Тыа сирин сайдыытыгар өйөбүл буолар бырагырааманы биһириибит

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама (ППМИ) баара тыа сирин сайдыытыгар олус туһалаах тэрээһин буолар. Биһиги Таатта улууһун Харбалааҕын олохтоохторо бу бырагыраамаҕа кыттыһан, нэһилиэкпитигэр дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыга дьоһуннаах хардыылары оҥорон үөрэбит, астынабыт! Ол иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар махталбыт муҥура суох!

Ол курдук, 2018 сыллаахха киин ититиниигэ холбонууга туһаммыппыт. Салгыы олохтоохтор бары түмсэн турунан, билигин Харбалаах бөһүөлэгин 90-тан тахса бырыһыана бары киинтэн ититинэн олоробут. Ити түмүгэр, үгүс ыал дьиэлэрин толору хааччыллыылаах гына оҥоһуннулар.

2019,2020, 2021 сылларга бу бырагыраама көмөтүнэн бөһүөлэк уулуссаларын уотун саҥардыы күүскэ барбыта. Ырыаҕа ылланар «Харбалаах тырымнас уоттара” күннэтэ сандаарыччы тыган, уйгулаах олоҕу түстэһэр.

2022 сыллааҕы олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа Харбалаах олохтоохторо — 77700 солкуобайы, олохтоох дьаһалта-117500 солкуобайы, спонсордар (“Төлөн” ААО, Е.М. Халыева, С.И.Петров, Ю.А Дарбасов, А.Д Рахлеев, Е.Р. Халыева) — 150000 солкуобайы, өрөспүүбүлүкэ бу бырагыраамата 1500000 солкуобайы кыттыһаннар, 340 миэтирэ уһуннаах саҥа күрүөнэн  пааркабыт икки эркинин саҥардыбыппыт уонна киирии аарката оҥоһуллубута. Нэһилиэк олохтоохторо, бары биир киһи курдук турунан, саҥа күрүөнү кырааскалаабыттара. 2023 сылга пааркабыт күрүөтэ ситэриллибитэ, иккис аарка оҥоһуллубута.

Онтон быйыл  бу бырагыраама көмөтүнэн Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “Кыайыы болуоссатын” кэҥэтии, күрүөлээһин буолла,  ис хоһоонун дириҥэтэн эбии истиэндэ оҥоһулунна, сүгүрүйүү бэлиэтэ-ытык уот саҥардылынна. Манна барытыгар 2710000 харчыны олохтоохтор, спонсордар, өрөспүүбүлүкэ үбүлээннэр оҥоһулунна. Буоларын курдук, кырааскалааһыныгар оскуола үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, нэһилиэк олохтоохторо көхтөөх кыттыыныыны ыллылар.

Кэлэр сылга уу ылар сиринэн быһа кырдьаҕас, кыаммат дьоммут маҕаһыыннарга, сынньалаҥ киинигэр сылдьалларыгар табыгастаах буоларын курдук хапытаалынай уоттаах-күөстээх тротуар оҥоруутугар ылсыахпыт, олохтоохтор харчынан өйүүргэ бары сөбүлэһэн, бу да сырыыга көхтөөхтүк куоластаатылар.

Тыа сирин сайдыытыгар өйөбүл буолар бырагыраамабыт өссө да уһун сылларга үбүлэнэн, тыа сиригэр олохсуйууну, олохпут таһыма үрдүүрүн кэҥэтэ-түргэтэтэ  туруо диэн эрэлбит улахан!

Валентина Кривошапкина.

Читайте дальше