Ийэ дойду төрөөбүт дьиэттэн, тэлгэһэттэн, алаастан саҕаланар… Онтон оҕо кэлэр кэнэҕэски дьылҕата төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктаах. Ийэ, аҕа диэн истиҥиһирэх тыллар киһиэхэ үрдүк эппиэтинэһи сүктэрэр сүдү суолталаахтар.

Хас биирдии киһи олоххо тардыһыыта, бар дьоҥҥо уонна тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитиллиитэ иэримэ дьиэтиттэн, ийэтиттэн, аҕатыттан быһаччы тутулуктаах. Б ы й ы л А р а с с ы ы й а ҕ а Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылыгар биһиги «Сиэҥкэлэр» улахан дьиэ кэргэҥҥэ уон биир бииргэ төрөөбүттэртэн үс оҕо ыал буолан олорбуппут 50 сылын бэлиэтиибит. Үйэ аҥара бииргэ бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн, ытыктаан, харыстаан олох олоруу — бу дьоһун олох туоһутунан буолар. Бу тыллары этэн туран, ийэлээх, аҕам туһунан суруйуубун саҕалыыбын. Биһигини уон биир оҕону төрөтөн, иитэн, атахпытыгар туруорбут дьоммут Амма нэһилиэгин төрүт олохтоохторо, үлэ бэтэрээннэрэ этилэр. Ийэбит Елена Еремеевна «Дьоруой ийэ», «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Аҕабыт Семен Николаевич Васильев Сталинградтааҕы сэрии кыттыылааҕа, «Кыһыл сулус» уордьан кавалера, «Аҕа дойду улуу сэриитэ» уордьан I истиэпэннээх, Германияны кыайыы иһин уонна элбэх үбүлүөйдээх бэлиэ сыл мэтээллэрдээх, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕунан буолара. Кинилэр 65 сыл ыал буолан, олох толору дьолун билэн, үлэни өрө тутан, үлэлээн-хамсаан олорон ааспыт боростуой саха ыала этилэр. Төрөппүттэрбит биһигини кыра эрдэхпититтэн үлэнэн, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа, чугас дьоҥҥо болҕомтолоох буоларга ииппиттэрэ. Тыа бары ыалын оҕолорун курдук биһиги ханнык да үлэттэн туора турбакка бары үлэҕэ көхтөөхтүк турунан, олбуор иһин-таһын хомуйууттан, тыаҕа тахсан саһаан охсууттан сааспыт саҕаланара, сайынын от үлэтэ, сайын, күһүн сир аһыгар сылдьыы барыта биир тэҥник дьүөрэлэһэн тэриллэрэ. Саас куска, күһүн куобахха аҕабыт уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн сырытыннарара. Ол иннинэ дьиэ кэргэн аҕа баһылыга тэрийиитинэн, оччолорго хас биирдии ботуруон ахсааҥҥа турар кэмигэр, иитиилээх ботуруон атыыга суоҕугар, ботуруону бэлэмнээһин, сыал ытыыта саҕаланара. Аҕа киһи бултка сааны сэрэхтээхтик туттарга уолаттарын оҕо эрдэхтэн үөрэтэрэ. Аҕабыт куруук этэр буолара: «От-мас, сир-дойду барыта иччилээх», — диэн. Ол курдук сиргэ-уокка сылдьан мээнэ айдаарбат, оту маһы алдьаппат, бөх-сах ыспат буолуу биһиэхэ оҕо эрдэхтэн иҥмитэ.

Төрөппүттэрбит айылҕаҕа сылдьан өбүгэ үгэһин хайаан да тутуһарга, сирбитин-уоппутун аһата сылдьар үтүө үгэскэ уһуйбуттара. Ол үөрүйэх билигин да тутуһуллар. Урут биһиги оҕо эрдэхпитинэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ кыраһыын лаампа уотугар ийэм иистэнэрэ, аһыыр остуолбут тула ким кинигэ, ким уруок ааҕара, остуол оонньууларын оонньуурбут. Дьиэ кэргэнинэн дуобат, тыксаан, хабылык, хаамыска, саас, сайын оҕолор лапталаан, мээчиктээн, былаах былдьаһарбыт, сасыһа оонньуурбут, сүүрэрбиткөтөрбүт, ардыгар «түҥ» дэһэн сэриилэһэн ыларбыт. Ким түргэнник сүүрэригэр, мээчигинэн сыал быраҕыытыгар күрэхтэһии бөҕө ыытыллара. Ону барытын улахан оҕолор тэрийэллэрэ. Эдьиийдэрбит, убайдарбыт дьаһалларынан дьиэ иһигэр улахан дьуһуурустуба олохтоноро. Билигин санаатахха, дьиэ кэргэҥҥэ оҕо анал үлэлээх буоллаҕына, үтүө киһи буола үүнэригэр, эппиэтинэстээх буола улаатарыгар улахан олук ууруллар. Дьиэ иһигэр дьуһуурустуба быһыытынан анаммыт хоһу ыраастааһын, ороннору бэрээдэктээһин, туттар малы барытын миэстэтигэр ууруу ирдэнэрэ. Ол бэрээдэги билигин хас биирдиибит тутуһар. Сайынын балаҕан сирэй оһоҕор уот оттуллара, күөс өрүү, суорат үүтүн оргутуу, лэппээски буһарыы туспа, ураты көстүүнэн буолара. Чугастааҕы тыаттан амынньыар хомуйарбыт, сорох арыт моҕотойу эккирэтэн, сорох арыт тигээйи уйатыгар түбэһэн, сэриилэһэн, быыһыгар тиктэрэн, ытаан киирэрбит. Билигин сааһыран олорон санаатахха үчүгэй да кэмнэр ааспыттар эбит. Эттэххэ дөбөҥ, уон биир оҕону төрөтөн, улаатыннаран, олох киэҥ аартыгар этэҥҥэ атааран, дьон-сэргэ оҥортуур манан аҕай дьыала буолбатах. Ону биһиги төрөппүттэрбит кыайа-хото тутан, бары этэҥҥэ тус-туһунан ыал буолан, олох олорон, үөрэнэн, үлэлээн, оҕо төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээн, ыал оҥортоон, сиэн, хос сиэн минньигэс сытын билэн, кинилэр тапталларыгар куустаран, сааһыран олорон төрөппүттэрбитигэр тугунан да кэмнэммэт барҕа махталлаахпыт. Билигин төрөөбүт алаһа дьиэбитигэр бэйэбит, оҕолорбут, сиэннэрбит үөрүүлээх бэлиэ күннэригэр мустан, ситиһиилэрбитин бэлиэтиир үтүө үгэстээхпит. Ону таһынан Кыайыы күнүгэр, Ыһыах күнүгэр, Аал уоппутун оттон, алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутан, алгыс ылар анал күннэрдээхпит. Бу түмсэр күннэрбит А. Варламова «Аҕам алааһа» ырыа хайаан да ылланар, сэргэх кэпсэтии саҕаланар, ааспыты ахтыһыы, кэлэр кэми торумнааһын, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр кэс тыллары аныыр истиҥ көрсүһүүлэр буолаллар. Билигин биһиги ортобутугар бааллар эбит араас үлэҕэ үлэлээн үрдүк наҕараадаҕа тиксибит улахан ситиһиилээхтэр. Бу ситиһиилэрбит оҕолорбутугар салҕанан, сиэннэрбит араас үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьалларыт — тан сэмээр үөрэбит. Оҕо үтүө киһи буола улаатара төрөппүт кыһамньытыттан ситиһиллэр. Оҕо — дьиэ кэргэн дьоло. Киһи бастатан туран бэйэтигэр ирдэбиллээх буоллаҕына, үлэ буоллун, үөрэх буоллун, үөрэх таһынан дьарык буоллун, араас тэрээһиҥҥэ, мунньахха барытыгар бириэмэтин аттаран сылдьан, хайдах үөрэнэллэрин, туох дьоҕурдаахтарынан көрөн дьарыктаналларын ситиһиэхтээх. Бу буолар төрөппүт оҕоҕо кыһамньыта, киһилии киһи оҥоруута.

Биһиги Екатерина Семеновна, Степан Степанович Парфеновтар дьиэ кэргэн Любовь, Вера, Надежда диэн үс кыыстаахпыт. Оҕолорбут үһүөн Тааттатааҕы музыкальнай оскуола үҥкүү кылааһын бүтэрбиттэрэ, «Доҕордоһуу» оҕо үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыттара. Үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, оҕолонон, сиэннээхтэр.

Онон төрөппүттэрбит, биһиги олохпут оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, хос сиэннэрбитигэр салҕанар.

Екатерина ПАРФЕНОВА.

Читайте дальше