Улуус оскуолалара саҥа үөрэх дьылыгар төһө бэлэмнээхтэрий?

 

2023-2024 сыллаах үөрэх дьыла саҕаланара нэдиэлэ эрэ курдук кэм хаалла. Улуус оскуолалара саҥа үөрэх дьылыгар төһө бэлэмнээхтэрий диэн улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Иннокентий Иннокентьевич Дягилевтан  ыйыталастыбыт. Онуоха кини маннык кэпсээтэ:

  • Сылын аайы улуус анал хамыыһыйата бу күннэргэ үөрэх тэрилтэлэрин саҥа үөрэх дьылыгар төһө бэлэмнэрин көрөр, үлэлииргэ көҥүл биэрэ, ол эбэтэр хас биирдии оскуоланы оҕо уһуйаанын приёмкалыыр. Бүгүҥҥү туругунан улуус бары 16 оскуолалара, 9 уһуйааннара, 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ өрөмүөннэнэн приемканы аастылар. Балартан 2 оскуола — Ытык Күөл 1 №-дээх уонна 2 №-дээх оскуолалара өрөспүүбүлүкэтээҕи «Модернизация школьных систем образования” программаҕа киирэн, капитальнай өрөмүөнү ыытан улахан үлэни көрүстүлэр. Манна иккис оскуола өрөмүөнэ сүрүннээн бүппүт буоллаҕына, 1-кы оскуола өрөмүөнэ өссө да ситэ илигинэн үлэ күүскэ баран балаҕан ыйын 1 күнүгэр толору кээмэйинэн оҥорон бүтэриэхтээхтэр.

Иккис оскуола икки объегын өрөмүөнүн  «Туйгун” ХЭТ (дир. В.Н.Никитин) муус устар ыйтан саҕалаабыта. Бу тэрилтэ обшивка аннынан каркаһы туруордулар, дьиэ үрдүн кырааскалаатылар, түннүктэрин стеклопакетынан уларыттылар, муостатын сылытыытын оҥордулар, кырааскалаатылар, линолеумунан бүрүйдүлэр. 8 000 000 солк. суумаҕа туох баар үөрэнэр тэриллэрин – паарталары, дуоскалары о.д.а. оборудованиелары саҥартылар. 800 000 солк. учебниктарынан хааччыйдылар, 37 педүлэһит квалификациятын үрдэтиннэ. 18 304 081,64 солк. үптээх үлэни бүгүҥҥү күннээххэ 100% толордо.

Алампа аатынан оскуолаҕа “Стандарт+” ХЭТ (ген. дир. А.Б.Кодиров) 56 805 155,10 солк. суумалаах өрөмүөн үлэтин 90% толордо. 82 педүлэһит 115 000 солк. суумаҕа квалификациятын үрдэтиннэ, 1800 000 солк. суумаҕа учебнигынан хааччылынна,  олбуорун күрүөлээһиҥҥэ (ограждение) – 5 600 000,  сигнализацияны монтажтааһыҥҥа (тревожная кнопка) – 170 000, видеонан кэтээн көрүүгэ – 1 000 000 солк., тылынан иһитиннэриигэ АПС (речевое оповещение) монтажтааһыҥҥа – 1 643 000 солк. Аактабай саалаҕа уоттаах-күөстээх улахан экраны туруоруохтаахтар. Онтон да атын иһинээҕи үлэтэ ситэриллиэхтээх.

Быйылгы үөрэх дьылыгар улуус үөрэнээччилэрин ахсаана 2939 буолан турар. Кинилэр үөрэ-көтө саҥа тыыннаммыт кэрэ көстүүлээх оскуолаларга билиини сомсо кэлиэхтэрэ.

  • Оттон оскуола аанын саппыт оҕолорбут быйыл сайын үөрэххэ киириилэрэ хайдаҕый диир буоллахха, барыллааһын түмүк көрдөрүүтэ куһаҕана суох. Былырыыҥҥы сайыны кытта тэҥнээтэххэ өссө ордук курдук. 6 выпускниктаах Дэбдиргэ оскуолатын хайҕыахха эрэ сөп. Выпускниктара 100 % бюджетнай миэстэҕэ  үрдүк үөрэххэ киирбиттэр. Өссө бүтэһиктээх түмүк тахсыар диэри ыраах. Орто анал үөрэххэ туттарсыы буола турар. Сорох үрдүк үөрэхтэргэ да эбии набордууллар. Онон сылын аайы буоларын курдук 100 %  үөрэҕинэн хабыллыахтара диэн эрэнэбит.

А.Неустроева.