Уустук олохтоох улуу бөлүһүөк

Аас-туор ааспыт кэмин

Аны Чөркөөх түһээн көрөр,

Ыһыктыбат үрдүк дьолун

Ытык буоругар бигии сытар,

Бүгүн үөрүү төлөннөрүн

Барытын манна көрөбүт,

Кыахтааҕым буоллар Чөркөөхпүн

Кууһан ууруох курдукпун,

Ойуунускай дойдута –

Олоруохха оннук кэрэ!

 В.Алексеев «Ойуунускай» поэма

Чөркөөхтөөҕү история уонна этнография музейаЧөркөөх… Өктөөбүрүскэй нэһилиэк…     Ойуун… Ойуунускай… Бу ааттары “сахабын” дэнэр киһи арааһа үксэ истибитэ, билэрэ буолуо дии саныыбын.

Биир дойдулаахпыт, бөдөҥ государственнай уонна политическай деятель  П.А. Ойуунускай быйыл төрөөбүтэ 120 сылын республика общественноһа киэҥник бэлиэ-тиэҕэ. Онно сөптөөх дьаһаллар былааннара бигэргэтиллэн, үлэ-хамнас ыытылла турарын бары билэ-көрө, үксүбүт кыттыһа сылдьабыт.

Сыллар-хонуктар ааһан истэхтэрин аайы улуу убайбыт киһи быһыытынан килбиэнэ, өркөн өйө, бөлүһүөк быһыытынан ырааҕы өтө көрүүлэрэ, тутааччы, арыйааччы, айааччы быһыытынан уобараһа өссө сүдүтүйэн, улуутуйан көстөр дии саныыбын.

Революция кыһатыгар буспут-хаппыт, сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт оччотооҕу уолаттар: “Ыраахтааҕы суулунна, былаас уларыйда, биһиги норуоппут олоҕун-дьаһаҕын маннык салайдахпытына сатаныыһы, былаас норуокка, сир бааһынайдарга бэриллиэхтээх”, — диэн санаанан салайтаран, оччотооҕу будулҕан дьылларга сөптөөхтүк, ардыгар харса суох хабардык да дьаһаммыттар эбит ээ диэн, сөҕө-махтайа, салла да саныыбын.

Гражданскай сэрии сылларыгар былаас Дьокуускайга хаста эмэтэ уларыйар да кэмнэригэр, бэл хаайылла сытан, Платон Алексеевич барахсан санаатын булгуруппатаҕын, өйүн ыһыктыбатаҕын киһи эрэ сөҕөр.

Сорох салайааччылар, бэл суруйааччылар, Платон Ойуунускайы революционер эрэ быһыытынан көрдөрө сатыыллар. Саха народнай поэта Семен Данилов П.А.Ойуунускай түһунан маннык эппиттээх: “Ойуунускай туох-ханнык иннинэ революционер. Кини поэзиятын биһигиí Улуу Октябрьскай социалистическай революция модун буурҕата бигээбитэ… кини ити сэтинньи сэттистиир күнүгэр ситэрбит буурҕа силлиэ иһиттэн уһууран тахсыбыта. Ол иһин кини хас биирдии хоһооно, кэпсээнэ, драмата, критическэй, научнай даҕаны үлэлэрэ — барыта кини революционнай охсуһуутуттан, саҥа олоҕу тутар туһугар үлэтиттэн быстыспат сибээстээх, ол модун охсуһуу, баараҕай үлэ биир чаҕылхай көстүүтэ, быстыспат сорҕото. Онон кини оҥорбутун-айбытын ис хоһооно барыта, ону ааһан кини тус бэйэтин олоҕун силиһэ-мутуга барыта социалистическай революцияттан силистээх. Ити революция сайаҕас салгына Ойуунускай хас биирдии тылыттан, Ойуунускай хас биирдии хардыытыттан илгийэр” (Семен Данилов. П.А.Ойуунускай аата. “Хотугу сулус” сур. 11-с №-рэ, 1973 с., 15 стр.).

Народнай суруйааччы Семен Данилов   этиилэрин кытары сөпсөспөт буолар сатаммат, ол гынан баран, мин Платон Алексевич саха аҕыс кырыылаах саарынын биир эрэ кырыытын — кини улуу бөлүһүөк быһыытынан норуотун инники дьылҕатын, кэскилин хайдах курдук дириҥник өтө көрбүтүн сөҕө-махтайа бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ылан көрүөҕүҥ, кини биир чопчу айымньытын — “Сүүс сыллаах улуу былаанын”.

Бу айымньытыгар кини бэйэтин улуус Ситэриилээх Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Толоруулаах Доропуунунан ойуулаан туран, биһиги республикабытыгар, бүтүн Россияҕа Улуу Октябрьскай революция кэнниттэн 50, 60, 70, 100 сылынан хайдахтаах курдук Улуу уларыйыылар тахсыахтаахтарын кэрэһэлээн көрдөрбүтүттэн, холобур, мин улаханнык     уолуйуохпар диэри соһуйабын. Толоруулаах Доропуун этэр ээ:

“Өктөөп революция бэһис уонус сылыгар, 1967 сыллаах дьылга бу Саха сиригэр буор сыбахтаах, муус түннүктээх балаҕан дьиэни биири даҕаны көрүөххүт суоҕа, күндээр таас түннүктээх, кырааскалаах муосталаах нуучча дьиэтэ туругуруоҕа. Дьахтар сайдан, үөрэнэн, эр киһини кытта хайа даа үлэни барытын кыайар, сатыыр буолуоҕа. Дьахтары сынньар, мөҕөр умнуллуоҕа, сүтүөҕэ”, — диэн.

1967-70 сыллар бу биһиги Сахабыт сиригэр холкуостар бөдөҥсүтүллэн, совхозтарга кубулуйбут, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар кэмнэрэ. Ылан көрүөҕүҥ “Таатта”, П.Алексеев аатынан, “Коммунизм” совхозтар сайдар кэмнэрин. Бу хаһаайыстыбалар социальнай суолталаах объектары: оскуолалары, балыыһалары, олорор дьиэлэри туталлара, производство 10-12 хайысхатынан үлэни ыыталлара, онно барытыгар биһиги эдьиийдэрбит, балтыларбыт эр дьону кытары бииргэ хайдахтаах курдук таһаарыылаахтык үлэлииллэрэй, айалларай, туталларай, производствоны салайалларай?!

Толоруулаах Доропуун дакылаатыгар салгыы этэр:

“Онон, табаарыстаар! Өктөөп революция сэттэ уон сылын туолуутугар социализм олоҕо олохсуйан бүтүөҕэ, онтон антах коммунизм олоҕор икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх аан маҥнайгы үрдүк үөрүүлээх олоҕор тиийиэхпит.

Коммуна аайы, биитэр аҕа ууһун аайы дэлэгэй көтөр аал баар буолуоҕа, автомобиль элбиэҕэ, араас массыына барыта баар буолуоҕа”.

Ити этиигэ киһи мөккүһэрэ улахан суох, сайдыылаах социализм түмүктэнэн эрэр кэмэ этэ. Ону ама ким мэлдьэһиэй. Хас оройуон киинин аайы бэйэбит аэродромнаах буоларбыт. АН-2 самолеттарынан, МИ-8 вертолеттарынан нэһилиэктэрбитигэр көтөрбүт, норуот туттар табаардарын таһарбыт. Массыына, автобус арааһа, кырдьык, дэлэгэй этэ буолбаат!

Ас-таҥас дэлэйэ, совхозтарга ынах, сылгы сүөһүбүт дэлэгэй аһылыгынан хааччыллан, валовой бородууксуйа муҥутуур көрдөрүүлэрин ситиһэрбит баар суол этэ дии. Хайдахтаах курдук сытыы, дириҥ өтө көрүүнүй?

Бүтэһигэр этэр ээ, Толоруулаах Доропуун:

“2013 сылтан 2017 сылга Дьокуускай куорат киэбэ-киэлитэ тупсуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйыаҕа. Тимир бетон дьиэлэр дьэргэһиэхтэрэ, курустаал таас дыбарыастар күлүмнэһиэхтэрэ. Дьэҥкир таас уулуссаланан килбэйиэҕэ, араас мастар-оттор үүнүөхтэрэ”.

Биллэн турар, ити көрүүлэргэ киһи мөккүһэрэ туох да суох. Республикабыт киин куората күннэтэ тупса-сайда, үүнэ-чэчирии турарын харахтаах эрэ барыта көрөр, кулгаахтаах эрэ барыта истэр.

Дьэ, бу маннык өтө көрүүлэри хайдахтаах талааннаах, хомуһуннаах киһи оҥоруон сөбүй? Оҥоруон сөп, оччотооҕу да кэмҥэ бүтүн Советскай Союзка, аан дойдуга олох сайдыытын күннэтэ кэтээн көрөр уонна ол үлэлэргэ бэйэтэ орооһо, кыттыһа сылдьар, промышленность бары салаалара сайдар тэтимнэрин билэр-көрөр уонна ону барытын өйүнэн-санаатынан ырыҥалаан буһарар салайааччы, учуонай. Оннук улуу хомуһуннаах, өйдөөх, аналитик этэ Биһиги Платон Алексеевичпыт.

Кини ырата туолуохтун, алгыһа тиийиэхтин!

(«Таатта» хаһыат таһаарар «Талба Таатта» сурунаалыттан ылылынна. 2018 с.)

П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата

Николай ТУЛАСЫНОВ, “Октябрьскай нэһилиэк”

МТ баһылыга, норуот  хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.