Тааттатааҕы уот ситимин тэрилтэтигэр 40 сыл кэриҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбит, «Бочуот бэлиэтэ» уордьан кавалера, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Минтопэнергэтин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Үтүөлээх энергетигэ, Саха сиринээҕи энергетикэ уонна энергетическэй тутуу бэтэрээнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, бастыҥ салайааччы Егор Егорович Захаров сырдык аатын үйэтитэр мемориальнай өйдөбүнньүк бэлиэ аһыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Үлэ киһитин уруйдуур тэрээһин Егор Захаров күн сирин көрбүт кэрэ-бэлиэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытылынна.
Саха сиригэр уонна төрөөбүт улууһугар уот ситимэ сайдарын туһугар үлэни өрө тутан, сүҥкэн кылааты киллэрбит, киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт үтүө майгыта үгүс дьон махталын ылар, кини мындыр өйө, көмүс илиитэ үгүс үлэһити бастыҥ маастарыстыбаҕа уһуйбута. Кини киһи быһыытынан үлэтигэр сыһыанынан, дойдуга бэриниилээх санаатынан, саҥа сүүрээнин киллэрээччи, дьон-норуот туһугар олорбут олоҕунан үтүө холобур буолар. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Тааттатааҕы РЭС начальнига Айал Готовцев аан маҥнай Москва куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы энергетиктэр сийиэстэрин дэлэгээтэ Егор Егорович Захаровка аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэ олоххо киирэн оҥоһулларыгар күүс-көмө буолбут улуус баһылыга Михаил Соровка, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павловка, Захаровтар дьиэ кэргэттэригэр, «Якутскэнерго» Сэбиэтинин бэтэрээннэригэр, этии киллэрбит Иван Петрович Варфоломеевка барҕа махталын биллэрдэ.
Бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ Иван Варфоломеев уот ситимин начальнига олорон ааспыт олоҕун бэлиэ түгэниттэн сырдатта: «Егор Егорович Захаров Томпо оройуонугар 1940 сыллаахха төрөөбүтэ. 1957 с. оскуоланы бүтэрэн, Ытык Күөл орто оскуолатыгар икки сыл электригинэн үлэтин саҕалаабыта. Армияҕа ыҥырыллан үс сыл Чокуурдаахха сулууспалыы сылдьан электрик быһыытынан улахан үөрүйэҕи ылбыта. 1964 сыллаахха Челябинскай куоракка электрофикация Институтугар уонна тыа хаһаайыстыбатын механизациятын үөрэҕэр киирбитэ. 1970 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, инженер-электрик дьупулуомун ылан, 1967 с. Ытык Күөллээҕи дизельнэй электростанцияҕа маастарынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1973 с. үрдүк маастар дуоһунаһыгар ананан, 1981 сыллаахтан 32 сыл Алексеевскай оройуон РЭС-гар начальниктаабыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, 2008 сыллаахха диэри РЭС-кэ электросварщигынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Үлэ киһитэ оройуон сайдыытын туһа диэн олоҕун аҥарын энергетикэ эйгэтигэр анаабыта. Кини салалтатынан Таатта тыа сирин оройуоннарыттан бастакынан толору уот ситимигэр киирбитэ. Оччолорго уот тэрилтэтэ тырааныспар өттүнэн хааччыллыыта мөлтөх кэмигэр, 100 км. усталаах ЛЭП-и сайылыктарга тиийэ подстанцияларга холбоон, нэһилиэнньэ быыстала суох сылааһынан, сырдыгынан хааччыллан, дьон-сэргэ олоҕун уйгута тупсубута. Улууска сайдыы суолун саҕахтара арыллыытыгар Егор Захаров үтүө өҥөтө муҥура суох».
Өйдөбүнньүк бэлиэни арыйар чиэс «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеевка, «Таатта улууһа» МО Аҕа баһылыга Михаил Соровка, уола Иван Захаровка сүктэрилиннэ.
Үйэтитии тэрээһинигэр Егор Захаров кыыһа Алена Егоровна аҕата киһи быһыытынан олус сэмэй майгылааҕын, дьон туһугар үлэлээн ааспыт «улахан маастар» буоларын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдэ. Мемориальнай дуоска ааптара Сергей Лукин Саха сиригэр аан маҥнай үс тимир илииһи бэйэ-бэйэтигэр дьапталҕалаан ууран оҥорбут өйдөбүнньүк бэлиэтэ – аҕа киһи тимири баһылаабытын, саҥаны айааччы буоларын, саҥа сүүрээни киллэрээччи быһыытынан сырдатар аналлааҕын, «кини олоххо аныгылыы көрүүлээҕин, ураты толкуйдааҕын, мындыр өйүн туоһулуур» бэлиэ быһыытынан үрдүктүк сыаналаата. Бастыҥ салайааччы үлэлээн ааспыт олоҕун суолтата – «уот ситимин тирээбилэ» (опора) символ быһыытынан үлэлээбит тэрилтэтигэр халбаҥнаабат тирэх буолан, арчылыы, араҥаччылыы туруо диэн эрэнэрин биллэрдэ.
«Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Гаврил Николаевич Алексеев: «Таатта сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэ турбута дириҥ суолталааҕын, Егор Егорович Захаров курдук үлэ дьонун чиэстээн, өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт» — диэн бэлиэтээтэ.
Улуус баһылыга Михаил Соров өр кэмҥэ Егор Егорович Захаров курдук уустук салааҕа үлэлээбит салайааччы ахсааннааҕын, үлэтигэр бэриниилээх, инники күөҥҥэ сылдьыбыт, үгүс үлэһити уһуйбут эппиэтинэстээх салайааччынан үрдүктүк сыаналаата. Биһиги дьолбутугар, Ытык Тааттаҕа үрдүк үөрэхтээх, айылҕаттан айдарыылаах үтүөлээх үлэһит, энергетикэ курдук ыарахан салааҕа улахан суолу-ииһи хаалларбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Түгэнинэн туһанан, Алевтина Иннокентьевнаҕа истиҥ махталын биллэрдэ.
Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов салайааччы быһыытынан уот ситимин начальнигын кытары бииргэ үлэлэһэн кэлбитин билиһиннэрэн туран, кэллэктииби сомоҕолуу түмэ тардан үлэлэтэр бастыҥ салайааччы тапталлаах кэргэнигэр Алевтина Иннокентьевнаҕа сибэкки дьөрбөтүн, махтал суругу үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Захаровтар дьиэ кэргэн чугас киһилэрэ, социологическай билим дуоктара, бырапыассар Ульяна Алексеевна Винокурова: «Улуус туруу үлэһитэ Егор Захаров аатын үйэтитэр, Үлэ сылыгар анаммыт ураты суолталаах бэлиэни өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Таатталар арыйбыттарынан киэн туттуохха сөп. Егор Егорович техническэй интеллигенцияттан биир бастыҥнарынан биллэр: үөрэҕинэн, киэҥ билиитинэн, үлэтин үрдүк таһымынан. Кини кэскиллээх уот ситимин таҥар туһугар, үтүө холобуру көрдөрөн, үлэлээн- -хамсаан ааспыта. Уот ситимэ Саха сиригэр – олоҕу уһансар күүһүнэн буолар. Таатталар куруук инники күөҥҥэ!»
Таатта улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Попова 70 сылларга тиэхиньикэ ахсааннаах кэмигэр остуолба туруоран, үрдүк күүрүүлээх уот ситимин тардыбыт сүҥкэн өҥөлөөх Егор Захаровы үтүө тылынан аҕынна. Ытык киһибитигэр анаммыт мемориальнай өйдөбүнньүк бэлиэҕэ «көччөх гынан көтүппүт үс оҕото» символ быһыытынан ойууламмытын бэлиэтээтэ. Үтүө ыал аҕата Егор Захаров Тааттатааҕы РЭС тэрилтэтин үлэһиттэрин айхаллыы көрсө турарыгар баҕарда. Үрдүкү салалта баарыгар, дьокутаат быһыытынан түгэнинэн туһанан, нэһилиэк олохтоохторо Дьохсоҕонтон Тааттыныскай нэһилиэк уотун ситимигэр холбуулларын туруоруста. Энергетикэ бэтэрээнэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үтүөлээх энергетигэ Федот Федотович Мосоркин салайааччы истиҥ сыһыанынан салайтаран, убай- -быраат курдук бииргэ сылдьан үлэлээбитин, Егор Егорович үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, кыһамньылаах, уот биричиинэтин быһааран баран тохтуур идэлээҕин, киэҥ билиилээх- -көрүүлээх, сатабыллаах салайааччы, истиҥ доҕор буоларын туһунан истиҥник аҕынна. Салайбыт тэрилтэтигэр мемориальнай дуоска аһыллан, Егор Захаров сырдык аата үйэтитиллибититтэн астыммытын биллэрдэ. Чугас ыалларын аатыттан Марфа Аммосова улууска улахан үөрүүлээх күн үүнэн, ытыктыыр киһибит сырдык аатыгар өйдөбүнньүк бэлиэ аһыллан, Егор Захаров оҕолоро, сиэннэрэ туруу үлэһит дьон буола үүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэллэрин, дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола улахан суолталааҕын «оҕолор үлэлэригэр баран эрэр аҕаларын көхсүн көрөн даҕаны үөрэнэллэрин» бэргэн тылынан бэлиэтээтэ.
Олоҕун аргыһа Алевтина Иннокентьевна Захарова кэргэнэ Егор Егорович сэрии сылын оҕото буолан, аҕата репрессия ыар содулуттан олохтон эрдэ туораан, ыал улахан оҕотун быһыытынан үгүс кыһалҕаны эт санныгар сүгэн, үлэҕэ уһаарыллыбытын билиһиннэрдэ. Захаровтар дьиэ кэргэн олох ханнык баҕарар түгэнигэр бэйэ-бэйэни өйдөһөн, олус үчүгэйдик олорбуттарын, кэргэнин үлэтигэр диспетчер быһыытынан уот барбыт кыһалҕатын билиһиннэрэр оруоллааҕын истиҥник ахтан-санаан ылла. Егор Захаров мэдиссиинэ үлэһитэ идэлээх олоҕун аргыһыгар «Эн биир киһини, мин бүтүн нэһилиэнньэни быыһыыбын» диирин санаан туран, Таатта улууһун бэтэрээн энергетиктэригэр, РЭС кэллэктиибигэр Захаровтар дьиэ кэргэн аатыттан махтал тылларын анаата.
Үүннэрбит үлэһитэ Артем Новгородов 1969 сыллаахха Ытык Күөллээҕи электростанцияҕа быраактыкаланар кэмигэр билсибитэ. Оччолорго бастыҥ электриктэртэн Егор Захаров, Роберт Исаков, Гаврил Чагылысов, Александр Дедюкин үлэлииллэрэ. Уот ситимин линиятын куоталаһыы бэрээдэгинэнэ 15 мүнүүтэ эт илиилэринэн хаһаллара. Олунньу ыйга 1970 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар кэлэн киинэ көрөөрү уочараттыы турдаҕына, уот маастара Егор Егорович Захаров ойоҕоско «чып» гыннаран үлэлии кэлэригэр ыҥырбыта. Эдэр кэскиллээх үлэһити бэлиэтии көрөн, Армияҕа икки сыл сулууспалаан кэлбитигэр үлэһитинэн ылбыта. Онон Артем Новгородов Ытык Күөл учаастагар 8-с разрядтаах электромонтер быһыытынан үлэлии киирбитэ. Ол курдук эдэр электромонтер идэтиттэн, уһуйааччытын курдук, уот ситимин начальнигыгар диэри үүнэн, 48 сыл устата «Якутэнерго» сүһүөҕэр саҥа турар кэрдиис кэмиттэн саҕалаан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1990 сыллаахха Ытык Күөллээҕи ыстаансыйаҕа 110-наах үрдүк күүрүүлээх уоту киллэри көҥүллээбэтэхтэрэ. Уот бастыҥ маастара Егор Захаров нэһилиэк инники сайдыытын, кэлэр кэскилин өйдөөн, үрдүк күүрүүлээх уот бырайыагын оҥорон, күүскэ үлэлэһэн, туруорсан туран олоххо киллэрбитэ. Артем Новгородов: «Егор Егорович Захаров салалтатынан үлэлээбиппин — дьолбунан ааҕабын», — диэн санаатын үллэстэр».
Бииргэ алтыспыт Николай Колодезников «Якутскэнергоны» кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир кэмҥэ, 1973 сыллаахха үрдүк күүрүүлээх уот кэлбит бастакы сылларыгар Тааттатааҕы РЭС тэрилтэтигэр ДТ-74 уонна биир микроавтобус тиэхиньикэ баарыгар улахан талааннаах салайааччы уустук саахаллары туоратан, үгүс үлэни көрсөн, үлэлээн ааспытын, Алексеевскай оройуон уотунан сайылыктарга тиийэ хааччыллан, олорор, үлэлиир усулуобуйаны тэриллибитин сырдатта.
Уола Иван Егорович Захаров аҕата үөрэммит Челябинскайдааҕы агроинженернэй институту бүтэрэн, аҕата салайбыт тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Билигин аҕатын туйаҕын хатаран, Бүтүн Аан дойдутааҕы «Таврида Электрик» электротехническэй холдинг Дьокуускайдааҕы филиалын салайааччытынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Идэтигэр бэриниилээх салайааччы, дьон туһугар олорбут үлэ киһитэ, амарах аҕа Егор Егорович Захаров сырдык аата үтүө холобур буолан үйэлэргэ ааттана туруохтун!
Автор: Мария Павлова
Ссылки на видео материал в You Tube: