«ОҤОҺУЛЛАН ЭРЭР ОЛОҤХО: ТААТТА УОННА МИН УЛУУҺУМ»
(ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ АЙАР КҮРЭХТЭҺИИГЭ)
Сэрии кэмин оҕолоро,
оҕо сааһы билбэтэххит.
Аба, хомолто, кутурҕан даҕаны
сытыган эрбэһин уоскутугар.
Эһиги үлэлииргит
Кыайыы күнүн чугаһатан,
Дьол дьиэҕэ киирэрин,
туох барыта үөрүүнэн
сылаанньыйарын туһугар.
Наталия Каретникова.
Быйыл Улуу Кыайыы үбүлүөйүн бэлиэтээтибит. 1945 сыллаахха Кэбээйибит киин сирэ, туллар тутааҕа Томтор буолуо. Ол умнуллубат сыл Кэбээйи сэттэ кылаастаах оскуолатын 19 үөрэнээччи бүтэрбитэ биллэр. Үгүс оҕо өйүгэр-санаатыгар Кыайыы күнэ тапталлаах учууталлара Анна Федотовна Рахлеева үөрүүтүн быһыытынан хаалбыт.
Оччотооҕуга бу оскуолаҕа оройуон араас нэһилиэктэриттэн, Намтан уонна Чурапчыттан көһөрүүгэ кэлбит оҕолор үөрэнэллэрэ. Сэрии кэмэ да буоллар элбэх учууталлар оскуолаҕа үлэлииллэр эбит. Бу оҕолор оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар директорынан Таатта Уолбатыттан сылдьар Анна Васильевна Хоноехова үлэлээбит. Үгүс оҕо Дмитрий Филиппович Макаровы (математика), Данил Архипович Окороковы (физкультура), Петр Афанасьевич Старостины (алгебра, геометрия), Мария Ивановна Колмогорованы (нуучча тыла), Анна Федотовна Рахлееваны (ботаника, зоология, география) махтанан ахтар, убаастыыр эбит. Анна Федотовна Рахлеева 5 кылаастан 7 кылааһы бүтэриэхтэригэр диэри — кылаас салайааччыта. Ийэм Матрена Петровна Тимофеева (Саввина) учууталын туһунан маннык ахтан суруйбута: «Таҥнардыын, туттардыын, саҥарардыын олус ис киирбэх этэ, кыраһыабай дьүһүннээҕэ, олус холку, сымнаҕас, онон оҕо бары убаастыыра, уруогун үчүгэйдик биэрэрэ. 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр хара сир, бадараан суоҕа. Анна Федотовна оскуолаҕа кэлбитим күөх платье таһынан күөхтүҥү сырдык пыльниктаах оскуола таһынааҕы учууталлар, остуорастар дьиэлэригэр наҕыл бэйэтэ сүүрүү-хаамыы икки ардынан киирэ-тахса сылдьара, кыайыы үөрүүтүн үллэстэ. Ити күн үөрэммэккэ площадкаҕа парад, митинг буолбута. Оччотооҕу үөрүүнү салаҥ тылбынан сатаан эппэппин”. Сэрии кэмигэр эбээбэр олорон үөрэммит Сииттэ олохтооҕо Евдокия Григорьевна Захарова Анна Федотовна ыам ыйын 9 күнүгэр «Сэрии бүппүт диэн үөрэ-үөрэ үҥкүүлээбитинэн сарсыарда киирбитэ», — диэн ахтыбыт. Сөбүлүүр учуутала эбит. Үөрүү бөҕөтө ыам ыйын 9 күнүгэр үһү.
Ийэм суруйбутунан, хас Кыайыы күнэ буоллаҕын аайы санаан ылабын ол 1945 сыл сааһын. Ол иһин Улуу Кыайыы буолбута 75 бэлиэ сылынан, Сииттэтээҕи, Тааттатааҕы аймахтарым көмөлөрүнэн Анна Федотовна уола Ньургустаан Рахлеевы кытта билсэн кэпсэттим, ийэтин туһунан ахтыы ыыттардым: «Ийэм, Анна Федотовна Рахлеева, Өктөөбүрүскэй Өрөбөлүүссүйэ иннинэ 1916 сыллаахха Федот Варфоломеевич уонна Марфа Федоровна Рахлеевтар дьиэ-кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Кини наһаа үчүгэйдик ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, уруһуйдуура, ураты кэрэ дьүһүннээх этэ. Анна Федотовна Дьөҥкүүдэй (Уолба) оскуолатыгар үөрэммитэ. 1925 сыллаахха Таатта оройуонугар бастакы пионерскай этэрээт Уолбаҕа тэриллибитэ. Онон ийэм оройуон уонна нэһилиэк бастакы пионерката этэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, Чурапчы педучилищетын бүтэрэн, 1934 сыллаахха төрөөбүт нэһилиэгэр учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Кини алын кылаас учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, оҕо-аймах тапталын ылбыта. Наһаа сымнаҕас, тылын ылларымтыа буолан үөрэнээччилэрэ учууталларын олус таптыыллара: «….В начальных классах работала учительницей Рахлеева Анна Федотовна. Она была очень спокойна, хороша собой, была рукодельницей, хорошо шила, рисовала. В домах висели портреты Ленина и Сталина, нарисованные ею на красном сатине черной акварельной краской. Анна Федотовна была очень добродушна и благожелательна, давала хорошие советы и на хозяйственные темы для передачи нашим родителям. В моей памяти она осталась идеалом женской красоты и женственности.... » — диэн үөрэнээччитэ Е.И. Мамонтова (Слепцова) ахтар.
Сэрии буолуо аҕыйах сыл иннинэ Кэбээйигэ учууталынан ананан үлэлии барбыта. 1946 сыллаахха ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан дойдутугар төннөн кэлбитэ. 1947 сыллаахха олохтон туораабыта биһигини, икки кыра уолаттарын тулаайах хаалларбыта. Убайым Нариман Петрович Голиков ССРС уонна Саха сирин журналистарын союзтарын чилиэнэ, «Коммунист» кэлин «Таатта» хаһыат редакторынан өр сылларга үлэлээбитэ. Ыал буолан, үс оҕолонон, сиэннэрдэнэн, 2010 сыллаахха бу сиртэн букатыннаахтык барбыта. Кыра уола, мин, Ньургустаан Анатольевич Рахлеев төрөөбүт нэһилиэкпиттэн халбарыйбакка, кэргэннэнэн, кыыстаах уол оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, түөрт уонтан тахса сыл үлэлээн, былырыыҥҥыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.
Ийэм, Анна Федотовна Рахлеева, мин биир саастаахпар олохтон барбыта, онон ийэм туһунан ахтыылары уйадыйа ааҕабын. Аҕа Дойду Улуу сэриитин ыарахан кэмнэригэр үүнэр ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлээбитин, Кыайыыны уһансыыга кылаат киллэрбитинэн киэн туттабын. Уола Ньургустаан Анатольевич Рахлеев”. Уолба нэһ., Таатта. 2020 сыл Муус устар ый.