Мин Люданы аан бастаан үөрэхпин бүтэрээри сылдьан көрсүбүтүм. Кини эрдэ тулаайах хаалан, дойдутугар Чөркөөххө аймахтарыгар сылдьара. Ыарыһах буолан, Чурапчы санаторийыгар эмтэнэ кэлэ сылдьан ийэбин кытта билсибит этэ.
Ийэм куруук кэпсиир буолара: «Туох да олус үчүгэйкээн оҕо баар, Сылбырҕа сиэнэ», — диэн. Онтон ол Сылбырҕаны Чурапчылар бары билэр киһилэрэ, биир улуус эрдэҕинэ элбэхтик сылдьыбыт, сүрдээх сытыы өйдөөх-санаалаах киһи эбитэ үһү. Люда аҕата Таатта бастакы агронома, Сылбырҕа Байбал (Григорьев Павел Васильевич) уола Николай Павлович Григорьев эрдэ өлбүтэ. Онон Люда эһэтигэр Сылбырҕа Байбалга иитиллибитэ. Мин бастаан Люданы кытта ийэм кэпсээнинэн итинник кэтэхтэн билбитим. Кэлин биһиэхэ устудьуоннуу сылдьан муус-маҥан, төп-төгүрүк сирэйдээх кыыс биһиэхэ, биллэн турар ийэбэр, ыалдьыттыы кэлбитэ. Дьэ, ити кэмтэн ыга билсиһэн барбыппыт. Ол кэмҥэ биһиги Октябрьскай уулуссаҕа олорбуппут. Хам-түм аҕам үбүлүөйдэригэр көрсөн ааһарбыт. Люда дьикти сөбүлүүр дьарыктааҕа. Кини былыргы сэдэх хаартыскалары мунньара. Биирдэ миэхэ кэпсээбитэ: «Аҕам бэйэтэ соҕотоҕун түспүт хаартыската миэхэ суох. Ыалга дьону кытта уопсай түспүт хаартыскатын көрөн туох да олус долгуйбутум» — диэн. Оттон сиэттэрэн бастакы ксерокопиятын оҥотторбута. Хаартыскаларын сороҕун переснимоктыыр этэ. Оччотооҕу устудьуон киһи стипендиятын сыыһа биллээхтиир буоллаҕа дии. Ол да буоллар Люда стипендиятыттан чорботунан ордорон, хаартыска копиялыырыгар туттар эбит. Кэнники бэйэтигэр фотоаппарат атыылаһан хаартыскаҕа түһэрэн, профессиональнай таһымҥа тахсыбыта. Биһиэхэ переснимок оҥорон бэлэхтиирэ. Аҕам хаартыскалара биһиэхэ эмиэ соччо суох этилэр. Хаайыыга киирбитин кэннэ туох баар хаартыскаларын, альбомнарын имири сотон илдьэ баран хаалбыттара. Онтон тиллибитин кэннэ үчүгэйдик хараллыбакка буорту буолбуттар диэн тугу да биэрбэтэхтэрэ. Онон переснимоктары мунньа сатыыр этибит. Люда дипломнай үлэтин арааһа Алампаҕа суруйда быһылааҕа. Алампа туһунан сэдэх хаартыскалары хомуйбута, онтон сиэттэрэн революция иннинээҕи саха классик суруйааччыларын хаартыскаларын үксүлэрин булаттаабыта. Ол мунньан баран Суорун Омоллооҥҥо көрдөрбүтэ. Дмитрий Кононович кэнники дьыалабыай тутуулаах-хабыылаах үлэһит кыыһы таба көрөн, бэйэтигэр сыһыаран Чөркөөххө политссылка музейыгар үлэҕэ ыҥырбыта. Людмила Николаевна Чөркөөх музейын бастакы дириэктэринэн оруобуна 10 сыл олус таһаарыылаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбитэ. Музей атаҕар туруутугар Люда үтүөтэ-өҥөтө сүрдээх улахан. Ити үлүгэр улахан музей-хаһаайыстыба киэҥэ-куоҥа, аны дьиэтэ-уота да элбэҕэ, үгүс сыраны-сылбаны, күүһү-уоҕу эрэйэрэ. Чөркөөх музейа Ойуунускайа суох музей буолбат буоллаҕа дии. Людмила Николаевна былыргы малы-салы хаартыскалары булан, аҕам музей-уһаайбатын тэрийбитэ. Аҕабыт хаартыскаларын переснимоктаан ылара. Тыл, литература уонна история научнай-чинчийэр институтун иһинэн тахсар учуонайдар, кыраайы үөрэтээччилэр, фольклористар кинигэлэриттэн биирдии экземплярын киниэхэ анаан ыытарым, сороҕун мунньарым. Кэллэҕин аайы үөрэн-көтөн, дьэ, бу миэхэ наадалаах кинигэлэр диэн илдьэ барара. Бэйэтин Чөркөөхтөөҕү библиотеката сүрдээҕин улааппыт, байбыт этэ.
Сайын биһиэхэ даачаҕа, кыһын куораттааҕы дьиэбитигэр кэлэрэ. Оҕолорбун Саҥа дьылга, сайын даачаҕа түһэртээбит хаартыскалара билигин да бааллар. Кини дьону кытта үлэлиир аналлааҕа, киниэхэ хамсыыр уонна хамсатар күүстээх дьиҥнээх дьыала наада этэ. Музейга сүрдээх улахан сыаналаах үлэни оҥорон хаалларда. Людмила Николаевна дьиҥ-чахчы научнай таһымнаах, чинчийэр сатабыллаах өрөспүүбүлүкэ биир биллэр кыраайы үөрэтээччитэ. Мин эдьиийбинээн Саргылааналыын ыкса билсэллэрэ. Саргылаана миигиттэн үс сыл аҕа этэ. Кыргыттар, эдэр ыччаттар тоҕо эрэ киниэхэ ордук сысталлара, дьүөгэ-атас оҥостоллоро. Саргылаана туспа олорбута. Киниэхэ киирдэххэ дьиэтэ-уота ырааһа, аһа-үөлэ дэлэгэйэ, ыалдьыт сылдьарыгар бары өттүнэн усулуобуйаны тэрийэрэ, кэпсэтэр бириэмэни булара. Ол да иһин буолуо Люда эдьиийбэр элбэхтик сылдьара, истиҥник кэпсэтэн, Саргылаанаҕа ол-бу кистэлэҥнэрин кэпсиир эбит.
1987 сыл ыам ыйыгар күн сириттэн күрэниэн эрэ иннинэ киирэ сылдьан эдьиийбэр ыалдьыттаан, ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕаспыттара. Онно кинини ким эрэ эккирэтиһэрин туһунан кэпсээбит этэ. Миэхэ киирэн хаартыскалары уларсан барбыта. Онтон сотору суох буолбут эрэ сураҕын истэн хаалбыппыт. Алдьархайдык хомойбуппут. Ол иннигэр ыһыахтарга сылдьан, Тааттаҕа анаан-минээн биһиги институппут (ТЛИНЧИ) фольклорнай экспедицияҕа тахсан, музей территориятыгар Олоҥхо балаҕаныгар илин эҥэр оройуоннар олоҥхоһуттарын истибиппит. «Памятники Сибири и Дальнего Востока» диэн сиэрийэҕэ киирбит хаартыскалар Чөркөөх музейыгар үгүстэрэ оҥоһуллубуттара. Люда сүрдээх сайаҕас, үтүө дьыаланы өйдүүр буолан, былыргы сэдэх экспонаттары көҥүллээн босхо уһултарбыта. Дьиҥинэн институкка счет суруйан харчы ылыахтааҕа. Соҕотох буолан дуу? Олус аймаҕымсах этэ. Узбекистааҥҥа бара сылдьан эдьиийин булан үөрэн-көтөн аҕай кэлбитэ. Үлэтигэр уһулуччу бэриниилээҕэ. Киниэхэ убай, аҕа курдук истиҥник сыһыаннаспыт киһитинэн Суорун Омоллоон буолар.
Людмила Николаевна Григорьева музей дьиҥнээх энтузиаһынан, хамсатар күүстээх пропаган-диһынан, айар-тутар киининэн, кутунан-сүрүнэн буолара.
Кини сырдык санаата, үлэҕэ дьулуура, музей баарын тухары салҕана турарыгар эрэнэбин.
Хаартыскаҕа: С.П.Ойунская уонна Л.Н.Григорьева суруйааччылары, наука уонна култуура үлэһиттэрин кытта, 1983 с.
2003 с. суруйбут ахтыытыттан.
Сардаана Платоновна ОЙУУНУСКАЙА,
филологическай наука кандидата, гуманитарнай чинчийии институтун научнай сотруднига.