Үтүө дьыала түмүктээх буолар.

 

Балаҕан ыйын 15-18 күннэригэр «Илии сылааһа» иис сыаҕын тэрийиитинэн, СӨ Бырабыытылыстыбатын өйөбүлүнэн «Эр хоһуун» иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ буолла. Бу күрэх,  анал байыаннай чааһыгар сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, хаачыстыбалаах таҥаһы тигэр сыалтан ыытылынна. Барыта холбоон 90-ча кыттааччы, 13 хамаанда,  11 улуустан бэйэтин баҕатынан көхтөөх кыттыыны ылла. Тэрээһин аһыллыыта куйаар ситимин нөҥүө Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Дмитрий Садовников эҕэрдэ тылыттан саҕаланна. «Илии сылааһа» күрэҕэр Таатта, Чурапчы, Томпо, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Кэбээйи, Өлөөн, Абый, Жатай бөһүөлэгин хамаандалара кыттыыны ыллылар. Таатта улууһуттан  Ытык Күөл «Харыстаана» иистэнньэҥ хамаандата кииристэ. Манна мөһөөччүгү кытары 10 көрүҥ таҥаһы тигэн бэлэмнээтилэр. Бу аҕыйах күн иһигэр түүннэри-күнүстэри олорон, сып-сап туттан, байыаннай чааһыгар сылдьар уолаттар баҕаларынан үчүгэй хаачыстыбалаах, сөптөөх байыаннай форманы бэлэмнээтилэр. «Харыстаана» бэйэтин көҕүлээһининэн, бу түгэҥҥэ туора турбакка, биир дойдулаахтарбыт ичигэс, сылаас, үчүгэй таҥаһы кэтэллэрин туһугар, бэйэлэрин кыахтарынан сүүрэн-көтөн «Илии сылааҺа» бырайыак  күрэҕэр кыттыыны ылбыта хайҕабыллаах дьыала. «Харыстаана» кырдьык даҕаны аатыгар толору суруллар, сылаас иэйиилээх, көмүскүүр аналлаах, сырдык хамаанда буоларын бигэргэтэр. СВО саҕаланыаҕыттан иис хамаандатын тэрийэн, түмэн, салайан кэлбит  Анна Егоровна Никифорова СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Албан аат» уордьан толору кавалера, Дмитрий Петров аатын сүгэр Ытык Күөл иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын технология учуутала. От ыйыгар Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын уонна «Илии сылааҺа» сыах көҕүлээһининэн ыытыллыбыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи Иис ыһыаҕын күрэҕин иккис миэстэ кыайыылаахтара буолаллар.

Күн сирин үтүө киһи киэргэтэр, ол курдук күүс-көмө, өйөбүл буолбут Ытык Күөл иккис №-дээх уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Вячеславович Сергеев   түөрт күн устата дьиэнэн-уотунан хааччыйан, биир-биэс тыла суох булан, боппуруоһу быһаарбыта – диэн  «Харыстаана» хамаандата махтана саныыр. «Эр хоһуун» иистэнньэҥнэр күрэхтэригэр  Анна Егоровна , Саргылана Николаевна Слепцова, Валентина Николаевна Собакина, Аграфена Алексеевна Баишева, Галина Афанасьевна Дедюкина, Анастасия Николаевна Оросина, Александра Андреевна Бочурова, бары үтүөнү баҕаран туран, анал үлэлэриттэн көҥүл ылан, илиилэрин сылааһынан 10 көрүҥ таҥаһы бу түөрт күн иһигэр тигэн бүтэрдилэр. Үтүө дьыала түмүктээх буолан, күрэх түмүгүнэн бу 13 хамаандаттан «Харыстаана» бочуоттаах үһүс миэстэни ылла. Инникитин бу курдук «Харыстаана» хамаандата кыайа-хото, ахтылла, хайҕана турдуҥ!