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Кэбээйи оҕолорун үөрэппит, өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр хаалбыт үтүө учуутал, кэрэ киһи Анна Федотовна Рахлеева туһунан быйыл дьэ тугу билбиппин билиһиннэрэбин. Улахан уола Нариман Петрович Голиков (1935-2010) тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала эбит. ССРС уонна РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. 1965 сылтан «Таатта» хаһыат эппиэттиир сэкэритээрэ, редакторы солбуйааччы, 1981 сылтан – редактор. Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, ССРС уонна РФ сурунаалыстарын сойууһун бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт. Нариман Петрович аата «Трудовая слава Якутии» кинигэ I туомугар киирбит. Нариман Петрович ийэтин туһунан ахтыытыттан: «Төрөппүт ийэм идэтинэн учуутал этэ. Сэрии иннинэ Уолбаҕа пионер баһаатайа, учуутал буола сылдьыбыт. Ол сылдьан, мин төрөппүт аҕабын Петр Петрович Голиковы кытта холбоспуттар. Ийэм, сэрии сылларыгар куоракка олорбута, бука, педучилищеҕа дуу, педрабфакка дуу үөрэммитэ буолуо. Үөрэҕин бүтэрээт, Кэбээйи оройуонугар учууталлаабыта. Хайа сирин билбэтим. Ийэм Анна Федотовна бу күн сиригэр баара-суоҕа 34 сыл олорбута. Үчүгэй олоҕу олорор бырааптаах этэ кини. Айылҕаттан бэриһиннэрбитэ ураты күүстээҕэ, натурата баай дьонтон биирдэстэрэ этэ дииллэр. Олус үчүгэй күүстээх куоластааҕа үһү. Мин ыллыырын истибэтэҕим. Оннук тоҕоос түбэспэтэҕэ. Аны талааннаах художник-уруһуйдьут эбит. Кини оҥорбут, хайдах ордон хаалбыта буолла — кубалар уста-оонньуу сылдьар уруһуйун эбэм аах кэриэс курдук истиэнэҕэ ыйаан туруоралларын кэлэ-бара сылдьан үгүстүк көрөрүм. Дьүһүнүнэн-сэбэрэтинэн сахаҕа дэҥҥэ көстөн ааһар кыраһыабай мөссүөннээҕэ. Били маҥнай көрбүт туналыйар туус маҥан былааччыйалааҕа өйбүттэн сүппэт, уруһуйдаабыт кубаларын санатара. Онно ханыылыы көрөрүм».
Сырдык, кэрэ, мааны учуутал Анна Федотовна Рахлеева аата биһиги оскуолабыт сэрии кэминээҕи устуоруйатын кытта ыкса сибээстээх. «Бу оскуолаҕа предметчиктэринэн үрдүкү кылаастарга үлэлээбиттэрэ: дьүһүннээх үтүөтэ, мааны бэйэлээх дьүөгэм, биология, зоология учуутала Анна Федотовна Рахлеева, ис киирбэх дьүһүннээх, үчүгэйкээн быһыылаах-таһаалаах, нарын-намчы, чэнчис бэйэлээх эйэҕэс дьүөгэм нуучча тылын учуутала Мария Ильинична Левина, саха тылыгар С.И.Гоголев — кини скрипкатынан доҕуһуолланан оскуола кулуубар төһөлөөх үҥкүүлүүр, ыллыыр этибитий! Историяны В.Е.Колмогоров, ахсааны Н.Х.Дьяконов үөрэтэллэрэ – иккиэн учууталлар уус-уран самодеятельностарын бастыҥнара, оннооҕор «Ньургун Боотур» курдук олоҥхону туруорааччылар кинилэр буолаллара» (Үлэ, тыыл бэтэрээнэ РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера Мария Ивановна Колмогорова «20 сыл үлэ үөһүгэр» ахтыытыттан, «Кыым», кулун тутар 21 күнэ 2002 сыл) .
Анна Федотовна кылгас, чаҕылхай олоҕо сиэннэригэр салҕанар. Уолаттара төрөөбүт Таатталарыгар олохсуйан ньир-баачы олорон, оҕо сиэн тапталын, үлэ үөрүүтүн билбиттэрэ. Анна Федотовна сиэн кыыһа, герой ийэ, Ньургуяна Ньургустановна эбээтин курдук учуутал. Олох салҕанар.
Валентина Иванова, Кэбээйи.
Бу суруйуум улууспут “Дабаан” хаһыатыгар атырдьах ыйын 20 нүнүгэр 2020 с. тахсыбыта (№35). Кэбээйи улууһа, Кэбээйи сэлиэнньэтэ.