Саха норуотун сайдыытыгар уһулуччу үтүөлээх дьоммут элбэхтэр. Кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр, кэнэҕэски көлүөнэҕэ тиэрдэр – биһиги ытык иэспит. Бу күннэргэ Чурапчы Кытаанаҕыттан төрүттээх саха норуотун тобуллаҕас өйүн уһугуннарар, сыыдам, сымса толкуйдаах, ханнык да мүччүргэннээх сырыыларга сөптөөх суолу булунан бэйэтин хайынар, доҕотторугар утары илиитин уунар хаачыстыбалары иитэр сыалга олоҕун анаабыт Учуутал, Иитээччи, ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин аата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эрэ буолуо дуо, бырааттыы Россия норуоттарыгар, аан дойдуга дорҕоонноохтук ааттанна.
Дмитрий Петрович сөҕүмэр үрдүк ситиһиилэрдээх тренер. Кини 175 ССРС спордун маастарын, 14 норуоттар икки ардыларынааҕы маастардары, 4 үтүөлээх маастардары, кинилэр истэригэр Россия, Сэбиэскэй Сойуус, Европа, Аан дойду чөмпүйүөннэрин, олимпийскай чөмпүйүөннэрин иитэн таһаарбыт сууйуллубат үтүөлээх, норуот остуоруйатыттан сотуллубат ааттаах.
Д.П.Коркин үөрэнээччилэрэ Саханы Саха дэтэн, Аан дойдуга күөрэччи ааттаппыт улуу тустууктар. 1976 сыллаахха буолбут сайыҥҥы Монреллааҕы Олимпийскай оонньууларга чөмпүйүөн, Европа чөмпүйүөнэ, үс төгүл аан дойду чөмпүйүөнэ Павел Пинигин, Олимпийскай оонньууларга үрүҥ көмүс призер, аан дойду чемпионаатын призера Александр Иванов, Мюнхеннааҕы олимпиада чөмпүйүөнэ, Монреаллааҕы олимпиада үрүҥ көмүс призера, Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду чөмпүйүөнэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара, Саха АССР уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Роман Дмитриев ааттара бу күннэргэ дьон уоһуттан түспэтэ. Алтынньы 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бары киинэ көрдөрөр саалаларыгар «Өрөгөй» диэн аатынан Михаил Лукачевскай режиссердаах, Алексей Амбросьевтыын суруйбут сценарийдарынан уус уран киинэ буолла. Бу киинэ биир күннээх көрдөрүүнэн саха киинэтин остуоруйатыгар 2.15 мөлүйүөн солкуобайы киллэрэн, туһугар эмиэ рекорд олохтонно. Киинэҕэ Дмитрий Коркин оруолун Иннокентий Луковцев, Роман Дмитриев оруолун Семен Лукин, Павел Пинигины Гаврил Менкяров, Александр Иванову Дьулусхан Андросов оонньоотулар.
«Өрөгөй» уус уран хартыына көрбүт эрэ киһини сөхтөрдө, ис хоһоонунан байытта, киэн туттуу санаатын сахта. Өрөспүүбүлүкэ бары киинэ саалаларыгар көрдөрүллүбүт хартыына кэнниттэн дьон санаата үксэ биирдик көһүннэ: кинилэр сөбүлээтилэр, эдэр режиссер үлэтин хайҕаатылар. Мин ол кэмҥэ куоракка «Таатта ытык дьоно» сиэрийэнэн «Норуот эмчитэ. Михаил Фомич Чашкин» кинигэни национальнай библиотекаҕа биһирэмнээбит буолан, аны XXII «Манчаары оонньуутугар» Саха сирин бастакы көлүөнэ тустууктарыттан биирдэстэрэ, Таатта улууһун биир бастакы көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Аан дойду Аччыгый Чемпионатынан ааттанар Тбилиситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы турнир призера, Советскай Сойуус сборнай хамаандатын чилиэнэ, Забайкальскай уокурук, Саха Сирин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Баайаҕаттан төрүттээх Константин Константинович Луковцев — Маастар Куоста туһунан кинигэ бэлэмниирбинэн Павел Пинигин, Александр Иванов көмөлөрүнэн, Павел Пинигин «ахтыыларда хомуй» диэн сорудахтаан икки күнү туура «Триумф» спортивнай комплекс уораҕайыгар үлэлээтим, киинэни көрдүм.
Киинэ кэнниттэн киинэ дьоруойдара Павел Пинигины, Александр Ивановы, Дмитрий Коркин оруолун итэҕэтиилээхтик оонньообут Иннокентий Луковцевы көрсөн, кэпсэттим. Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин: «Киинэттэн олус долгуйдум. Ити киинэҕэ көрдөрүллэр эпизодтар мин олохпор буолбут түгэннэр. Киинэни көрө олорон, оҕо сааспар тиийэн ыллым, ийэбин санаатым, олус долгуйдум. Артыыстар оруолларын олус үчүгэйдик толордулар. Бөтүрүөбүс оруолун Иннокентий Луковцев олоххо баардыы оонньоото. Биһиги улуу Учууталбыт сити киинэҕэ көстөрүн курдук аҕыйах санаалаах, чиҥ, биирдэ даҕаны оҕону мөхпөт эрээри киһи өйүгэр тиийэр гына иитэр мээнэ киһиэхэ бэриллибэт дьоҕурдаах этэ», – диэтэ уонна сахабыт сирин дьонугар, төрөппүттэргэ оҕолорун тустуунан дьарыктаннаралларыгар ыҥырда. Киинэҕэ Александр Иванов олоҕун биир кэрчик кэмин дьэ дьиҥнээхтик көрдүбүт. Онно Александр Николаевич, саха оҕото, чиҥ, чөл туруктааҕын, чиргил өйдөөҕүн, тулуурун, дьулуурун көрдөрдө ээ… Оттон кини билигин урукку спорт тыынын илдьэ сылдьан, ыччаттарга ыллыктаах санааларын тиэрдэ сылдьарыттан киһи эрэ астынар, үөрэр. Кинилэр Саханы Саха дэппит биһиги геройдарбыт! Санаан көрүҥ – биир оскуолаттан , тыа сирин оскуолатыттан, саха омук оҕолоро Аан дойдуга тиийэн омуктар ааттаахтарын кыайан-хотон кэлбиттэрэ!!! Салгыы элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаталаатахха, оҕолорго 1965 сыллаахха сахалартан бастакынан Сэбиэскэй сойуус чөмпүйүөнэ Вячеслав Карпов, эдэрдэргэ чөмпүйүөн Алексей Ермолаев, 1969 сыллаахха Америкаҕа сахалартан бастакы оҕолорго чөмпүйүөн Илларион Федосеев, онтон да атын иитиллээччилэрэ чөмпүйүөн аатын сүкпүттэрэ — Улуу Учууталлара Дмитрий Коркин сыралаах үлэтин түмүгэ, кини кылгас кэмҥэ күүстээх үлэтин туоһута-чахчыта, Өрөгөйө! Киинэҕэ төгүрүк сирэйдээх, энньэҕэр курдук сыҥаахтаах кыракый уолу бары да таптыы көрбүккүт буолуо. Ити Сеня Попов, билигин Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Өндүрэйэбис Попов – Сэмэн Тумат уобараһын оонньообут оҕо олус үчүгэйдик режиссерунан талыллыбыт оҕо дии санаатым. Бу дьиҥнээҕэ олоххо хайдах быһыылаахтык буолбутай диэн Сэмэн Туматтан ыйытааччы буоллум. Онуоха кини: «Кырдьык, мин Дмитрий Коркин оскуолатыгар аҕыйах кэмҥэ эрчиллибитим, күнү быһа, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри эрчиллэр эрэсиимнэрин тулуйбатаҕым, ол иһин Дмитрий Петровичтан киирэн көрдөһөөччү буолбутум, миигин тустууттан босхолоо» — диэн эппитим диэтэ. Ол эрэн быыкаайык оҕо ытыктыыр, толлор учууталларын өрө көрөн туран, олус сиэрдээхтик быһаарсыбыт: «Дмитрий Петрович, эн төбөҥ наһаа үчүгэй, куурусса сымыытын курдук быһыылаах, оттон миэнэ иккис кэтэхтээхпин, ол иһин тустууга наар онтон харбыыллар уонна хотоллор, мин сатаан тустуо суохпун». Онуоха Дмитрий Коркин: «Ыл, аҕал эрэ, көрүөххэ, туох айылаах кэтэхтээххиний? – диэбит. Онуоха Сэмэн Тумат хап сабар Дмитрий Петрович ньилбэгэр төбөтүн уурбут. Дмитрий Петрович: «Оо, кырдьык даҕаны тустуук буолан төрөөбөтөх кэтэх эбит. Сарсыҥҥыттан ыла дьарыкка кэлимээр. Коркин көҥүллээтэ диэр, мин эмиэ этиэҕим», — диэбит. Дьэ онон Семен Андреевич тустуук буолар дьылҕата быстыбыт кэриҥнээх. Оттон киинэҕэ Дмитрий Коркин «Сеня, эн суруйаргын тохтотума, үчүгэйдик суруйаҕын» диэбитэ режиссер айыыта диэн буолла. Билигин Семен Андреевич Попов народнай суруйааччы буолан олорон, кыһалҕалаах түгэммэр Дмитрий Петрович педагог быһыытынан олус муударайдык быһаарбыта диэн улахан махталлаах. Дьэ, сыаналааҥ эрэ Учуутал оҕоҕо аҕалыы истиҥ сыһыанын. Сити курдук Дмитрий Петрович Коркин хас биирдии оҕотугар олус муударайдык сыһыаннаһан, олоххо иитэр ньыматын чиҥэтэр эбит. Өйдөөҥ эрэ, Александр Иванов күрэхтэһииттэн кыайан-хотон кэлэн баран, дьарыкка хойутаабытын… Александр Николаевич ити түгэни ахтан аһарарыгар «тохсус оҕону кытта киирсэрбэр саамай мөлтөх тустуукка хотторбутум, ол миэхэ олоҕум устатын тухары умнуллубат үөрэх» диэн бигэргэтэр. Коркин үөрэнээччитэ Семен Морфунов «Бөтүрүөбүс кимтэн да куттаммакка, өйдөөн-төйдөөн тустарга, кырдьыксыт буоларга үөрэппитэ» диэн ахтан ааһар. Холобур, кини 8-с эрэ кылааска үөрэнэ сылдьан, оччолорго номнуо көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, ааттаахсуоллаах, тустууктар көрөн ытыктыыр Көстөкүүн Луукапсаптыын аан бастакытын күөн көрсүбүт. Онуоха Дмитрий Петрович «Куттаныма, киирсэн ис», — диэн сүбэлээбит эбит. Киинэҕэ олимпийскай чөмпүйүөн Роман Михайлович Дмитриев тэрийэр дьоҕурдааҕа, лидерскэй хаачыстыбата, кыаҕа итэҕэтиилээхтик көрдөрүлүннэ. «Өрөгөй» киинэҕэ Амматтан төрүттээх оччотооҕу тустууктартан барыларыттан таһыччы кыахтаахтара Николай Захаров – Сахаачча туһунан хас да түгэн ойууланна, кини дьоһун аата саамай сөптөөхтүк ааттанна. Коркин үөрэнээччилэрэ Учууталларын туһунан саамай сылаас тылларынан билиҥҥэ диэри уос номоҕо оҥорон, ахталлара Коркин Учуутал , Иитээччи, Киһи быһыытынан Өрөгөйө диэтэхпинэ сыыспаппын. Бары таптаан Бөтүрүөбүс диэн ааттыыллар, кини хас биирдии оҕотун туһугар кыһаллыбытын, араас тренажердары айан туттарбытын, Москваҕа оҕолору туһуннара илтэҕинэ хайаан да библиотекаларга спорду сайыннарар методикатын тупсарарыгар элбэх литератураны ааҕарын, бэлиэтэнэрин, Сойууска, аан дойду да таһымыгар аан бастакынан күҥҥэ иккитэ-үстэ дьарыктыыр тобулу киллэрбитин, дьарыктыыр тустууктарыгар күрэхтэһэн кэллэхтэрин аайы хайдах тустубуттарын ымпыгар-чымпыгар диэри бэйэлэрэ өйдөрүгэр иккистээн толкуйдуулларын, чинчийэллэрин ситиһэн, суруйтарарын, тустуу диэн , бастатан туран, сытыы толкуй, түргэн-тарҕан өй үлэтэ буоларын эппитин , кини чиэһинэйин, чиҥ гынан баран сиэрдээҕин бэлиэтииллэр. Дмитрий Петрович Коркин оруолун биһиги киэн туттуубут Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев оонньоото. Кини Коркин уобараһын үүт-үкчү кини бэйэтэ сылдьарын курдук арыйбытын Павел Пинигин, Александр Иванов бигэргэттилэр уонна оонньоон аны уулуссаҕа көрүстэхпитинэ «Бөтүрүөбүс» диэн ыҥырарбыт буолуо диэн күлүстүлэр. Күндү ааҕааччыларым, «Өрөгөй» киинэни хайаан да көрүҥ. Оттон алтынньы 19-20 күннэригэр «Триумф» спортивнай комплекс уораҕайыгар Д.П.Коркин кэриэһигэр ыытыллыбыт XV норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга күрэхтэһиини бары кэтээн көрбүт буолуохтааххыт. Бу күрэхтэһиигэ 13 дойдуттан уонна регионнартан 190 тустуук күөн көрүстэ. Манна Аан дойду чөмпүйүөннэрэ Ахмед Усманов, Абасгаджи Магомедов, аан дойду призера Евгений Жербаев, Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара Эрназар Акматалиев, Виктор Рассадин, биһиги тустууга сулустарбыт Лев Павлов, Константин Капрынов, Олег Фомин уо.д.а., Таатта улууһуттан төрүттээх Федор Постников туһуннулар. Түмүккэ биһиги ыччаттарбыт үс кыһыл көмүс, биир үрүҥ көмүс уонна үс боруонса мэтээли ылары ситистилэр. Кыһыл көмүс мэтээли Таджикистаантан тустар биир дойдулаахпыт Виктор Рассадин ылла. Манна өссө Д.П.Коркин иитиллээччитэ РСФСР уонна СӨ үтүөлээх тренерэ Будимир Яковлев туһунан «Тустуу аргыстаах олох» диэн Петр Павлов хомуйан оҥорбут кинигэтин биһирэмэ буолла. Бу күннэргэ олимпиецтары кытта сэргэ кинилэр үөлээннээхтэрэ, бэйэлэрин бириэмэлэригэр саханы саха дэппит чулуу тустууктарбыт Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ, Таатта улууһун уонна Уолба нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Кочкин, Сэбиэскэй Сойуус эдэрдэргэ чөмпүйүөнэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы улууһун баһылыгын сүбэһитэ Семен Морфунов ааттара уһулуччу ис хоһооннонон ааттаннылар. Оннук да буолуохтаах. Ол саҕана тустууга саха ааттана да илигинэ Аан Дойду ааттаахтара мустан күөн көрсөр көбүөрдэригэр оччоттон да харчыга хараҥарбыт дьон баҕа санааларын тумуннаран, кинилэр угаайыларыгар киирбэккэ, өссө кинилэри өйдөрүнэн баһыйан, били А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй эппитинии «омук бэртэрин кытта сэргэстэһэр атас буолан», Кыайыыга тиийбиттэрэ дии?! Д.П.Коркин туһунан Россия тустуутун Федерациятын президиэнэ, греко-римскай тустууга олимпийскай чөмпүйүөн Михаил Мамиашвили маннык эттэ: «Для якутян Дмитрий Петрович занимает особое место в мире вольной борьбы. Благодаря мастерству, воле и мудрости великого тренера во многом стал возможным путь якутских борцов к олимпийскому пьедесталу . Сегодня якутская школа вольной борьбы известна далеко за пределами России и традиционно в соревнованиях имени выдающегося якутского тренера принимают не толко российские спортсмены, но и атлеты из более десяти зарубежных стран. Для нас важно всегда поддерживать атмосферу дружбы, открытости и спортивного единения. Дело жизни прославленного тренера продолжается!».
Оннук да буола туруохтун!