Бүгүн Үлэ сылыгар сырдатар дьоруойум уопсайа суот-учуот үлэтигэр 151 сыл 6 ыйтан ордук үлэлээбит Баайаҕаттан төрүттээх Пахомовтар уонна кинилэр сыдьааннара Ордаховтар, Ивановтар удьуордарын бас киһилэрэ, 43 сыл бухгалтерынан, сүрүн бухгалтерынан Таатта улууһун үөрэҕин управлениетыгар, Ытык Күөл 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар үлэлээбит, «Таатта» хаһыат редакциятыгар үлэлиир Марина Степановна Ордахова туһунан буолуоҕа.
Марина Степановна бэйэтин оҕолоро Николай,Уруйдана,балыстара Александра Степановна, Саргылана Степановна оҕолорунаан бары биир идэҕэ уһуйуллан, олохторун анаатылар. Кинилэри ааттарынан ааттаан-суоллаан билиһиннэрэбин:
- Иванова ( Пахомова) Александра Степановна – финансист, үрдүк үөрэхтээх менеджер 35 сыл устата үп-харчы эйгэтигэр Баайаҕа нэһилиэгин дьаһалтатыгар, оскуолаҕа сүрүн бухгалтерынан үлэлээбитэ.
- Винокурова (Пахомова) Саргылана Степановна – үрдүк үөрэхтээх менеджер-финансист Баайаҕа дьаһалтатыгар, Уолба нэһилиэгэр 30-н тахса сыл бухгалтерынан, экономиһынан үлэлиир.
- Спиридонов ( Ордахов ) Николай Иванович – үрдүк экономическай үөрэхтээх, финансист КУМИ-га, үөрэх салаатыгар уонча сыл үлэлээбитэ.
- Борисова ( Ордахова) Уруйдана Ивановна – үрдүк экономическай үөрэхтээх экономист, билигин 23-с сылын Дьокуускай куоракка чааһынай тэрилтэҕэ сүрүн бухгалтер солбуйааччытынан үлэлиир.
- Охлопкова ( Иванова) Айисена Филипповна – үрдүк экономическай үөрэхтээх 7 сыл үп-харчы эйгэтигэр үлэлээбитэ.
- Васильева ( Иванова) Аина Филипповна – бухгалтер идэтинэн үс сыл үлэлээбитэ.
- Григорьева ( Иванова) Айталина Филипповна— үрдүк үөрэхтээх, бухгалтерынан 1 сыл үлэлээбитэ.
Марина Степановна бэйэтин оҕолоро Николай, Уруйдана, балыстара Александра Степановна, Саргылана Степановна оҕолорунаан бары биир идэҕэ уһуйуллан, олохторун анаатылар. Удьуор суотчуттар бас, күөн туттар ийэлэрэ, эдьиийдэрэ Марина Степановна бу уустук идэ туһунан аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүм.
Удьуор суотчуттар бас , күөн туттар ийэлэрэ, эдьиийдэрэ Марина Степановна бу уустук идэ туһунан аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүм.
— Финансист идэтин талыы хайдах саҕаламмытай?
— Биһиги ыал 1982 сыллаахха Харбалаах бөһүөлэгиттэн Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиппит. Мин оччолорго РайОНОҕа секретарь машинистканан үлэҕэ киирэн оччотооҕуга барыта илиинэн суруллар үгүс элбэх үлэни машинкаҕа бэчээттиирим, дьэ элбэх үлэ буолара. Онтон бухгалтерияҕа киирэ-тахса көрөбүн, «ити хантан ылан килиэккэ аайы сыыппара суруйаҕыт» диэн интэриэһиргиирим, онтон миэстэ тахсыбытыгар оччотооҕу кылаабынай бухгалтер Татаринова Дора Егоровна «Эн суоту сатаан тардаҕын, киирэн үлэлээ» диэн элбэхтэ эппитигэр сөбүлэһэн, бухгалтерияҕа үлэлии көспүтүм. «Дебеткэ ылабын, Кредиткэ биэрэбин» диэн остуолум тааһын анныгар шпаргалкалаах үлэлээн барбытым. Бүтүн улуус оскуолаларын малын-салын ааҕар, сүрүннүүр бухгалтер буолбутум. Оччолорго үөрэхтээх олохтоох каадыр олох аҕыйах этэ,ол иһин Райфин каадырдары үөрэхтээһиҥҥэ ылса сылдьар кэмэ буолан, Анастасия Герасимовна Степанова финансовай техникумҥа үлэли- үлэлии кэтэхтэн үөрэн диэн этэр тылын ылынан, 1987 сыллаахха үөрэнэн бүтэрэн бухгалтер-финансист диэн дипломнаах үлэһит буолбутум,онон мин инники олоҕум, үлэм оҥкулун ыйан биэрбит дьоммор Дора Егоровнаҕа, Анастасия Герасимовнаҕа муҥура суох махталлаахпын.
Финансист киһи барытын өйүгэр тута,инникини толкуйдуу, суоттаан көрө сылдьар буолар, эппиэтинэстээхтик үлэлииргэ үөрэнэр, наада буоллаҕына өрөбүлү, уоппусканы умнан туран үлэлиир.
Мин идэбин олус сөбүлүүбүн, ол да иһин күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сырыттаҕым.
— Финансист үлэтэ кэлбит үбү сөпкө, бириэмэтигэр көрүнэн туттууну, отчуоттаныыны ирдиир. Үп-харчы хамсааһынын киириитэ, тахсыыта үлэһиттэн тэрээһиннээх буолууну эрэйэр. Бу хаачыстыба иитиллэригэр элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн улахан оҕото буоларыҥ оруолламмыта буолуо дуо?
— Үөһээ ахтан ааспытым курдук финансист төбөтө наар ааҕа,суоттуу сылдьарга үөрэнэн хаалар, дьон эйиигин кытта кэпсэтэр интэриэһинэйэ суох,төбөҥ эмиэ суоттуу олорор диир буолааччылар. Бүтүн улуус тэрилтэлэрин бюджеттарын төһө көрүллүбүтүн, туттуллубутун барытын нойосуус билиэххэр диэри өйгөр олорон хаалаллар,оннооҕор түүлбэр кытта суоттуур буоларым, сүрүннүүр бухгалтер буоллаххына оннук буолан хаалаҕын, Алексей Алексеевич Шестаков өр кэмҥэ УНОҕа сүрүннүүр бухгалтерынан үлэлээбитэ, хаһан да ыйыттахха сыыппараны өйүттэн этэр курдук эттэҕинэ итэҕэйбэккэ бэрэбиэркэлээн көрөрүм, хаһан да сыыспат буолара, кэлин бэйэм оннук буолбутум.
Отчуоту кэмигэр оҥороору, үгүс элбэх тэрилтэ сыыппаратын түмэн, свод оҥорон бүтэрээри түүннэри, өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлээһин бу эппиэтинэс дии саныыбын.
Мин ыал улахан оҕото буоларым оччотооҕу кырыымчык олоххо балтыларбар, бырааттарбар тэҥҥэ кими да матарбакка үллэрэ, ийэбэр, аҕабар эппит сорудахтарын кэмигэр оҥоро үөрэммитим эппиэтинэстээх буоларга оруоллаах буолуо дии саныыбын.
— Финансист идэтин кытта математика бирэдимиэтэ алтыһыылара оруннаах буолуон сөп дуо?
— Кистээбэккэ эттэххэ, оскуолаҕа математика бирэдимиэтигэр ортотук үөрэммитим. Мин санаабар, финансист буоларга, тобуллаҕас өй (логика) оруоллаах дии саныыбын.Ол аата түргэнник, элэҥҥэччи түгэҕэр диэри суоттаан толкуйдааһын .
— Үп-харчы үлэтэ олус эппиэтинэстээх, тэрилтэ үлэһитин дохуота, кини дьиэ-кэргэнин иитэр-аһатар тутула – барыта сүрүннүүр бухгалтер үлэтиттэн эмиэ быһаччы тутулуктаах дуо?
— Үбү үллэрэ үөрэммитим дьиэ кэргэним дохуотун аттаран туттарга эмиэ сабыдыаллаах бөҕө буоллаҕа дии.Оттон тэрилтэ оҥорон таһаарар дохуотун ааспыт сыллары үөрэтэн маннык буолуон сөп диэн сабаҕалаан, бюджет сокуонугар сөп түбэһэр ыстатыйаларынан үллэрэн онороҕун буоллаҕа, онтуҥ тэрилтэ үлэһитин дохуотугар туһалаах буолуон сөп. Бу маны табатык аттаран туруоруу эппиэтинэс дии саныыбын. Ыстатыйаҕын итэҕэс суоттаннаххына үп туохха да тиийбэт буолара саарбаҕа суох.
— Балыстарыҥ, кыыһыҥ,уолуҥ, сиэн балтыларыҥ бары финансистар. Атын идэни талар баҕа баара дуо?
— Мин бэйэм учуутал буолуохпун баҕарар этим,үөрэппит учууталым Александр Александрович Слепцов «Марина наһаа үчүгэй учуутал буолуохтаах киһи финансист буолбуккун» диэн турардаах.
Балтыларым Александра Степановна да, Саргылана Степановна да үлэбитин сөбүлүүр буолан, үлэ чааһыгар сиппэтэҕи кэмигэр бүтэрээри дьиэбитигэр илдьэн, үксэ илиинэн оҥорор кэмҥэ түүннэри оҥорорбутун оҕолорбут көрөн, былыргы оҕолор компьютер суоҕар үтүктэн оҥостон оонньообуттара, бэйэлэрин кытта баҕа санаа буолан улаатан оннук идэлэри таллахтара, инники олохторугар туһалаах,үлэлээх буолууларыгар, дьиэ-кэргэннэрин дохуотун аттаран тутталларыгар олук буола сырыттахтара. Былыр отчуоттар барыта илиинэн суруллан, мас суокка суоттанан оҥоһуллар этилэр. Аны бүтүн улуус нэһилиэктэрин гиэнэ иккилии,үстүү экземплярга уһуллан суруллан оҥоһуллаллара — дьэ ол баар этэ Үлэ, сороҕор оҕолорбун устарга көмөлөһүннэрэр этим.
Оҕолор кэлин атын идэлэри талан, сорохторо атын эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
— Сокуон уонна харчы.Бу сибээһи хайдах көрөҕүн?
— Финансист буоларым быһыытынан сокуон тутуһуллуохтаах дии саныыбын.Финансист үп сөпкө туттулларын хонтуруоллуур, сөпкө толорор эбээһинэстээх дии саныыбын, кэһиллии тахсыбат буоларыгар үлэлэһиэхтээх. Баҕа санаам диэн хас биирдии салайааччы саатар кыратык экономическай, юридическай үөрэхтээхтэрэ буоллар сыыһа халты тахсыа суоҕа эбитэ буолуо, атын ыстатыйа харчытын атын ыстатыйаҕа ууну кутар курдук уларыппаккын, туттубаккын, элбэх докумуон сөбүлэҥи ааһан уларыйарын билиэ этилэр.
— Уһуйааччы сылынан биир идэлээхтэргэр, финансист ыччаттарга, тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Сүбэм диэн, өскөтүн Финансист идэтин талбыт буоллаххытына, үлэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ. Өрөбүлү,уоппусканы аахсыбакка оҥоһуллуохтааҕы кэмигэр оҥорорго үөрэниҥ, билигин компьютер үйэтигэр түргэн буолуо, ол гынан баран болҕомтолоох буолуҥ, бюджет сокуонунан сирдэтинэн үлэлээҥ, кэмиттэн кэмигэр билиигитин хаҥатан үөрэнэр буолуҥ, бука барыгытыгар ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
— Марина Степановна, эн тэрилтэҕэр общественнай үлэҕэ көхтөөҕүҥ эмиэ биллэр. Ол курдук, профсоюз бастакы сүһүөх тэрилтэтигэр салайааччынан уонтан тахса сыл бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитиҥ. Бу туһунан ахтан-санаан ааһыахха.
— Үөрэх салаатыгар үлэлии киириэхпиттэн эдэр буолан, тэрилтэ иһигэр ыытыллар араас үлэлэргэ тэрийээччи, көҕүлээччи быһыытынан элбэх үлэни ыыппытым. Ол курдук, ас кэмчи кэмигэр Хаандыгаҕа тэрилтэ үлэһиттэригэр ас ыла барар этибит. Үлэһиттэри Өлүөнэ Очуостарыгар илдьэн күүлэйдэппитим, Сото муус оҥоһуктарын музейдарыгар сырытыннарбытым. Ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэһиилэргэ, субуотунньуктарга нэһилиэк иһинэн үксүн инники күөҥҥэ сылдьарбыт.
