Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгэр балыыһа саҥа дьиэтэ арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Бөһүөлэк килбэйэр киинигэр, Кыйы күөлүн өҥөйө турар кэрэ көстүүлээх сиргэ саҥа балыыһабыт дьиэтэ кыстыгы көрсө үлэҕэ киирэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.

Төһө да күһүҥҥү хахсаат тыаллаах тымныы күн турдар, саҥа балыыһа аһыллар үөрүүтэ илинтэн-арҕааттан ыҥырыылаах ыалдьыттары, олохтоохтору түмэ тарта. Манна аан бастакы балыыһа — төрүүр пуун 1948 сыллаахха аһыллыбыт. 1956 сыллаахха ахсынньы 1 күнүгэр амбулатория пууна икки сытар куойкалаах биэлсэр-акушер пууна буолбута. 1987 сыллаахха Тыараһа врачебнай амбулаторията аһыллыбыта. 1991 с. участковай балыыһа аһыллан, 10 куойкалаах стационар тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Балыыһа аан бастаан анал «Суһал көмө» массыыналаммыта. «2000 үтүө дьыала» хамсааһынынан балыыһаҕа саҥа дьиэ тутуллубута. 2023 сылтан Тыараһа врачебнай амбулаториятын  сэбиэдиссэйинэн  терапевт-быраас Дальяна Эдуардовна Сунхалырова ананан, үлэлии-хамсыы сылдьар. Кэллэктиип күн бүгүн 6 үлэһиттээх, улууска биир үтүө көрдөрүүлээх бастыҥ доруобуйа харыстабылын тэрилтэтинэн буолар.

Саҥа балыыһа тутуута бу сыл кулун тутар ыйыттан саҕаламмыта. Игорь Андреевич Портнягин салайааччылаах «Сахауниверсал» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ бэрт кылгас кэм иһигэр бары ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах эбийиэги тутан, олохтоох дьаһалта ититии ситимигэр холбоон, уотун тардан, күрүөтүн-хаһаатын ситэрэн, саҥа ФАП кэмигэр үлэҕэ киирдэ. Тутуу үлэтин хара маҥнайгыттан бүтүөр диэри улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардана Владимировна Кононова тус хонтуруолунан, балыыһа үлэҕэ киирэригэр саҥа миэбэлинэн хааччыйан, олохтоохтор көрдөрүнэллэригэр, эмтэнэллэригэр бары өттүнэн табыгастаах   сып-сырдык, ураты истииллээх саҥа балыыһа  аанын олохтоохторго арыйда.

Балыыһа аһыллыытыгар СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Степановна Бурнашева, «Таатта улууһа» МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Святослав Васильевич Сунхалыров, Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардаана Владимировна Кононова, СӨ Булгуччулаах медицинскэй страхование территориальнай пуондатын дириэктэрин солбуйааччы Прокопий Алексеевич Дьячковскай ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар.

Балыыһа аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ алгыс сиэрин-туомун толорууттан саҕаланна. Алгыһы кыраайы үөрэтээччи, нэһилиэк ытык олохтооҕо Сергей Федорович Кладкин иилээн-саҕалаан ыытта. Дьоро күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьар үрүҥ халааттаах аанньалларга бар дьон ортотугар үрдүкү наҕараадалар туттарылыннылар. Ол курдук, балыыһа акушерката Альбина Прокопьевна Яковлева «РФ Доруобуйа харыстабылын туйгуна» үрдүкү ааты ылла. Балыыһаҕа үйэ аҥара кэм устата үлэлии сылдьар, уопуттаах биэлсэр, нэһилиэк дьоно бары ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибит  Анастасия Романовна Бучугасова «Таатта улууһугар доруобуйа харыстабылыгар кылаатын иһин» муниципальнай бэлиэнэн, ону сэргэ улуустааҕы киин балыыһа «Эмчит буолбут мин дьылҕам» диэн үрүҥ көмүс бэлиэтинэн наҕараадаланна.

Дьоро күн биир бэлиэ түгэнинэн саҥа балыыһа тэлгэһэтигэр мас олордуута тэрилиннэ. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, олохтоохтор, бэтэрээн үлэһиттэр, Тыараһа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыылаах хатыҥ мастары олордуу бу тэрээһиҥҥэ ураты суолтаны биэрдэ. Инникитин бу хатыҥнар силигилии ситэн, балыыһа тиэргэнэ күөх солко суугуҥҥа сууланан, кэлбит эрэ дьону кэрэхсэтэр көстүүлээх буолуоҕа.

Саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүлээх тэрээһинэ минньигэс астаах остуол тула олорон  истиҥ кэпсэтиинэн түмүктэннэ. Нэһилиэк дьоно ааспыт кэми ахтан, араас кэмҥэ балыыһаҕа үлэлээн ааспыт дьону санаан, күн бүгүн үлэлии сылдьар кэллэктиипкэ, балыыһа тутуутугар улахан кылааттаах улууспут киин балыыһатын салалтатыгар, улуус уонна олохтоох нэһилиэк дьаһалталарыгар барҕа махталларын биллэрдилэр. Эҕэрдэ ырыалар ылланан, оһуордаах үҥкүүнэн киэргэтиллэн, саҥа балыыһа пууна үлэҕэ киирэр дьоро күнэ дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хаалар курдук истиҥник ааста.

Галина ПОЛУСКИНА.

Надежда ОКОЕМОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.

Читайте дальше