Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сахабыт сирэ дойдубут тэтимнээхтик сайдар, инникигэ бигэтик хардыылыыр уонна сүҥкэҥ соруктары ситиһиилээхтик олоххо киллэрэр эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ буолар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын төрүөтэ дьаныардаах үлэҕэ, иллээх-эйэлээх, бигэ туруктаах дьиэ кэргэн сыаннастарыгар, төрүт, үйэлээх үгэстэрбитигэр, баай-талым култуурабытыгар, уопсастыбабыт түмсүүлээх буолуутугар уонна өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбыннаһын турууласпыт, уһансыбыт, ситиспит, дьиҥ чахчы төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх, уһулуччулаах дьоммут – Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап уо.д.а. үтүө холобурдарыгар олоҕурар.
Таатта улууһун олохтоохторо, чаҕылхай ыччаттара урукку да сылларга, билигин даҕаны өрүү инники кирбиигэ, өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй, научнай, духуобунай, култуурунай сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэр. Инникитин даҕаны оннук буола турарыгар бүк эрэллээхпин.
Баҕарабын барыгытар чэгиэн-чэбдик туругу, дириҥ хорутуулаах, үтүө түмүктэрдээх үлэни-хамнаһы, дьиэ кэргэҥҥитигэр уйгулаах, дьоллоох олоҕу!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата, «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ
В.Н. Лебедев.