Аҕам Захаров Петр Иванович олоҕор чахчы бэйэтин суолун тобулан, аартыгын арыйан, толору олоҕу олорбут киһи. Билиитинэн, сатабылынан, олоҕу көрүүтүнэн салыннарара да, сөхтөрөрө да. Олоххо көрсүбүт моһоллорун эрдээхтик туораан, хайдах сатанарынан олоҕу бэйэтэ муоһалаан, кырдьар сааһыгар сиэннэрин олох үөрүйэхтэригэр такайсан, олох муударастарын иҥэрэн «тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа — олох академията» диэн этэрин ис дьиҥин дьэ кэлэн долоҕойбор хатаабыппын. Бу буола турар кэмтэн, инники түһэн, былыргыны, билиҥҥини уонна инникини дьүөрэлээн, киһи сөҕөр гына, өйбөр сааһылаан биэрэрэ.
Төрөөбүт дойду ахтылҕана
От ыйын сырылатар куйаас күннэригэр аҕынным хаан-уруу дьоннорбун, туос сытын, түптэ буруотун, кэрии тыабын, дьэдьэннээх солооһуннарбын, тэллэйдээх быллаардарбын, балыктаах күөллэрбин.
Кырдьык , төрөөбүт дойду ахтылҕаннаах. Улааппыт дьиэм, бары тарҕаһан, билигин тулаайахсыйан, кураанахсыйан, тыас иһиллиир чуумпута буолан турдаҕа… Ол эрэн харахпар урукку олох илэ-бааччы көстөр. » Оо, оччолорго үчүгэй да этэ» диэн манньыйан ылаҕын. Аймахтарым, бииргэ төрөөбүттэрим эйэҕэс эйгэлэрин, үлэни-хамнаһы кыайар кыахтарын астына саныыгын, киэн тутта кэпсэл оҥостоҕун.
Кыстыкка тэринии, оттооһун – талаан арыллыыта (сатабыл, мындыр өй, ис кыах иитиллиитэ)
Оттоспут сайыммын ис куппар уйалаан, сылаас иэйии, санаа буолан олохсуйбутун кэрэ кэпсээн оҥорон кэпсииргэ сананным. Саха барахсан кыһына бүтээтин кытары кэлэр кыһынын туһунан өйүгэр-санаатыгар тутан, окко тахсарын туһунан былааннанан барар, салаа да оту хаалларбат туһугар санаатын уурар. Аҕам оҕонньор төгүрүк сыл үлэни сатаан аттарарын ааһан ылсыбыта чиҥ буоларыгар, илии үлэтин чэпчэтэргэ дьулуһара. Куруутун саҥаны айар-тутар мөккүөрдээх буолара, хайа баҕарар техниканы завод оҥорбутун олохтоох усулуобуйаҕа, бэйэтигэр сөп түбэһиннэрэн, тупсаран уларытара. Бэс ыйыттан саҕалаан техникаларын өрөмүөннээн, саҥардан сүпсүгүрэллэрэ, ох курдук оҥостоллоро. Өрөмүөн хайа да көрүҥүн бэйэтэ оҥороро. МТЗ тыраахтарын сцеплениятын көрөөрү коробкатын үс гына арааран мотуорун өрөмүөннээбитэ. Мастарыскыай үлэтин дьиэ таһыгар ыһан оҥорорун сөҕө көрбүтүм. Окко барааччылар үксүлэрэ кэлэн сваркалаталлара. Оччолорго сварочнай аппарат аҕыйаҕа. «Хараҕым тыыннаах хаалбытыгар махтанабын» диирэ. Киэһээтин хараҕар инчэҕэй тирээпкэ, сиикэй хортуоппуй быһан уурунара. 1954 сылтан сваркалыыбын диэн кэпсиирэ. Сыыйа ампаар түгэҕэр ууруллубут от үлэтин тэриллэрэ хостоноллор, кыраабыл тиистэнэр, атырдьах уктанар, хотуур таптайыллар, сытыыланар. Бөтүрүөп күн иннинэ эбэтэр кэннэ ходуһаны бааһырдан, күргүөмнээх үлэҕэ үлүмнэһэн үлэлииргэ сиэннэри хомуйан, дэриэбинэттэн арҕаа 15 галаах 6 биэрэстэлээх Дьэрбэн алааһыттан, аренда сиртэн саҕалаан от үлэтэ саҕаламмыта. Кыраһыабай алаас. Ортотугар күөллээх, ол тула мэччирэҥ сирэ. Алаас хоту өттө быллаардаах халдьаайылаах. Алаас арҕаатыгар өтөх оннулаах. Кистэлэҥнээх, ураты тыыннаах, чараас эйгэлээх сиринэн ааттыырбыт. Ити алааска техника алдьаныыта тахсара, үлэни атахтыыра. Дьэрбэни этэҥҥэ аастылар да, тыраахтардарбытыгар тумуу да киирэн көрбөт дэһэллэрэ. 24 сүөһү сыл аҥара сиир ото дэриэбинэҕэ таһыллыбыта. Кытай тыраахтарыгар оту тиэйэргэ анаан «Москвич» массыына кэлин муоһунан оҥоһуллубут полуприцеп анаан оҥостубута. 1 тонна 2 центнер от тиэллэн кэлэрэ. Тыанан түһүүлээх, тахсыылаах эндирдээх суол буолара. Сиэн уолаттар саҥа туран эрэр кэмнэрэ этэ. Нанууса улахан дьонтон хаалсыбакка хамнанан, этин-сиинин хатаран, кыайыгас-хотугас, тулуурдаах, ис кыаҕы таба туһанар кыаҕы биллэ диэн эһээтэ үөрэрэ. Окко сылдьыбыт киһи сындааһыннаах иҥиирдэнэр, сылайбат-элэйбэт кыахтанар, ыстаал курдук хатарыллар, бигэ-таҕа көрүҥнэнэрин онно билбитим.
Хас биирдиибит анал үлэлээх буоларбыт
От охсуу — эһээбит, от мустарыыга — тыраахтарга Таню, мунньарга Василий, бугулдьуттар- мин, Ньуура, Нанууса. Оттооһун сүрүн үлэтэ кыдамалааһын, оту түстээһин. Түсчүт Василий. Тутаах кыдамаһыт Нанууса. Хам-түм ыалбыт Левина Катерина ымсыыран барсара. Настарапыай оччолорго килиэп астыыра. Өрөбүлүгэр барсара. Настарапыай кэпсээниттэн күлүү-салыы бөҕө буоларбыт. «Бииргэбит, ол иһин күүстээхпит» дэһэрбит. Алааспытын ортолоон эрдэхпитинэ Боробултан Сивцевтэр хамаандалара күнүнэн көмөҕө кэлэн барбыта. Сардаана бугулу үөрүйэх баҕайытык тутан-хабан оҥорорун ымсыыра көрбүтүм. Мин окко саҥа киһи буолан барытын сонургуу көрөн, оҕолорбут үлэҕэ кыайыгастарын, дьаныардарын хайҕыы санаабытым. Оттооһун былдьаһыктаах күннэрэ көхтөөх үлэҕэ көҕүлүүрүн эппинэн-хааммынан билбитим, дьиэҕэ хаһаайкалыах кэриэтин ходуһаҕа сылдьар ордуга. Күнүм сарсыарда 5 ч саҕаланара.
Ынахтарбын ыан, 11 ыанньык буолара, мэччирэҥҥэ һайдаан, ньирэйдэргэ далга, куйааска сөрүүҥҥэ аһыылларыгар от бэлэмнээн, хотоммун ыраастаан, ньирэйдэрбин олбуорга ыыталыырым. Көхтөөх үлэни тэнитэн «сылы биир күн быһаарар» диэн олус сөптөөх этиигэ сөп түбэһиннэрэн оҕолору туруортаан, саастыылаахтарыттан лаппа далааһыннаах үлэҕэ көҕүлээн күммүт саҕаланара. Күннээҕи өйүөбүтүн бэлэмнэнээт, үүппүтүн туттараат, ходуһаҕа айанныырбыт. 17-18 ч дьиэҕэ кэлэрбит. От сүөкээһинэ, оҕуруот көрөөһүнэ, торбостору булан хаайааһын. Ынахтарбыт эрдэ кэлэн абырыыллара. Ким дууштанар, ким баанньыктанар. Ньуура күннээҕи таҥаспытын утары сууйан иһэрэ. Оҕолор киэһээтин остуол тула олорон хаартылааһын, абааһылааҕы кэпсэтиһэллэрэ. Киэһэ 22 ч диэри үлэни-хамнаһы үмүрүтэн орону булаҕын. Ол сыл 32 устуука от кэбиһиллибитэ. Сүрүн оттуур сирбит Бөрөөх, бөһүөлэктэн 2.5 көстөөх сир. Ытык Күөл чугаһа. 24 га. Ортотунан 16-18 төбөлөөх от кэлэрэ, 1.8 тонналаах оттор. Үрдүттэн олорон эрэ оттууллар.
«Үлэ лааҕыра» диэн онно буолара
Эһээбит биир улахан үтүөтэ — оҕолорбутун үлэнэн сомоҕолооһуна. Үлэ үөрүүтүн, үлэ үмүрүйүүтүн биллэрбит, үлэттэн дуоһуйууну ылларбыт кини буолар. Билигин оҕолорбут бииргэ тутуһан сылдьалларыттан үөрэбит эрэ. Хардарыта өйөнсүү, көмөлөһүү удьуорунан бэриллэр аналлааҕын саҥа өйдөөн көрдүм.
Үрэх ото хойут ситэринэн, дэриэбинэ чугаһынан оттуурбут. Дэриэбинэ илин өттүгэр биэс биэрэстэлээх Булгунньахтаах тиэрбэһэ 3 га, Орто Көлүйэ үс биэрэстэлээх, Хабарҕа 2 га. Чөркөөх ыпсыытыгар 2 көс 4 биэрэстэ Тирбэҕэ алааһа, 5 га. Төп-төгүрүк, иһит курдук алаас. Булгунньах тула уулаах. Илин өттүгэр уу онно. Уот куйаас сыралҕана онно баара. Салгын да хамсаабатаҕа. Ол алааска отуу чэйин амтанын, минньигэһин билбитим.
Окко мүччүргэннээх да, көрдөөх да түгэннэр элбэхтэр бөҕө буоллаҕа
Хаппыт Валераны хатардыбытын туһунан кэпсээн ааһыым. Аҕабыт бэйэбит эрэ оттуур сирбитинэн муҥурдаммата. Кыһалҕалаахха көрдөстүлэр да, быһа гыммакка көмөҕө барара. Сөбүлээбэтэллэр да, батыһалларыгар тиийэллэрэ уолаттар. Бүөр көлүйэҕэ, Сылгы туттарбыт диэн алааска Максимов Уйбаан-Марай көрдөһөн таһаарар. Үс күн үс улахан алааһы охсубута. «Беларусь» охсоро уонна көлө охсоро соһуллан иһэр. Көлө охсоругар Матвеев Валерка олорбут. Норуодунай аата Хаппыт Валера. Валераны хатаран турардаах. 3-4 эргиир кэннэ эбиэттиэхпит диэн баран 17 га сири бүтэрэн баран тахсыбыттар. Ол кэпсээн кэннэ сүөгэй уута-пахта иҥэмтэлээҕин, тотоойутун билбитим. Тыраахтарыгар роса бутылкатыгар ону куруутун илдьэ сылдьара. Сибиэһэй пахтааҕа бурдук кутан күүскэ ытыйан баран мөлтөх уокка буккуйа-буккуйа кыратык тэптэрэн ылаҕын. Үөрэ ото, кииһилэ кутан эбиликтээччибин. Валерата утатан, аччыктаан хаһыы бөҕө буолбут да тыраахтарын тыаһыгар истибэтэх. Сарсыныгар Валерата бэйэтин тула өйүөтүн кэлгийэн сэбилэнэн аҕай кэлбит.