— Дьэ эрэ аны биир саамай сөбүлүүр дьарыгыҥ туһунан дьоҥҥо билиһиннэрбэтэхпинэ татым буолуох курдук. Ол туһунан кэпсиэххэ.
— Ити оҕуруотум туһунан этэҕин быһыылаах. Кырдьык, ити саамай сүрэҕим сытар, дууһам сөбүлүүр дьарыгым. Ол курдук, элбэх сылга үүнэр сибэккилэр, отонноох мастар, Саха сиригэр үүнэр мастар, араас оҕуруот астара мин тэлгэһэбин киэргэтэллэр. Барыларын оҕолорум курдук бүөбэйдиибин, хас биирдиилэрин кытта кэпсэтэбин, илиибин араарбакка күнү быһа бэрийэбин. Ол курдук азиатскай лилиялар хаартысканан күрэстэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолан, сертификат ылбытым, онон эбии отонноох мастары ылан, оҕолорум уһаайбаларыгар күөх үүнээйилэр (яблоня, вишня, моонньоҕон, малина, клубника) баар буолалларыгар олук уурдум. Оҕуруот үүннэрэн, ону астаан, хаһаанабыт. Өссө эбиитин бар дьоммор сүбэлиэхпин баҕардым – отонноох мастары олордуунан эдэр эрдэххититтэн саҕалаан дьарыктаныҥ. Биир бэйэм киһи сааһырдаҕына тыаҕа барара кыаллыбат буолуон сөп диэн санаан, тэлгэһэм иһиттэн хомуйаары отонноох мастары олордуунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн.
— Марина Степановна, бу уустук үлэни кытта Дьылҕа ыйааҕынан олоххор ыарахан кэмнэр эмиэ бааллара. 43 эрэ саастааххар аҕаҕыт, кэргэниҥ Ордахов Иван Матвеевич орто дойдуттан күрэнэн, икки улааппыт устудьуон, икки кыра ньирэй уһуйаан оҕолорун кытта соҕотох туран хаалбытыҥ. Тустаахха түөрт оҕону атахха туруоруу олус элбэх күчүмэҕэйдээҕэ чахчы. Ол эрэн дьон тэҥинэн оҕолоргун иитэн, барыларын үрдүк үөрэххэ үөрэттэрэн, ыал оҥортоон, билигин сиэн бөҕөтө ортотугар олороргун киһи көрөн үөрэр. Ыарахаттары туоруургар көмөлөспүт дьонунан кими ааттыаҥ этэй уонна олоххо уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо бэйэҥ холобургунан тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Эдэр киһи түөрт оҕону кытта соҕотох туран хаалара диэн тустаахха ыарахан этэ. Ол гынан баран мин билигин бириэмэ ааспытын кэннэ толкуйдаан, ырыҥалаан көрдөхпүнэ, бастатан туран, улууһум үөрэҕин салаатыгар, оччотооҕу салайааччыларбар Иван Гаврильевич Неустроевка, Атос Реасович Кулаковскайга, Николай Николаевич Голиковка, улуус үбүн салаатын үлэһиттэригэр махталым муҥура суох. Тоҕо диэтэххэ кинилэр олус эппиэтинэстээх, бэйэҕин бүтүннүү биэрэр үлэни сүктэрэннэр, ыарахаттары да умнан туран үлэлээбитим миэхэ көмөлөспүт дии саныыбын. Айманар соло, түгэн да суох курдук этэ. Мин иннибэр үлэм уонна оҕолорум эрэ бааллара…
Оттон олох диэн араас өттүнэн киһиэхэ дьайыылаах. Ханнык да түгэҥҥэ санааны түһэрбэт буолуу, киһи быһыытынан самныбакка олоҕу олоруу уонна оҕолоруҥ иннигэр эппиэтинэстээх буолуу — бу барыта дьон сиэринэн уонна дьон ортотугар эн-мин дэсиһэн олорорго тирэх буолар дии саныыбын.
— Марина Степановна, бүгүн Үлэ, Дьиэ кэргэн, Идэ туһунан санааҕын үллэстибиккэр махтал. Эйиэхэ, оҕолоргор бары үтүөнү баҕарабын, доруобай буол диэн алгыы хаалабын.
Анна Посельская