Умнуллубат маҥнайгы учуутал

Балаҕан ыйын 1 күнэ – билии күнэ. Күндэлэс күннээх чаҕылхай күн үөрүү-көтүү аргыстаах оҕо-аймах, төрөппүт, учуутал сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн, бары да ахтыспыт дьон сиэринэн, сырдык мичээрдээх оскуолаҕа үмүөрүһэ муһуннулар. Умнуллубат күн үрдүк уҥуохтаах, интеллигентнэй көрүҥнээх, көрүөхтэн кэрэ сэбэрэлээх ис сүрэҕиттэн сүргэтэ көтөҕүллүбүт алын кылаас учуутала сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах оҕолорун аттыгар турарын омос көрө түстүм. Учуутал чаҕылыҥнас харахтара сылаас тапталынан угуттанан, хас биирдии оҕо сүрэҕэр үтүөнү-сырдыгы саҕар.

Бу үгүс көлүөнэҕэ чиҥ билиини иҥэрэн, ийэлии истиҥ сыһыанынан олох киэҥ аартыгар атаарбыт үрдүк маастарыстыбалаах учуутал Валерия Георгиевна Винокурова, чугдаарар алтан чуораан лыҥкынас тыаһын олох аргыһа оҥостон, оскуола боруогун атыллаабыт кырачааннарга кынат үүннэрэн кэлбитэ, туох да омуна суох 40 тахса сыл буолла. «Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык»… Учуутал  суолдьут сулус кэриэтэ кэнчээри ыччат инникитин түстээн, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйан, үгүс көлүөнэни үүннэрэн таһаарда. Оҕо, төрөппүт истиҥ тапталын, барҕа махталын ылбыт маҥнайгы учуутал үөрэппит оҕолоро билигин Саха сирин араас муннуктарыгар, омук сиригэр тиийэ үтүө үлэһит дьон буолан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Оҕо инники кэскилэ, дэгиттэр сайдыылаах, сатабыллаах киһи буола улаатара маҥнайгы учууталтан улахан тутулуктаах. Үгүс оҕо маҥнайгы кылаастан саҕалаан, бастакы учууталын үтүө холобур оҥостон, кини бастыҥ хаачыстыбаларын иҥэринэн, уһуйуллан тахсар. Учууталтан саҕаланар оҕо үөрэххэ тардыһыыта, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйуллуута, сырдыкка талаһыыта. Кинилэр оҕо инники олоҕор ситиһиилээх киһи буоларын туһугар үлэлииллэр, ис сүрэхтэн кыһаллаллар, үөрэппит оҕолоругар эрэл кыымын иҥэрэллэр, бигэтик эрэнэллэр. Хас биирдии киһиэхэ «Маҥнайгы учуутал» диэн тыл ураты истиҥник, иһирэхтик иһиллэр, кыһалҕата суох оҕо саас ааспыт ахтылҕанын санатар.

УЧУУТАЛ — ҮРДҮК АНАЛ

Валерия Георгиевна Саха өрөспүүбүлүкэтинээҕи «Книга почета лучших трудовых династий» кинигэҕэ киирбит, 700 тахса сыл үүнэр көлүөнэни үөрэтэн таһаарбыт киэҥник биллэр Малышевтар учуутал династияларын утумун салҕааччынан буолар. Айылҕаттан бэриллибит уһуйар талааннаах учуутал Игидэй оскуолатыгар алын кылаас учууталынан үлэтин саҕалаан, Мэлдьэхси коррекционнай интернат-оскуолатыгар учууталлаан, үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччынан, УНО методиһынан үлэлээн, баай үөрүйэҕи иҥэриммитэ.

Саҥа үлэтин саҕалыаҕыттан эдэр учуутал араас тиэмэлэрдээх папкалары, магнитофонтан, фотоаппараттан, бэчээттиир массыыҥкаттан саҕалаан үлэлиир усулуобуйатын барытын тэриммитэ. Оччотооҕу кэмҥэ үлэ үөһүгэр сылдьар учуутал сыл ахсын үөрэппит уруоктарын сорудахтарын салгыы сайыннаран, аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир баай матырыйааллары оҥорон, кылаас таһынааҕы дьарык, тэрээһин сценарийдарын мунньан, учууталларга көмө босуобуйалары бэчээттэтэн таһаарбыта. Үүнэр көлүөнэни үөрэтиини киэҥник көрөр кыһамньылаах учуутал, СӨ үөрҕириитин туйгуна Валерия Георгиевна хара маҥнайгыттан, туохха барытыгар бэрээдэги ирдиирэ. Кини аҕата, «Знание» уопсастыба лектора Георгий Романович Малышев «Оҕо учуутал кылааска киирэн эрэриттэн ис туругун билэр», — диэн эппитин куруук өйдөөн, айымньылаах сыһыанынан салайтаран үлэлиирэ, куруук кэскиллээҕи киллэрэргэ дьулуһара. Учууталлар учууталлара үрдүк ааты сүгэр Валерия Георгиевна олоххо киллэрбит бырайыактара үгүс сыл утумнаахтык үлэлээн, оҕо сайдар кэскилин түстүүллэр, билиини хаҥатарга туһуламмыт саҥаттан-саҥа сорудахтара үөрэҕи-билиини чэпчэкитик ылынарга интэриэһи үөскэтэр сүдү күүһүнэн буолаллар.

УЧУУТАЛ ОЛОҔУН ТУХАРЫ – УЧУУТАЛ

Валерия Георгиевна үөрэппит оҕолоро олох оскуолатыгар уһуйуллан, дэгиттэр сайдыылаах дьон буола үүнэллэр. Кини саҥа сүүрээн быһыытынан киллэрбит оҕо иитиитигэр аналлаах «Төрөппүт оскуолата» кэпсэтии түһүлгэтэ, айымньы аартыгын арыйар «Бииргэ ааҕар үчүгэй», ураты эйгэлээх «Түһүлгэ» театральнай кулууба, тылы-өһү сайыннарар «Куукула театра» күн бүгүнүгэр диэри киэҥ биһирэбили ылан, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр ортолоругар үтүө тылынан ахтыллар.

Сатабыллаах учуутал оҕону бары өттүнэн сайыннарар үлэни көҕүлээн, тэрилтэлэри, эбии дьарык педагогтарын, учууталлары түмэн, араас дьарыктары киллэрбитэ, кырачааннар үҥкүүлүүр, ыллыыр-туойар, олоҥхолуур, хоһоон ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарар күрэстэргэ, научнай ааҕыыларга, кытыннарара, ВИА бөлөҕүн тэрийэн, музыкальнай инструмеҥҥа оонньуурга уһуйтарара, үс тылынан инсценнировкалары туруорара, араас таһымнаах куонкурустарга кылааһы бүтүннүү хабан дьарыктыыра, олох ирдэбилинэн оҕолоругар робототехника куруһуогун үлэлэтэрэ, төрөппүттэри кытары, кылаас бүтүннүүтэ долгуйа күүтэр, 9 көстүүлээх «Тоҕус төгүл «тоҕо?», «Үчүгэй түҥэтик» киинэлэри, олох көрүдьүөс түгэннэрин түмэн көрдөрөр «Ералаһы» уһултарбыта.

Чинчийээччи-учуутал кынаттаабыт оҕолоро Аан дойдутааҕы «Инникигэ хардыы» науканан дьарыктанар эдэр ыччат форумугар уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэтин иһинэн ыытыллыбыт «ЮНЕСКО» ситимин оскуолаларын ортолоругар XIII «Мир вокруг нас» научнай-практическай конференция кыайыылаахтарынан ааттанан, улуус чиэһин үрдүк таһымҥа көмүскээбиттэрэ.

Валерия Георгиевна үлэлээбитин тухары үөрэппит оҕолорун сайыннарарга оҥорбута үгүс… Кини таһаарыылаах үлэтин сүрүн кистэлэҥэ туохха сытарый? Билиигэ сирдиир, сырдыгы саҕааччы айымньылаах үлэтэ барыта: кини интэриэһи үөскэтээччи, бастыҥ тэрийээччи, дьону түмэр ураты дьоҕурдааҕын, интэриэһи тардар көҕүлээччи, сатабыллаах салайааччы, күүстээх сценарист, айымньылаах режиссер, хасыһан үөрэтэр чинчийээччи, педагог-инноватор, методист-учуутал, кыһыл көмүс буукубанан суруллар УЧУУТАЛ буоларын туоһулуур.

Аныгы сайдыылаах үйэни кытары тэҥҥэ хаамсар педагог-инноватор билиҥҥи кэм ирдэбилинэн «киһи хапытаалын» хаҥатыыга күүскэ үлэлэһэр. Валерия Георгиевна «Учуутал үйэтин тухары үөрэнэр» диэн санаанан салайтаран, билиҥҥи кэмҥэ олус туһалаах дефектолог идэтин бүтэрэн, салгыы сайдар суолу тобулар.

УЧУУТАЛ – ОЛОХПУТ СИРДЬИТЭ, ДЬЫЛҔАБЫТ БЭЛЭҔЭ

Маҥнайгы үөрэнээччитэ Вера Матвеева

«САХА» НКИХ Тааттатааҕы филиалын салайааччыта Вера Матвеева:

Биһиги, 1980 сыллаахха, 12 кыыс, 6 уол буоламмыт академик Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын боруогун аан бастаан атыллаабыппыт. Бастакы учууталбытынан Валерия Георгиевна Малышева анаммыта. Кырачаан дьону «А» буукубаттан саҕалаан ааҕарга, суруйарга, ахсааны суоттуурга үөрэтии, үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит учууталга бастакы сүрэхтэнии буоллаҕа. Хас биирдии уруок, кылаас таһынааҕы үлэ үрдүк таһымҥа ыытыллара. «Кукольнай театр» куруһуогар астына дьарыктанарбыт. Октябренокка киирии, пионер аалай хаалтыһын бааныы — умнуллубат өйдөбүл. Герой пионердар хорсун быһыыларын туһунан киэн тутта кэпсиирбит. Учууталбыт хас биирдии оҕо личность быһыытынан сайдарыгар улахан болҕомтотун уурара. Ол да иһин буолуо, бары идэлэнэн, дьиэ-уот тэринэн этэҥҥэ олоробут, олох-дьаһах бары хайысхатыгар ситиһиилээхтик үлэлиибит.

Көччөх гынан көтүппүт маҥнайгы кылааһа

Төрөппүт Любовь Турнина:

Оҕом Нина бастакы учуутала Валерия Георгиевна Винокурова. Учуутал сүрүн соруга — билиини биэрии. Учуутал кылааһын оҕолоругар араас сорудахтары тэҥҥэ толорторон, коллективнай сыһыаны тэрийэн, үлэтэ үтүө түмүктээх. Биһиги учууталбыт олоҥхону толорууга, остуоруйаны туруорууга, хоһоон ааҕытыгар кылаас оҕотун барытын кытыннарара. Алын сүһүөх кылааска үөрэтэр оҕолоро музыкальнай инструмены сэргииллэрин таба көрөн, ырыа ыллатан, куруук араас тэрээһиннэргэ кытталлара. Учууталбыт интэриэһи үөскэтэн билигин Нина, Диана, Селена оскуолаҕа ВИА-ҕа дьарыктаналлар. Валерия Георгиевна хоһоонунан кыра сценка туруорарыгар оҕолор бары оруоллары толорон, сөп түбэһэр таҥастанан, музыкальнай доҕуһуолунунан киэргэтэн, хоһоон ааҕар интонацияларын барытын бэйэтэ дьарыктыыра, салайара. Оҕолор тэрээһиҥҥэ кытталларын олус сөбүлүүллэрэ. Төрөппүттэр бары биир санаанан көмөлөһөн, тэрийсэн, ыкса билсиһэн, биир коллектив буолан, түөрт сылбыт биллибэккэ ааспыта.

Төрөппүт  Светлана Халгаева:

Биһиги бастакы учууталбыт Валерия Георгиевна бары өттүнэн оҕоҕо үтүө эйгэлээх, билиини иҥэрэрин таһынан, хас биирдии оҕо сайдан тахсарыгар улахан болҕомтотун уурар. Бастакы кылааска киирбит кырачаан оҕолорбут алын сүһүөх кылааһы бүтэрэллэригэр сыанаттан түспэт артыыс, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэргэ хоһоон ааҕар, ырыа ыллыыр дьоҕурдара сайдыбыта. Сыанаҕа, араас куонкурустарга холкутук туттар-хаптар буолбуттара. Бу барыта учууталбыт Валерия Георгиевна улахан үтүөтэ, өҥөтө. Кини айымньылаах үлэһит буолан, оҕо үөрэҕэр ылар эйгэтин кэҥэтэн, сценкаҕа оонньуохтаах  оруолун үөрэтэн, ааҕан, эбии билиитин хаҥатарыгар кыаҕы биэрэрэ. Холобура, мин оҕобор Толя Михалевка хомурдуос, Айболит доктор, куобах, учуутал, эһэ оруолун толорторбута. 2017 сыллаахха куобах уонна учуутал оруолун оонньоон «Бастыҥ актер» аатын сүкпүтэ. Учууталбыт биир үтүө өрүтүнэн оҕолор  библиотекаҕа сылдьан кинигэ ааҕалларын ирдиирэ. Кус оҕолорун курдук субурутан үөрэнээччилэрин оҕо библиотекатыгар сырытыннарара, сонун быыстапкалары көрдөрөрө. Валерия Георгиевнаны олус ирдэбиллээх учуутал быһыытынан сыаналыыбын. Билигин даҕаны кини иитэн таһаарбыт үөрүйэҕинэн оҕом уруогун этиттэриитэ суох бэйэтэ ааҕар. Бу маннык үөрэтэн миэхэ, төрөппүккэ, олус улахан чэпчэтиини оҥордо диэн күн бүгүҥҥэ диэри махтанабын. Түгэнинэн туһанан, күндү учууталбытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, нус бараан олоҕу,  айымньылаах үлэни, махталлаах үөрэнээччилэри, төрөппүттэри баҕарабын. Учуутал үрдүк аатын эҥкилэ суох үтүө холобурун эйиэхэ көрөбүн диэн махтанан, сүгүрүйэн туран этэбин.

Төрөппүт Мария Плотникова:

Биһиги Плотниковтар дьиэ кэргэн икки уол оҕобут алын кылааска Валерия Георгиевнаҕа түбэһэн үөрэнэн, ситиһиилээхтик бүтэрэн улахан махталлаахпыт.
Учууталбыт оҕо талаанын таба көрөн, төрөппүтү, оҕону кытта сүбэлэһэн, дьарыктыыр ураты дьоҕурдаах учуутал быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Ол туоһутунан оҕолорум ылбыт элбэх дипломнара, грамоталара, билигин ситиһиилээх үөрэхтэрэ миигин кынаттыыллар. Билигин да учууталбыт күүс-көмө, сүбэ-ама буолар күндү киһибитинэн буолар.

Бииргэ үлэлээбит коллегата, А.И. Софронов — Алампа аатынан Ытык Күөл №1 ОО алын кылааһын учуутала Марина Алексеева:

Винокурова Валерия Георгиевна үрдүк категориялаах «СӨ Педагогтар династиялара» үрдүк аат, «Старшай учуутал», СӨ Үөрэҕириитин туйгуна бэлиэлэр хаһаайкалара, үгүс методическай пособиелар, кинигэлэр ааптардара. Кини киэҥ билиилээх, элбэх саҥа идеялардаах, ураты көрүүлээх учууталынан буолар. Уонтан тахса сыл «Түһүлгэ» театральнай кулуубу салайан, бииргэ алтыһан үлэлээн кэлбит дьүөгэбитин, коллегабытын бастыҥ сценарист, туруорааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбыт. Валерия Георгиевна кыраҕы харахтаах грамотнай корректор. Түмэн таһаарбыт пособиеларбыт тахсыыларыгар сүрүн оруолу ылар тутаах киһибит. Кини чинчийээччи- учуутал быһыытынан эмиэ киэҥник биллэр. Үөрэппит оҕолоро Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр күрэхтэр кыайыылаахтарынан буолаллар.

“Туллукчаан” оҕо библиотекатын библиограба Анна Монастырева:

Алампа аатынан орто оскуола учуутала  Винокурова Валерия Георгиевна оҕо толлугаһа суох санаатын этэр, толкуйдуур, туохха барытыгар айымньылаахтык сыһыаннаһа улаатарыгар үгүс сыратын биэрэр. “Туллукчаан” оҕо библиотекатын кытта “Бииргэ ааҕар үчүгэй” кулуубу аҕыс сыл устата ситиһиилээхтик үлэлэтэн кэллибит. Учуутал хамсык дьаҥын кэмигэр кыра оҕо тыл этэр дьоҕурун сайыннарар сыалтан “Лектор оҕолор” кулууптарын үлэлэппитэ. Кулууптар үлэлэрэ уус-уран айымньыны кытта үлэҕэ олоҕуран, оҕо тылын-өһүн байытар, оҥорон көрөр дьоҕурун сайыннарар. Валерия Георгиевна саҥаттан-саҥа сорудахтары, дьарыктары толкуйдаан, киэҥ билиигэ сирдиир учуутал. Кини театрализованнай инсценнировкаларга, уус-уран ааҕыыларга кытыннаран, аахпыт айымньынан уруһуйдатан, тэттик киинэлэри уһултаран, аудиокинигэлэри оҥорторон, оҕо интэриэһин тардар үлэлэри сатабыллаахтык тэрийэр. Үөрэнээччилэр тэтимнээхтик үлэлииргэ үөрэнэн, түргэнник толкуйдуур, үлэһит, эппиэтинэстээх буола улааталлар. В.Г. Винокурова маҥнайгы кылаастан ааҕыыга үөрэтэр олус сонун кинигэлэр ааптардарынан буолар. Утумнаахтык үлэлиир учуутал, уһуйааччы  В.Г. Винокурова төрөппүттэри, учууталлары биир сыалга түмэ тардар дьоҕура туохха да кэмнэммэт үтүө холобурунан буолар.

АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭНИ КЭРЭҺЭЛИИР ХААРТЫСКАЛАР:

 

 

БЭЧЭЭТТЭТЭН ТАҺААРБЫТ КИНИГЭЛЭРЭ:

  

Читайте дальше