Аны аҕыйах кэминэн саңа үѳрэх дьыла саҕаланыа, быйылгы үѳрэх дьылыгар оскуолалар, детсадтар, эбии үѳрэх тэрилтэлэрэ төһө бэлэмнэрин, үөрэҕириигэ саҥа киирэр уларыйыылары уонна үѳрэх эйгэтэ туох ханнык сылга
үктэнэн эрэрин туһунан Таатта улууһун
үѳрэҕириитин салаатын начальнига Иннокентий Иннокентьевич Дягилевтан
кэпсииригэр кѳрдѳстүбүт.
Үтүѳ күн буоллун «Таатта» хаһыат ааҕааччылара! Улууска үѳрэх тэрилтэлэрэ сайын былааннаммыты эриэ-дэхси толорон, саңа үѳрэх сылын саҕалыырга бэлэмнэр. Бастатан туран, сайыңңы кэмңэ үөрэх тэрилтэлэригэр өрөмүөн
үлэтэ ыытылынна, хаарбах оскуолаларбыт атын эбийиэктэргэ үлэлиир буоланнар, онно чуолаан благоустройствоны
киллэриигэ күүскэ үлэлэстибит, үѳрэх ыытыллар эбийиэктэригэр лицензия, ол эбэтэр кѳңүл ылыытын түмүктүүр
түһүмэҕэр тиийдэ. Ытык Күѳлгэ детсадтар хаарбах дьиэлэрэ эмиэ сабылланнар кэккэ ыарахаттар баалларын
этэҥҥэ быһааран олоробут уонна эбии үѳрэхтээһин «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ, «Тускул» доруобуйаларыгар хааччахтаах, инбэлиит оҕолору кытта үлэлиир «Лидер» киин уонна «Модун»
урбаанньыттар дьиэлэригэр киириэхтэрэ. Онон үлэлиир усулуобуйалара тосту тупсар кыахтанна. Федеральнай программанан саңа тутулла турар 450 миэстэлээх, 100 оҕоҕо анаммыт интэринээттээх оскуолабыт тутуута графиктан урутаан иһэр. Билигин ис үлэтэ үмүрүйэн, оскуола уонна улуус салалталара тутууну ыытар бэдэрээтчити кытта бииргэ үлэлэһэннэр, оскуола ис бараана, ол эбэтэр дизайна олус үчүгэйдик оҥоһуллуохтаах. Онтон саңа үѳрэх дьылыгар маңнайгы кылааска уопсайа 225 оҕону Госуслуга нѳңүѳ сайабылыанньанан үөрэтиэхпит. Быйыл оскуоланы бүтэрээччилэртэн бүддьүөттээх миэстэлэргэ хапсан үрдүк үѳрэххэ — 35, киин вузтарга — 4, орто анал үѳрэххэ — 13 выпускник чопчу киирдэ. Сорохтор үѳрэххэ ылыллыбыттарын туһунан анал
бирикээһи кэтэһэллэр. Биллэн турар бу сыыппаралар ыкса күһүн чопчуланыахтара. Тыараһа орто анал коррекционнай оскуолатын 5 оҕо бүтэрбититтэн түѳрдэ орто анал үѳрэххэ киирдэ, бу эмиэ бэрт үчүгэй кѳрдѳрүү. Кэлиңңи сылларга 9, 11 кылаастары бүтэрээччилэр орто анал үѳрэххэ киириилэрэ үксээн иһэр, бу оҕо түргэнник идэ ылан үлэһит буолар баҕатыттан тахсар.
Салгыы быйылгы уларыйыылар тустарынан эттэххэ маннык, ол курдук «Просвещение» үөрэҕирии Министиэристибэтин дьаһалынан «Основы безопасности жизнедеятельности и защита Родины» уонна «Труд» диэн икки саңа уруоктар киириэхтэрэ. Бу урукку ОБЖ уонна технология үѳрэх тосхоллоругар эбии киллэриинэн ситиһилиннэ. Холобур, «Основы безопасности жизнедеятельности и защита Родины» уроктарга үѳрэнээччилэр беспилотнай кѳтѳр аппараттары, кибер сэрэхтээх буолууну үѳрэтиэхтэрэ. Үлэ уруоктарыгар кыргыттар ас астыырга, уолаттар уһанарга уонна да атын сатабылларга уһуйуллуохтара, ол иһигэр аныгы идэлэргэ, холобур аддитивнай оңорон таһаарыы, промышленнай дизайн түһүмэхтэрэ баар буолуохтара. Бу предметтэргэ учууталлар идэни үрдэтинэр куурустары бара сылдьаллар. Манна даҕатан эттэххэ, ѳрѳспүүбүлүкэ учууталларыгар саңа предметтэр куурустарын ааһалларыгар Ытык Күѳл 1 нүѳмэрдээх оскуолатын учуутала Ирина Юрьевна Тарасенко кураторынан анаммыта. Оскуолаларга аһаҕас үлэ миэстэлэрэ билигин да бааллар, ордук нуучча тылын, физика, математика, информатика учууталларыгар наадыйабыт. Чуолаан Баайаҕа уонна Уус Таатта оскуолаларыгар, онон үлэлиэн баҕалаахтары ыңырабыт. Сыллата эдэр учууталлар кэлэн, Игидэйгэ Өлүѳхүмэттэн физкультура учуутала, Чычымахха математика, маңнайгы нүѳмэрдээх оскуолаҕа, Таатта лиссиэйигэр үлэлиэхтэрэ. Икки федеральнай бырайыактарга киирдибит, Игидэй оскуолатыгар «Цифровая образовательная среда» уонна улуус үбүлээһининэн «Күн Туллуктара» детсад «Новые места» эбии үѳрэхтээһин тосхоло. Манна кырачааннар роботтары баһылыахтара уонна мини футболга дьарыктаныахтара, федеральнай проектар үптэрэ үгүѳрү, бу икки кыһаҕа оҕо сайдар усулуобуйата киин сиртэн итэҕэһэ суох буолла. Биир саңа ирдэбилинэн Госдума депутаттара ылыммыт сокуоннарынан, Федерация Сэбиэтэ бигэргэппитигэр олоҕуран, балаҕан ыйын маңнайгы күнүттэн оскуолаҕа үѳрэнээччи сотовай төлөпүөнү туттара бобулунна. Суһал иһитиннэрии баар түгэнигэр
оҕо уонна тѳрѳппүт телефонунан кэпсэтиэхтэрин сѳп, ирдэбили тѳрѳппүт бэйэтэ сѳпкѳ ѳйдѳѳн оҕотугар бэйэтэ быһаарара ордук. Судаарыстыбаннай символларга ирдэбил күүһүрэн, хас сэттиэлэ маңнайгы күнүгэр Арассыыйа былааҕын ѳрѳ анньабыт, өрөгөй ырыатын ыллыыбыт, Арассыыйа историятын токуруппакка дьоһуннаах кэпсэтии уруоктарын ыытан, үүнэр кэнчээрилэрбитигэр дьиң чахчыны кэпсээн, аттыбытыгар баар дьоруойдарбытын сырдатабыт, туруу үлэһит биир дойдулаах дьоммут үтүө холобурдарын билиһиннэрэбит. Саңа үѳрэх дьылын бары бииргэ сомоҕолоһон, биир ѳйдѳбүлгэ киирэн, үүнэр ыччаппытын иитиэҕиң, аныгы сатабылларга уһуйуоҕуң!
Таатта улууһун үѳрэҕириитин салаатын начальнига И. И. Дягилев