинэн-таһынан буолан, дьону толору хааччыйыы кыаллыа этэ. Итии кэмнэргэ уһаайбаларынан тарҕанан сайылыкка тахсан олороллоро кыаллыан сөп. Тыа сирдэрин гаазтааһын, уунан, канализациянан хааччыйыы 21 үйэ таһымынан оҥоһуллан концепцияҕа киириэ этэ. Итинник тутуулары киэҥник уонна түргэнник ыытар инниттэн тыа сиригэр дьиэни тутар кииннэммит домостроительнай комбинаттар тэриллиэхтээхтэр. Бу тыа сирин нэһилиэнньэтин дохуоттуур, олохсутар сыалтан тутууга олохтоох дьону үлэлэтэр усулуобуйаны тэрийэр сыалтан 44 нүөмэрдээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, олох көрдөбүлүнэн (куонкурус сокуона) диэн эбиини киллэрэргэ бириэмэ кэллэ. Тыа сирдэригэр биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр бырайыактар, ону таһынан бырайыактыыр нормативнай докумуоннар ирдэнэллэр. Оччотугар билигин тутулла турар 5-тии этээстээх таас дьиэлэргэ, аллараа сваятын салгылатар сирин эптэххэ 6 этээстээх курдук дьиэлэр дьоҥҥо төһө табыгастаахтарый диэн ыйытыы туруохтаах. Өрөспүүбүлүкэ тутуутун үлэһиттэрэ, сокуону-нуорманы олохтуур туһуттан СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутааттара Уһук Хоту сиргэ тутууну ыытарга Арассыыйа нуорматын докумуоннарыгар бэйэлэрин этиилэрин, ураты көрүүлэрин, төһө кыалларынан бэйэбитигэр сөп түбэһэр нуорма докумуон бырайыагын оҥорон ыыталлара табыгастаах буолуох этэ. Урут барыта баар буолбатах ыарахан кэмигэр үлэ күөстүү оргуйар эрдэҕинэ, син дьон олоҕун тупсарыыга кыттыгастаах курдук сананабын. Улаханнык ытыктыы саныыбын тутуу биригээдэлэрин, механизатордарын, атын да салаа туруу үлэһиттэрин, үксүлэрэ убай кэриэтэ тутуу маастардарын, прорабтарын, начальниктарын уонна холбоон хонтуора үлэһиттэрин барыларын идэлээх күммүтүнэн эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Петр Иванович Чарин,
СӨ бочуоттаах тутааччыта, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна.