Бүгүн «Алгыс» балаҕаныгар «Таатта муус-2024» муус оҥоһуктары оҥоруу улуустааҕы күрэҕин үөрүүлээх аһыллыыта ыытылынна. Күрэхтэһии үгэскэ кубулуйан, быйыл номнуо 6-ыс төгүлүн ыытыллар. Тэрийээччилэринэн «Сарыал» культура уонна спорт сайдыытын киинэ уонна Тааттатааҕы нэһилиэнньэ Социальнай көмүскэлин кэлим киинэ буолаллар.
Быйылгы күрэхтэһиигэ байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар Василий Васильевич Тистяхов кытта сылдьар. Кини бу күрэхтэһии сүрүн идеолога буоларын туһунан тэрийээччи Лена Дмитриевна Ковлекова кэпсиир. Оччолорго алта сыллааҕыта тэрилтэҕэ бырайыактыыр үлэ саҕаланан, Василий Тистяхов этии киллэрэн, бары сүбэлэрин холбоон «Биир түмсүү» диэн бырайыак суруйаллар. Ол түмүгэр муус оҥоһук уонна «Сыгынахтаах аартык» мас оҥоһуктар күрэхтэһиилэрэ ыытыллар буолаллар.
Муус оҥоһуктар күрэхтэригэр саҥа саҕаланыытыттан кыттыбыт оҕолор номнуо улааттылар, сатабыллара хаҥаата, тутталлара-хапталлара сыыдамсыйда. Алта сыллааҕыта Эрчимэн Игнатьев муус оҥоһук күрэҕэр бастакытын кыттыбыта. Быйыл номнуо аармыйаттан кэлэн, бэйэтэ хамаанда туруоран кыттан эрэр.
Быйылгы тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй скверыгар Ытык-Күөл кытылыгар ыытыллар. Маастардар оҥоһуктара саҥа скверы киэргэтиэхтэрэ. Хас биирдии кыттааччыга 6-лыы муус бэриллэр. Мууһу Сарыал киин уонна социальнай харалта эр дьоно күһүн ылан бэлэмнииллэр. Кыттааччылар эскиизтэрин эрдэттэн уруһуйдаан дьүүллүүр сүбэҕэ туттараллар.
Быйылгы күрэхтэһиигэ 8 хамаандаҕа 24 кыттааччы илин-кэлин түсүһүөҕэ.
Анна Яковлева, «Сарыал» СК культура менеджера.