Күһүнүн, балаҕан ыйыгар, оттоммокко хаалбыт сирдэри оттуур буолара
Охсоот, тиэйэн кэлэллэрэ. Лыппыарыйа таһыгар илин көлүөһэтэ алдьаммытыгар дискэтин устан баран баҕананан салааска оҥорон баран, көлүөһэ оннугар олордон баран кэлэн турардаах. Прицеп кэлин көлүөһэтэ алдьаммытыгар 5 м бэрэбинэ маһы кэлин муоһун аннынан кузовыгар ыбылы тардан, кэлгийэн таһаҕаһын сүөкээбэккэ кэлбиттээх. Василийдыын Чурапчы алааһыгар, Павлов Артур сиригэр оттуу баран баран, сцеплениятын алҕас үктээн кэбиһэн туруору халдьаайыны таҥнары түһүү буолбут, прицеп толору маллаах кытай тыраахтара. Киһи куйаҕата күүрэр дьыалата этэ, хайдах тыыннаах хаалбыппыт эбитэ буоллар диэн кэлин Вася кэпсээбитин токоолоспуппар: кыл түгэнэ, чыпчылҕан, толкуйдуу олорбоккун, инстинкт быһыытынан хамнанаҕын. Итинник балабыай түгэннэрэ элбэх буоллаҕа. Онтон, кытайын улахан тыраахтарынан сиэтэн таһаарбыт.
Отону да үргүүрбүт
Оттоспут сайыным күһүнүгэр, Тордохтооххо 6 биэрэстэлээх сиргэ. Кытайбыт прицебыгар тиэллэммит отон бөҕөтүн хомуйбуппут. Сылайан аҕай кэлэбит. Отоммутун тыаттан киирээт тута ыраастыыбыт. «Бүгүҥҥүнэн бүттүбүт, сыл тахсар отон баар» дэһэбит. Сарсыҥҥы күнүгэр, сарсыардааҥҥыбытын аһыы олорон, «күн-дьыл турууһу быһыылаах, тыаҕа барарбыт дуу» дэһээт, өйүө астаммытынан барабыт. Уончабыт. Телефон үрдүгэр түһэн эдьиийбитигэр Валерия Ойутановнаҕа этэ охсобун. Ефремов Николай Афанасьевич-Табытал Уус, аҕам бииргэ үөрэммитэ. Петя диэн ыҥырара, кэпсээннээх кырдьаҕас этэ. Левина Катерина уонна мин оҕолорбунаан. Катяҕа «били ырыабыт мелодията хайдах этэй» диэн ыйытыаххын эрэ наада. Былыргы, аныгы ырыалары ыллаан сэргэхситэрэ. Отоммут мас хоппону арыый эрэ быһаҕас буолбута, 2 м усталаах, 50 см үрдүктээх, 80 см кэтиттээх хоппо. 70 саастарын лаппа ааспыт оҕонньоттор 4-т үү биэдэрэни киллэрэллэрэ, хаама сылдьан үргүүллэрэ. Мин уолбунаан икки биэдэрэни нэһиилэ хомуйарым. Маҥнайгыбын сир аһыгар үлүһүйэн онно үргээбиттээхпин. Аҕабыт эппит бириэмэтин лоп курдук тутуһуннарара. 8 чааска тыраахтар собуоттанар, кыл-мүччү прицебы булааччыбын. Аҥар атаҕым прицеп, аҥарым таһыгар буолан элбэхтэ хаһытаталаан ыларым. Кыһынын отонун соҕотуопкаҕа туттаран утуйар таҥаһын саҥардыммыта, биһиги саҥа суорҕаннаммыппыт. Сайыммыт түргэнник да күлүм гынан ааһара.
Кыстыыр оппутун булунан, хаһааспытын хаҥатан үөрэҕи, үлэни өрө тута кыстыкпытыгар төннөрбүт.
Дьиэ кэргэн күүһэ – сомоҕолоһууга
Аҕабыт сомоҕолуур үөрэҕин салҕаан, билигин аймахтар оҕолоро түмүстүннэр диэн санааттан быйыл төрдүс сылбын “Аймах лааҕырын» тэрийэн үлэлэттим. Даачабар мунньан, оҕолору дьиэ үлэтигэр, өй-санаа уһуктуутугар дьарыктыыбын. Быйыл уон оҕо сырытта, кыралартан саҕалаан улахаттарга тиийэ.
Быйыл дойдубут президиэнэ Владимир Путин мээнэҕэ Дьиэ кэргэн сылын биллэрбэтэҕэ. Дьиэ кэргэн – уопсастыба, дьон-аймах салаллар тутула, иитиллэр кыһата.