Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолата 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, Таатта улууһун үөрэҕириитин салалтатын өйөбүлүнэн (начальник И.И. Дягилев, тэрийэр-методическай киин салайааччыта М.Н.Луковцева) балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр оскуола базатыгар ХИФУ естественнай наукалар институтун биология,химия уонна география үөрэтии методическай кафедратын преподавателлэрэ оскуола уонна улуус учууталларыгар квалификацияларын үрдэтэр «Современные тенденции школьного естественнонаучного образования» диэн темаҕа курс ыыттылар.
Курс салайааччытынан институт доцена, педагогическай наука кандидата Татьяна Гаврииловна Собакина үлэлээтэ.
Кафедра салайааччыта педагогическай наука доктора, профессор Ксения Егоровна Егорова «Трансформационные изменения в естественнонаучном образовании в подготовке педагогических кадров» диэн темаҕа саҥа үөрэх политикатыгар буола турар уларыйыылар, проблемалар тустарынан, туохха болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан лекциятын учууталлар кэрэхсээн иһиттилэр.
Институт доцена, педагогическай наука кандидата Анна Николаевна Матаннанова “Межпредметные связи и интегративный подход в формировании естественнонаучной грамотности школьников» темаҕа учууталлар методическай таһымнарын үрдэтэр лекциятын уонна педагогическай наука доктора, профессор Родион Павлович Софронов. “Функциональная грамотность как основа проектной и исследовательской деятельности обучающихся в образовательном учреждении» темаларга учууталларга олус наадалаах лекциялары аахтылар.
Маны таһынан преподавателлэр учууталларга араас таһымнаах ОГЭ, ЕГЭ задачаларын суоттуурга методическай көмөнү оҥордулар.
Туора Күөл орто оскуолата ХИФУ естественнай наукалар институттарын кытары договордаһан үлэлээбитэ быйыл 25 сылын туолар. Бу сыллар тухары элбэх үөрэнээччи сайыҥҥы лааҕырга, «кыһыҥҥы оскуолаҕа” институт преподавателлэригэр уонна студеннарыгар үөрэнэн кэллилэр. Бу үлэ оскуола иһинэн үлэлиир “Ача” экологичекай кулууп (салайааччылар химия, биология учууталлара С.И.Саввина, А.А.Элякова) былааннаах үлэтин түмүгэ буолар. Оҕолор химия, биология, география предметтэрин дириҥэтэн үөрэтэн, сайыҥҥы лааҕырга төрөөбүт дойдуларын айылҕатын чинчийэн дакылааттары суруйан араас таһымнаах конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар, инники идэлэригэр туһаналлар.
Курс кэмигэр бу үлэ чэрчитинэн ИЕН преподавателлэрэ Собакина Т.Г., Матаннанова А.Н., Софронов Р.П. улуус 19 үөрэнээччитигэр химия, биология предметтэригэр консультация биэрдилэр, билиилэрин хаҥаттылар.
Үс күннээх, олус туһалаах курсу, консультациялары ыыппыт ИЕН преподавателлэригэр оҕолор, төрөппүттэр, учуутталлар махталларын биллэрэллэр.