А.Е.Мординов аатынан билии кыһатын – оскуолабыт тутуутугар Кими барытын, ордук Таатта улууһун дьонун-сэргэтин, ыччатын төрөөбүт улууспут киинигэр Ытык Күөлгэ туох да омуна суох тутуу бөҕө күүскэ бара турара хас биирдиибитин ис сүрэхтэн үөрдэр. Оройуоммут киинигэр кэскиллээх капитальнай тутуулар үгүс сиринэн барарын көрө-көрө бүтэйдии испитигэр истиҥник үөрэбит. Мин Ытык Күөлгэ олорбутум 1965 сылтан саҕаланар буолан, син элбэх мас да, таас да тутуулары оҥороллорун көрөн кэллэҕим эрээри, маннык Ытык Күөл бөһүөлэгэ ОДьКХ хонтуоратыттан, а.э. олбуорун иһиттэн саҕалаан, бары сөбүлүүр 1945 с. народнай худуоһунньук И.В.Попов сүбэлээн туттарбыт Ф.М.Охлопков аатынан сынньалаҥ паркатын территориятын хабан туран, киһи эрэ сөҕөр тутуулара бара тураллар. Онон сүрэҕим барахсан баҕатын толорон, ити күүстээх үлэ бара турар дьиэлэригэр–уоттарыгар (объектарга) сылдьан көрөн, үлэһиттэри кытары көрсөн кэпсэтэн, икки күнү быһа анаан-минээн, аҥаардас «Монтажник» ПК (бэр. А.М.Ханин) тутуулара барыыларын кытта дьэ билистим. Биллэн турар, маҥнайгынан А.Е.Мординов аатынан оскуола буолуохтаах объекка сырыттым. Бу тутууну ыытар прораб Нохсоров Дмитрийы булбакка, салайааччы киһи бириэмэтин харыстаан бэйэм тутулла турар оскуолабыт ис өттүн тиэтэйбэккэ, үлэһиттэри кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, дьэ биир киһи көрөрүн көрдүм. Аҥаардас бу объекка прораб Нохсоров Дмитрий салалтатынан элбэх үлэһит, элбэх биригээдэлэр, араас идэлээхтэр үлэлииллэрэ сөхтөрдө. Сарсыардаттан эбиэккэ диэри сылдьан, табахтыы дуу, сынньана дуу олорор дьону көрбөтүм. «Монтажник» ПК Ытык Күөллээҕи тутууларын барытын салайар 1970 сылтан салайааччыта, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ ветерана Попов Илья Васильевич этэринэн: «Оскуолабыт тутуута график быһыытынан бара турар, билигин тутуу 80% бэлэм. Быйылгы үөрэх дьылыгар үлэҕэ киирэр туруктанан турар», — диэн үөрэ-көтө кэпсиир. Испэр үөрэбин, син элбэх үлэһити көрүстүм да, биир да мөлтөх тыллаахөстөөх, кыыһырбыт, хомойбут киһини көрсүбэтим. Бары күнү-дьылы былдьаһа, онно-манна аралдьыйбакка, үөрэ-көтө үлэлии сылдьалларын көрөн дьоллоннум. Бу олоҥхоҕо кэпсэниллэр уҥа диэки олорор киһи улар көтөр саҕа буолан көстөр уораҕайдарыгар сылдьан төһөлөөх элбэх оҕо дьон бу дыбарыаска үөрэнэн, кынат анньынан, дойдубут туһугар үлэлиир дьон-норуот буолууларын санаатахпына, долгуйа үөрэбин! Төрөөбүт дойдуларын туһугар чахчы үтүө үлэһит, дьиҥнээх дойдуларын таптааччы ыччат дьон иитиллэн тахсалларыгар эрэнэбин! Дойдум хас эмэ көлүөнэ ыччаттара талааннарын сайыннаран, билиилэрин үрдэтэн, ситэн-хотон орто дойду олоҕун сайыннарыыга чиэстээхтик үлэлиэхтэрэ, охсуһуохтара диэн эрэнэбин! Онон бу ыстатыйаны ааҕааччыга этэрим биир: оскуолабыт быйыл үлэҕэ киирэр, балаҕан ыйыгар киэҥ ааннарын аһан оҕо-уруу аармыйатын киллэрэн үөрэтэр кыахтаммыт! Спорт комплекспыт тутуутугар Салгыы А.