Саха омук туругурдун,
Төрүт итэҕэл тилиннин!
Ытык Тааттаҕа саха норуотун төрүт итэҕэлигэр анаммыт тэрээһин түһүлгэтин иккис күнэ «Сарыал» култуура киинигэр ыытылынна. Норуот өйүн-санаатын сомоҕолуу түмэр тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, итэҕэли тарҕатааччылар тоҕуоруһа түмүстүлэр. Төрүт итэҕэл түһүлгэтин саха норуотун духуобунай лидерэ Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус үтүө тылынан аһылынна.
Норуоту сомоҕолуур түһүлгэни «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев, СӨ Судаарыстыбатын сүбэһитэ, геокультура сайдыытын институтун дириэктэрэ Андрей Борисов, норуот итэҕэлин түмээччи Павел Ксенофонтов – Ойуур Байбал, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин тэрийэн ыыттылар.
Кэпсэтиигэ саха итэҕэлин түмсүүлэриттэн үгүс кыттааччы санаатын сайа эттэ, тустаах этиитин киллэрдэ.
Киэҥ кэпсэтии кыттааччылара итэҕэл сүбэтин тэрийэргэ, хас биирдии киһи омук туһугар олоруохтааҕын, норуот уһун үйэлэнэрин туһугар духуобунас уонна материальнай култуура тэҥҥэ сайдыахтааҕын, Айыыларбыт куйаары кытта ситимнээҕин, үгүс үөрэхтээх итэҕэлгэ үлэлээбитинэн тиһиктээх үлэни тэрийии, төрүт итэҕэли дьиэ кэргэҥҥэ киллэрии, итэҕэл киэптэрин – каноннары тарҕатыыга үлэлэһии, сомоҕолуур күүстээх Айыы итэҕэлэ төрүт итэҕэлгэ сытарын, улахан омук кыра омугу симэлитэр кэмигэр сайдыы тирэҕэ итэҕэлгэ сытарын, тыл — омук тыына буоларынан итэҕэлгэ уонна Ийэ тылга үлэни күүһүрдүү, киһи ис туругун бөҕөргөтөр сыалтан саха омук — Улуу омук сыдьаана буларын, оҕолобут аныгы сайдыылаах «атын эйгэҕэ» олороллорунан ыччаттарбытын саха буола үүннэрэр туһугар ис күүһү ылар Итэҕэл дьиэтин тутуу, сомоҕолоһуу күүһүнэн итэҕэли сааһылыырга, итэҕэллээх киһи сахалыы сиэрдээх буоларын, наука өттүттэн көрүү ирдэнэрин, итэҕэл диэн тыл «иитэ аҕал» уонна өбүгэттэн тиксибит күүспүн көрдөр диэн суолталааҕын, култуура — сиэр-туом, духуобунас — өй-санаа суолтатын булкуйбакка туттуу, төрүт итэҕэл өйү-санааны сайыннарар күүһүн, саха омук Судаарыстыбаны тэрийбит сүдү норуот ахсааныгар киирэрин, итэҕэли тарҕатар дьон үлэлиирин тэрийии, өбүгэ сирин төрүт ааттарын сөргөхсүтүү туһунан о.д.а. санааларын эттилэр.
Итэҕэл түһүлгэтин кыттыылаахтара үлэ түмүгүн «ТҮМҮҮ: төрүт үгэс — мин үүнэр үктэлим» диэн санаанан салайтаран, геокултуура сайдыытын институтугар сорудахтыырга быһаарыныы ылыннылар.
Тэрээһиҥҥэ ыллыктаах санааны эппит көхтөөх кыттааччыларга геокултуура сайдыытын институтун дириэктэрэ Андрей Борисов «Символы и знаки правят миром» диэн этэн туран, түөскэ иилиллэр дириҥ суолталаах, түгэхтээх санаалаах иҥэһэ уонна тордох бэлиэлээх сэмэй бэлэҕи туттарда.
Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев «Эппит санааҕыт биһиэхэ бигэ тирэх буоллун» диэн туран, Андрей Борисовка барҕа махталын биллэрдэ.
Мария Павлова.