Е.Кулаковскай аатынан уулуссаны туораан 114,45 п/м усталаах, 45 п/м туоралаах, 18 п/м үрдүктээх (кырыыһатынан) элбэх хайысхалаах (многофункциональнай) чэбдигирдэр (оздоровительнай) спортивнай комплекс тутуутун сиһилии көрдүм. Харахха көстөрүнэн эттэххэ, бу тутуу маҥнайгы этээһин муостатын кутан бүтэрбиттэр, иккис этээһин бу күннэргэ оҥорууну (кутууну) саҕалыыр буолбуттар. Иккис этээс бырайыак быһыытынан эркини батыһа сүүрэр дорожкалаах, ол ортотугар футбол, волейбол уонна баскетбол оонньууларыгар аналлаах 2 площадкалардаах буолуохтаах эбит. Тутуу хаамыытын итинник кэрийэн көрөн баран, прорабскайга киирэн бу тутууну сирэй салайар прорабы Хоютанов Прокопий Константиновиһы көрүстүм. Кини кэпсииринэн бу тутууга биэс биригээдэ (бетонщиктар, истиэнэ уурааччылар (укладчики), монтажниктар, теплотрасса тардааччылар, малярдар уонна техника үлэһиттэрэ) холбоон 40 киһи үлэлиир. Тутуу графигын тутуһан иһэллэрин, биригэдьиирдэр Мингбаев Шокир, Жирков Илья, Кандинов Кеша, Мамаев Сергей эппиэтинэстээхтик үлэлииллэрин бэлиэтиир. Прораб Прокопий Константинович былаанныырынан улахан тымныылар иннилэринэ быйыл күһүн объект үрдүн сабан, түннүктэри, ааннары олордон, сылааһы биэрэн баран, кыһыҥҥы ыйдарга иһигэр отделкаҕа үлэлээһини ситиһиэхтээхпит диир. Тутуу матырыйааллара толору кэлэн турарын, техниканан хааччыллыы толору кыаллан иһэрин, быйыл «Монтажник» ПК салалтата саҥа икки 40-30 п/м үрдүккэ тиэрдэр, кытай омук автокранынан хааччыйбыттарын, онон график быһыытынан үлэлииргэ толору кыахтаахтарын эрэллээхтик үөрэ-көтө кэпсиир.
Үтүөкэн дойдуга улахан тутуу былаһааккаларыгар сылдьан дьонсэргэ туох да кыһалҕата суох үлэлиихамсыы, саҥаны тута сылдьалларын астына көрдүм. Кэлии биригээдэ салайааччытын Шокиры анаан-минээн көрүстүм, нууччалыы үчүгэйдик билэр буолан, астына кэпсэттибит. Прораб эппитин курдук үлэ тэрээһинигэр боппуруос суох, матырыйаал толору баар диир. Олорор усулуобуйаларыгар эмиэ боппуруос суох. «Олохтоохтору кытта сыһыаммыт үчүгэй, ким да мэһэйдээбэт, эйэҕэстик кэпсэтэллэр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, онон үлэлииргэ үчүгэй», — диир. Прораб Хоютановы кытта адьас чугастык билистим, киһим биһиги Игидэйбит ытыктыыр ыалын Прокопий Алексеевич уонна Анна Яковлевна Марковтар сиэннэрэ эбит. Түмүккэ Прокопий Константиновичка уонна биригээдэ бары үлэһиттэригэр аҕа табаарыс быһыытынан ситиһиилээх, хаачыстыбалаах үлэни баҕардым. Бу курдук тутуубут прораб Хоютанов этэринэн баран истэр, туруоруллубут болдьоххо үлэҕэ киириэн сөп. Стадиоммут тутуутугар Итинтэн салгыы билиҥҥинэн саҥа оҥоһулла турар стадиоммут тутуутун көрө кэллим. Техника арааһа 6-7 буолан урукку пааркабыт хонуутун түөрэ сүргэйэ сылдьаллар, кумах, буор бөҕөнү таһан хайа курдук муспуттар. Урукку тырыбынабыт сыта да суох буолбут. Ол оннугар дьэ элбэх сварщиктар саҥа тырыбына каркаһын тимиринэн оҥорон үлэ бөҕө. Телефонунан прорабы буллум, аныгы үйэ салайааччыта өр күүттэрбэтэ, кэлэн объегын билиһиннэрдэ, үлэхамнас хаамыытын кэпсээтэ. 3000 киһи олорор тырыбынатын оҥорууттан кэпсээнин саҕалаата. Мин муодаргаабытым баар, ити 3000 киһи олорор ыскамыайкатыттан 2000 миэстэ хомуллар үһү. 1000 ыскамыайка олохтоох сиригэр турар, хомуллубат. Сварка уотуттан сэрэхэччийэн уонна үлэлии сылдьар дьону мэһэйдээмээри тырыбынаны оҥорооччуларга чугаһаабатым. Иккис улахан саҥа тутуунан стадиоммутугар беговой дорожкабыт 400 п/м уһуннаах, прораб Эляков Семен кэпсээнинэн дьэ уустук оҥоһуулаах буолар эбит. Буор, кумах 15 тыһ. м3 таһыллыахтааҕыттан 50 % эрэ билигин таһыллыбыт. Бу тутуу туттуллуохтаах матырыйааллара цемент, арматура, щебенка, билиҥҥи технологиянан матырыйааллар — барыта аҕалыллан сытыарылларын туһунан Семен Эляков эттэ. 400 п/м сүүрэр дорожка ортотугар оҥоһуллуохтаах футболлуур хонуу эмиэ балайда уустук оҥоһуулаах буолуохтааҕын, ону таһынан ыскылаат тутулларын кэпсээтэ. Прораб билиҥҥи туругунан «Монтажник» ПК стадион оҥоһуутугар үлэтэ-хамнаһа график быһыытынан барарын, сороҕор графигын куоһаран, билигин сылаас кэмҥэ күүскэ үлэлээн, стадион тутуутун быйыл алтынньыга бүтэрэр соругу ылынан сылдьалларын иһитиннэрдэ. Билигин стадион оҥоһуутугар күн ахсын олохтоохтор 14 сварщик, кэлиилэр 14 киһи бетон үлэтигэр элбэх самосваллар, экскаватордар, погрузчиктар, бульдозердар, каток, кран үлэҕэ тахсаллар. Электричествотын үксүн сири аннынан бронированнай кабелларынан тардыахпыт диэн билиһиннэрдэ. Семен Эляковы бэйэтин кэпсээтэххэ, Дьүлэйтэн төрүттээх Чөркөөх Эляковтарын оҕолоро эбит. «Монтажник» ПК-ка 2014 сылтан үлэлээбит уонтан тахса объегы тутуспут, үлэҕэ улаханнык уопутурбут салайааччы эбит. Ааҕааччыларга бу да баараҕай тутуубут Ф.М.Охлопков аатынан сынньалаҥ киинин стадион тутуутун тутааччыларбыт кыаҕын дьиҥнээхтик ылбыттарын иһитиннэрэбин. Техника үлэһиттэригэр Салгыы «Монтажник” ПК Ытык Күөллээҕи базатыгар тиийэн салайааччы Соров Гераны көрүстүм. Соров Герасим Герасимович 30-тан тахса механизатордар коллективтарын салайбыта икки сылтан лаппа ордубут. Үлэтин ымпыгын-чымпыгын билбит салайааччыны кытта кэпсэтэн, биир тылынан эттэххэ, кини кэпсээниттэн улаханнык астынным. Дорооболоһон, бэйэбин билиһиннэрэн баран, хайа, төһө бэрт үлэ-хамнас диэн ыйытыыбар, киһим бэртээхэй хоруйу: «Үлэ-хамнас күөстүү оргуйар» — диэн биэрдэ. Мөккүһэр кыах суох, мин да ити сылдьан көрөн-истэн, билсэн баран – дьиҥнээхтик үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турар сирдэринэн сылдьан улаханнык астынан, үлэ-хамнас күүскэ бара турарыттан үөрэн, бу кылгас ыстатыйабын «Үлэ-хамнас күөстүү оргуйар» диэн ааттаан бар дьонум истиитигэр, билиитигэр таһаарабын. Дьиҥэр бары да улаханнык интэриэһиргиир, ити ааттаммыт кэскилбитин быһаарар аарыма тутууларбыт бириэмэтигэр, үчүгэй хаачыстыбалаахтык тутуллан үлэҕэ киирэллэригэр баҕарар баҕабыт буоллаҕа! Тутуу техниката ити үлүгэрдээх аарыма тутууларыгар барыларыгар улахан быһаарар оруоллааҕын отделы салайааччы Соров Герасим Герасимовичтан (Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии ветерана, потребкооперация туйгуна, наставнига, хомоҕой тыллаах-өстөөх уһулуччулаах хоһоонньут, алгысчыт, тойуксут, «Таатта» хаһыат солбуллубат корреспондена, киэн туттар киһибит Соров Михаил Герасимович сиэнэ) механизатордар үлэҕэ сыһыаннарын туһунан сиһилии билистим, киһим салайар дьонун-сэргэтин туһунан үчүгэйтэн атыны кэпсээбэтэ. «Бары да үлэҕэ бэриниилээх, уопуттаах, дьаныардаах, баҕалаах дьон, суоппардартан саҕалаан бары тустаах үлэлэригэр олус эппиэтинэстээх буоланнар, ити тутулла турар объектарга үлэ-хамнас тохтообокко күөстүү оргуйар. Быйыл, былырыын буор, кумах бөҕөнү тастыбыт, Ытык Күөлү, ордук кураан күннэргэ, кырдьык, буорунан, быылынан саптыбыт, суолбут буорун хаптатаары, ууну кута сатыыбыт да, салгын кураана, итиитэ бэрт буолан билиммэт. Инньэ гынан суол буорун-сыыһын көтүтэн сорох дьонтон мөҕүллэбит. Онон бар дьоммутуттан тулуйаргытыгар көрдөһөбүт. Бу өҥүрүк куйааска, сыралҕаҥҥа үлэлиир суоппардарбытын мөхпөккүтүгэр, баалаабаккытыгар көрдөһөрбүтүн, Николай Ефимович, хаһыат нөҥүө тиэрдэргэр көрдөһөбүт», — диэн салайааччы эппитин тиэрдэбин. Сүрүн итэҕэстэрэ ити буор бурҕатыыта буолар диэтэ. Тутуу барыытыгар билиҥҥи үйэҕэ техниканы үлэлэтии быһаарар күүс буоллаҕа, а. э. тутуу ыарахан үлэтин техника эрэ кыайар. Техника хамсаабат буоллаҕына, ол аата тутуу барбат. Арай биирдэ бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев Тааттаҕа кэлэ сылдьан (Тааттаҕа сылдьарын олус сөбүлүүр этэ, үгүстүк сылдьыбыта) этэн турар: «Мин ханна да сылдьыбытым, тугу да көрбүтүм иһин, син биир быыл бөҕөнү көтүтэн иһэр кумах тиэммит массыынаны, бетону мэһийэ, саккырата сылдьар автобетономешалканы, буор-кумах анньа сылдьар бульдозеры, бырылыы-ньирилии хамсыыр кырааннары долгуйа-үөрэ көрөөччүбүн, өссө атын сирдэргэ сылдьан испэр кистээн ааҕааччыбын. Тоҕо диэтэххэ, ити тутуу техникалара сайдыыны-тутууну ыыталлар, оҥороллор, инники кэскилгэ үлэлииллэр», — диэбитин умнубаппын. Ол иһин Соров Герасим Герасимович көрдөһүүтүгэр эттэххэ, итинтэн куттанымаҥ. Дьон-сэргэ тутуу барыытын сүрэҕинэн сөбүлүүр, өйүүр, эһиги балаһыанньаҕытын, үлэҕитин өйдүүрүгэр бүк эрэнэбин. Түмүкпэр ити ахтыллыбыт улахан тутууларбыт кэмигэр үлэҕэ киирэллэригэр эрэлбит улахан. Урут да, билигин да тутуу хаамыытын чэрдээх илиилээх үлэһит дьон быһаараллар, кинилэр буолаллар тутуу объектарын дьылҕатын быһаарааччылар. Онон «Монтажник» ПК билигин тута сылдьар тутууларын дьылҕалара сырдык, кыайыылаах! Ону билигин үлэлиихамсыы сылдьар тутааччыларбыт туоһулууллар.
Николай Попов, үлэ ветерана, Дьүлэй, Тааттыныскай, Октябрьскай нэһилиэктэрин
уонна Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо.