Атааннаах мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга айыллан ааспыт, орто туруу бараан дойдуга оҕо төрөөн, олох олорон баран, бар дьонугар бэйэлэрин кэннилэриттэн кэрэни кэрэхсэбиллээҕи кээһэн, үтүөнү үйэлээҕи үөдүтэн, өтөрүнэн сүппэт дириҥ суолу-ииһи хорутан хаалларар дьон ахсааннара, киһи аймах олоҕор олус сэдэх.

Оннук биир сэдэх уонна олус сэмэй киһинэн Людмила Николаевна Григорьева ахтыахха сөп дии саныыбын.

Бу соҕотох мин эрэ санаам буолбатах, кинини кытары тыыннааҕар Чөркөөх музейын төрүттэспит, тэрийсибит, эн-мин дэсиһэн бииргэ үлэлэспит Людмила Николаевна элбэх ахсааннаах доҕотторо, табаарыстара бука эмиэ ити курдук саныыллара буолуо диэн эрэнэбин. Людмила быйыл кулун тутарга төрөөбүт, үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн Тааттатын дьоно бары үөрэ-көтө бэлиэтиэ этибит.

Мин кинини норуот тыйаатырын художнигынан үлэлии сылдьан, 1972 с. аан бастаан көрбүтүм, фотоаппаратынан фойеҕа түһэрэн баран, үлэлиир хоспор киирээт, дорооболоһоот хаһааҥҥыттан эрэ билэр киһитин курдук туттан тура ону-маны ыйыталаһан кэпсэппитэ. Университекка үөрэнэрин, былыргы сэдэх фотолар оригиналларын хомуйарын уонна олортон переснимоктары бэйэтэ түһэрэн дьарыктанарын туһунан кэпсээбитэ. Барарыгар: «Эн былыргы сэдэх фотолардаах дьоннору кимнээҕи билэттиигиний, маннык оннук билэр табаарыстардаах буоллаххына, бука баһаалыста, миигин кинилэри кытары билиһиннэриэҥ этэ дуо?» — диэн көрдөспүтэ. Кини ис сүрэҕиттэн эрэнэн-итэҕэйэн биирдэ көрдөспүтүн ылыммат дьон бука суохтара буолуо. Людмила Николаевнаны кытары аан бастаан билиһиннэрбит киһим, Москваҕа 1917 с. үөрэнэ сылдьан икки революцияны илэ хараҕынан көрбүт, аатырар Павел Ксенофонтов табаарыһа Михаил Григорьевич Слепцов, иккиһэ Ксенофонтовщина дьыалатыгар эриллэн «Петергоф» аттынааҕы лааҕырга, ыраахтааҕы Киренскэй миниистирдэрин, генералларын кытары бииргэ олорон тахсыбыт, Василий Петрович Слепцов оҕонньотторо буолбуттара. Үһүс киһим, сахаттан биир бастакы фельдшер Лидия Гаврильевна Слепцова этэ. Людмила Николаевна, Таатта революция иннинээҕи үс биллэр үөрэхтээхтэригэр сылдьан, билсиһэн соругун ситиһэн, өтөрүнэн үөрбэтэҕин үөрбүтүн өйдүүбүн. «Хайдах бу үлүгэрдээх киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах, хаама сылдьар тыыннаах историяларбыт, кимиэхэ да биллибэккэ-көстүбэккэ, адьас, саба баттана олорбуттара буолла» — диэн олус да сөхпүтэ-махтайбыта, абаламмыта да быһыылааҕа. Людмила Николаевнаҕа билиһиннэрбит төрдүс киһибинэн Таатта биир кырдьаҕас учуутала Лидия Романовна Кулаковская буолбута. Биллэрин курдук Лидия Романовна аҕата Роман Федорович эмиэ революция иннинэ үөрэхтэммитэ, кэлин Саха республикатыгар биир биллэр-көстөр үлэһит буолбута. П.А. Ойуунускай ыкса доҕоро буолан, эмиэ 1938 с. норуот өстөөҕө аатыран түрмэҕэ үнтү кырбанан өлбүтэ. Лидиялаах Людмила билсиһиилэрэ, ыкса доҕордоһууга кубулуйбута уонна Людмила Николаевна сор суолланан, олохтон туоруор диэри салҕанан барбыта. Бу түөрт биллэр дьонтон ураты кэлин син хас даҕаны биллэр дьоннору кытары билиһиннэртээбитим буолуо да, барыларын ааттарын ааҕа ааттаталыыр бука салгымтыалаах буолуо диэн тохтотобун. Ити кэнниттэн икки сыл биллибэккэ-көстүбэккэ сыыйа-баайы кэлитэлээн ааспытттарын кэннэ, 1974 сыллаахха саас хаардаахха Людмила Якутскай куорат Сэргэлээҕиттэн миэхэ элбэх ыйытыылардаах суругу ыыппыт этэ. Онно кини чуолаан, Саха былыргы кэмҥэ олорон хаалларбыт дьиэтэ-уота, материальнай култуурата, туттар сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа, таҥнар таҥастара-саптара сүтэн, симэлийэн эрэллэрин туһунан сүрдээхтик адьас ис-иһиттэн хараастан суруйбута. Суругун бүтүүтүгэр, Тааттаҕа былыргы киһи кэрэхсиир тутууларыттан ханна туох ордубутун, төһөнү билэрбинэн испииһэк оҥорон ыытарбар көрдөспүт этэ. Онно эбии этнографияҕа, археологияҕа, антропологияҕа сыһыаннаах хас да боппуруостары миигиттэн, кыра үөрэхтээх киһиттэн тоҕо ыйытан суруйар буоллаҕай, дьоҕойон үтэн-анньан төһө билиилээхпин тургутан көрөн суруйдаҕа дуу диэн, өһүргэнэ санаабытым да төһө билэрбинэн хардатын суруйан ыыппытым. Ити дьыл Таатта оройуонун салалтата Саха сирин аан бастакы үрдүк үөрэхтээх идэтийбит народнай художнига И.В. Попов төрөөбүтэ 100 сыла туолар  үбүлүөйүн көрсөөрү кини музей дьиэтин сөргүтэн өрөмүөннүүр үлэни кыра харчы сыыһын көрөн ыыттарбыта. Ол сөрүтүү үлэтигэр: И.Н. Христофоров, Степан Хатылыков, Михаил Тихонов уонна мин буолан ылсан үлэлээбиппит. Онон дьиэ эрэмиэнэ бүтүүтэ художник И.В. Попов үбүлүөйэ кини музей дьиэтигэр бэс ыйыгар кини оҕолорун, сиэттэрин уонна аҕыйах туора ыҥырыылаах дьону, оройуон үрдүкү салалтатын үлэһиттэрин кытары бэрт судургутук үөрүүлээх быһыыга-майгыга атаарыллыбыта. Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ Людмила Николаевна эмиэ баара уонна Дьокуускайга аһаҕас халлаан аннытыгар баар улахан этнографическай музейы, буряттар курдук тэрийиэхтэрин баҕаралларын, онуоха биһиги Суорун Омоллоон ордук дьаныһан туруорсарын тустарынан кэпсээбитэ. Мин кини кэпсээнигэр хардараммын, биһиги коллективпыт Илин Сибиирдээҕи народнай театрдарын зональнай көрүүгэ кыттан, Улан-Удэ куоракка бара сылдьаммыт, буряттар саҥа тэрийэн эрэр этнографическай музейдарын көрбүппүтүн туһунан сиһилии кэпсээбиппэр, олус сэҥээрэн болҕойон олорон истибитэ. Онтон балайда олорбохтуу түһэн баран, «биһиги оҕонньорбут даҕаны этэҥҥэ сырыттаҕына бука буряттар музейдарыттан итэҕэһэ суох музейы төрүттүүрэ буолуо» диэбитэ. Ити итинэн ааспыта, онтон сотору аһаҕас халлаан анныгар Дьокуускайга музейы тэрийээри дөрүн-дөрүн түмсэн мөккүһэр, дьүүллэһэр сурахтаахтара, хам-түм да буоллар сыыйа-баайа иһиллэтэлээн ааһар буолбута. Онтон, дьэ, 1977 с. Суорун Омоллоон тахсан оройуоммут салалтатын кытары кэпсэтэн, «сөп дэппит үһү» — диэн үөрүүлээх сураҕа иһиллибитэ. Оччотооҕу райком салайар үлэһиттэринэн Суорун Омоллоону аан бастакы өйөөбүт дьонунан В.П. Решетников уонна В.Е. Кузьмин этилэр. Кинилэр быһаччы көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн туһанан Д.К. Сивцев музей тутуутун саҕалаабытынан барбыта. Онуоха үһүс тэрилтэ биир харчы төлөбүрэ суох, дьиҥнээх ис дууһаларынан ылынан, баҕаран туран адьас илиһирбит курдук үлүһүйэн үлэлээбиттэрэ. Онуоха Таатта олохтоохторо, боростуой үлэһит дьоно саҥа  тэриллибит музей мала-сала,  экспонаттара хаҥыырыгар, өр сылларга кэриэс-хомуруос оҥостон уура сылдьыбыт өбүгэлэрин сыаналаах малларын туох да төлөбүрэ суох босхо биэртэлээбиттэрэ. Малы-салы, музейга сиэртибэ хомуйуутугар Людмила Николаевна аан бастакынан, Николай Иванович Попов уонна миигин көмөлөһүннэрбитэ. Биһиги ардыгар аадырыс биэрэн, ардыгар бэйэбит сылдьыһан, син балайда эмиэ сыаналаах маллары хомуйсубуппут буолуо. Ол барыта кэмигэр сурукка-бичиккэ киирбэккэ, умнууга-төннүүгэ хаалбытыттан биһиги хомойо-хоргута саныыбыт да ол туһунан кимиэхэ да кэпсии, үҥсэргии сылдьыбат этибит. Мал-сал хомуйса онно-манна сырыттахха, хам-түм да буоллар, бу туохха туһалаах былыргыны түөһэн, сөргүтэн, иччини, абааһыны, Айыыны эрэ көбүтэннэр, төрүүр ыччаттарбытын төттөрү төлкөлүөхтэрэ, кэнэҕэски кэлэр кэнчээрилэрбитин кэҕиннэрэн, кэдэрги кэмэлдьилиэхтэрэ — диэн саҥарар дьоннор эмиэ бааллара. Ол эрээри үөрүөх иһин оннук дьон ахсааннара олус аҕыйаҕа, онон кинилэргэ ким да болҕомтотун оччоттон баччааҥҥа диэри соччо уурбат этэ.

«Музей тутуутугар тугунан эмэнэн көмөлөспүт киһи» — диэн санааттан, 1977 сыллаахха сааһыары сайын Суорун Омоллооҥҥо бэйэбинэн тылланаммын туос Моҕол ураһаны оҥорорго ылынаммын, бэрт кыбытыыга, кыһарҕаҥҥа киирэ сылдьыбытым. Ураһа маһын-отун дьиэбэр олорон бэлэмнээн бараммын, Чөркөөххө илдьэн баянист Андрей Андросовтыын 15 хонук устата көмөлөөммүт 1978 сыллаахха сайын от ыйыгар бүтэрбиппит. Ураһа баҕаналарын, ону хаһыы ойууларын, билигин Ытык Күөл музыкальнай оскуолатын учуутала, оччолорго ситэ-хото илик эдэркээн уол Петр Петрович Андросов көмөлөһөн абыраабыта. Саҥа тэриллибит музей бастакы директорынан Суорун Омоллоон Людмила Николаевнаны анаппытын Таатта олохтоохторо бары сөбүлээбиттэрэ. Бу музей хара төрүттэниэҕиттэн Д.К. Сивцев Людмила Николаевналыын арҕаа киин куораттарынан, уобаластарынан кэрийэ сылдьаннар Чөркөөх музейын туһунан өҥнөөх слайдаҕа устубуттарын көрдөрө-көрдөрө төһөлөөх лекциялары аахпыттарын ааҕан сиппэккин. Ол түмүгэр бу музей аата-суола ханнык эрэ биир-икки сыл иһинэн бүтүн Сойуус үрдүнэн буолуохтааҕар кыраныысса таһыгар ыраахха диэри албан аата, дьоһун сураҕа тиийэ иһилллибитэ, биллибитэ, көстүбүтэ. Ол туһунан билигин киһи барыта билэр. Икки, биир сыл иһигэр маннык албан аатырбыт атын ханнык да музей, музейдар устуоруйаларыгар баара өссө биллибэт. Ити барыта Суоруннаах Людмила Николаевна дьону тэрийэр, дьаһайар, көҕүлүүр ураты дьоҕурдааҕын талаааннарын уһулуччулаах туоһута буолар дии саныыбын.

Людмила Николаевна музей директорынан ананыаҕытттан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри, түүннэри-күннэри музейын аатын-суолун сүгүн олорбокко пропагандалаан, онно таарыйа музейыгар саҥаттан саҥа сонун кэрэхсэбиллээх экспонаттары булаары Саха сирин элбэх оройуоннарын кэрийтэлээбитэ. Онно сылдьан бэйэтэ элбэҕи истибитэ, билбитэ, көрбүтэ, сонун экспонаттары да булуталаабыта. Политсыылынайдар урууларын, аймахтарын, сиэттэрин, хос сиэттэрин ирдэһэн булуталаабыта уонна олору кытары тыыннаах сибээһи олохтообута. Онон кини барыта 81 аадырыһы кытары суруйсара. Олортон саамай харыһыйар, ытыктыыр доҕоро Тааттаҕа көскө олоро сылдьыбыт политссыылынай Н.А. Виташевскай кыыһа Софья Николаевнаны кытары Одессаҕа дьиэтигэр сылдьан сирэй көрсөн билсибититтэн киэн туттан олорон кэпсиирэ. Виташевскай кыыһа оччолорго 84 саастааҕа, өлөр ыарыһах эбитэ үһү. Кини Людмила Николаевнаны көрсөн, Тааттаттан сылдьарын истэн баран уҥуоҕа босхо барыар диэри үөрбүт, долгуйбут уонна аҕата Саха сириттэн булан хомуйан илдьибит баай, элбэх архивын көрдөрбүт. Онно Байаҕантай, Дүпсүн, Бороҕон, Нам, Арҕаа Хаҥалас, Мэҥэ уо.д.а. улуустар 19 үйэтээҕи докумуоннара, барыта 27 разделга араарыллан сылдьарын көрдөрбүт уонна эһиил хайаан да кэлээр, мин тыыннаахпар бу докумуоннары дойдуларыгар төттөрү ыытарга көмөлөһүөм диэн эрэннэрбит.

Эһиилигэр, ити арааһа 1984 сыл быһыылааҕа, Людмила Николаевна Одессаҕа бараары тэринэ сырыттаҕына, София Виташевская өлбүтүн туһунан телеграмма кэлэн, тохтообута. Бу сүтүк, чараас дууһалаах Людмиланы улаханнык долгуппута, харааһыннарбыта. Ити иннинэ кини биир идэлээх доҕоро, духовнай аҕатын, убайын курдук саныыр киһитэ, Танда музейын төрүттээбит Иван Павлович Готовцев күн сириттэн сүтүүтэ, Людмила Николаевнаҕа эмиэ улахан охсууну оҥорбута.

Сахалартан онто да суох аҕыйах ахсааннаах арыыйда дьоннорбут ордон олороллоро, үйэлэрин моҥообокко эрэ, сыыйа-баайа симэлийэн суох буолан истэхтэрэ, дьэ, ити диэн Людмила Николаевна миэхэ хаста даҕаны муҥатыйан саҥарбытын истибитим.

Дьэ, ити курдук Чөркөөх музейа төрүттэнэн үлэҕэ киирдэҕин иккис, үһүс сылларытттан бэттэх, арҕаа, киин куораттартан, уобаластартан, сойууһунан республикалартан, Арҕаа Европа, Америка, Азия араас дойдуларыттан суруйааччылар, учуонайдар, политсыылкаҕа олорон ааспыт сиэттэрэ, чугас хаан уруу аймахтара музейы көрө-билэ диэн ааттаан балайда чаастатык кэлитэлээн барбыттара. Кинилэри барыларын сөптөөх үрдүк таһымҥа көрсөн, музейы кэрэхсииллэрин ситиһэр курдук кэпсээһин, билиһинннэрии бу улахан эппиэттээх үлэ Людмила Николаевна санныгар сүктэриллэрэ, олору барытын кини чиэстээхтик толороро. Манна кини, музей үлэһитин, директорын быһыытынан улахан кыахтааҕын, дэгиттэр киэн билиилээҕин, тэрийэр, кэпсиир улахан дьоҕурдааҕын көрөдөрбүтэ. Ити курдук кини музейыгар үлэлии олорон, кыратык быыс буллар эрэ, музейыгар эбии экспонат хомуйсан, оройуонун бука ордорбокко кэриэтэ кэрийбитэ буолуо, онно куруутун да буолбатар миигин илдьэ сылдьара. Онон биһиги аҥардас Баайаҕа нэһилиэгэр түөртэ бара сылдьыбытым уонна онтон солун, элбэх малы-салы ыаллартан, өтөхтөрү кэрийтэлээн булбуппут. Олортон научнай өттүнэн уһулуччу сыаналаах 18 үйэтээҕи балаҕан сатанах көхөлөрө, биир оҕус көхөнү, икки торбосчут сэргэлэрэ, политсыылынай И.О. Ребицкэй оҥорбут овальнай остуола, олоппоһо, хаҥка ыҥыыр, саар ыаҕастары онтон да атыттары.

Билигин бу «сатанах көхөлөр», «оҕус көхө», торбосчут сэргэлэрэ, хаҥка ыҥыыр курдук саха сиригэр ханна да суох сатаан сыаналамммат экспонаттар хайдах дьылҕаламмыттара өссө биллибэт.

Людмила Николаевна баарыгар, музейга сибээстээх араас сонуннары, хантан кимнээх, ханнык делегация эбэтэр биллиилээх улахан учуонайдар. Музейы көрөн барбыттарын тустарынан куруутун телефонунан кэпсии, билиһиннэрэ олорор үгэстээҕэ. Онон биһиги эмээхсимминээн Чөркөөх музейын сонунун сойуппакка күнүнэн истэ-билэ олорорбут.

Кини Ытык Күөлгэ музей наадатыгар кэллэҕин аайы биһиэхэ хайаан да сылдьан эбэтэр хонон, тото-хана дуоһуйа кэпсэтэн барара. Кэлин биһигини кытары адьас ийэтин, аҕатын курдук чугастык бодоруспута, туох баар үөрүүтүн, хомолтотун биһигини кытары кистээбэккэ үллэстэрэ, элбэх музейга этнографияҕа, оройуон историятыгар сыһыаннаах боппуруостары ыйытара, сүбэлэтэрэ даҕаны. Олору барытын да буолбатар, төһө билэрбинэн кэпсии-сүбэлии сатыырым. Биирдэ, ити арааһа 1982 с. кыһыары саас этэ, Людмила Николаевна куолутунан Ытык Күөлгэ наадатыгар кэлэн баран, онтукатын ситэ баһаарсыбакка, киэһэ биһиэхэ хоно кэлбитэ. Киэһэ аһылык кэнниттэн ону-маны кэпсэтэ олорон, «олоҥхо балаҕанын» туһунан мин хоһоон баллырдаан суруйан иһэн остуолга хаалларбыппын көрөн ааҕан баран эппитэ: «Кэбис, эн маннык хоһоонунан буолбакка сэһэн курдук суруйдаххына дьоҥҥо, ааҕааччыга ордук тиийимтиэ буолуо», — диэн сүбэлээбитэ. Онон саҥа суруйан иһэр олус олуттаҕас, соппоҥ тыллаах-өстөөх хоһооммун салгыы суруйбатаҕым. Ол хоһоонум дуомун саҕаланыыта маннык тыллардаах этэ:

            Төрүүр ыччат төлкөтүн түстээри,

            Саха аймах саргытын салайаары

            Сыһыаннааҕы сылыктаан сыаналыыр

            Үйэлээҕи үчүгэйдик өйдөөн билэр

            Кэскиллээҕи кэрэһэлээн кэпсиир

            Торумнааҕы толкуйдаан түстүүр

            Тоҕоостооҕу тоһоҕолоон тобулар

            Туһалааҕы түөһэн толкуйдуур

            Таатта толуу талааннаахтара

            Мындыр дириҥ өйдөөхтөрө

            Нарын-намчы тарбахтаахтара

            Урантан — үс уолаттара

            Кэнэҕэски кэнчээри ыччаттарыгар

            Кэрэ бэлиэ тутууларыттан

            Кэриэс кээһэр кэриэтэ

            Аар тыа астык мастарыттан

            Анаан суоран оҥоһуллубут

            Аарыма Саха балаҕанын

            Астына саныыр аҕабыт

            Суорун Омоллоон убайбыт

            Сураһан суоллатан тиийэн,

            Дьүлэй ууһун улаҕатыттан

            Турбут сириттэн көһөттөрөн,

            Тиэттэрэн тирилэтэн аҕалан,

            Уорук бараан ордууну оҥотторон,

            Олоҥхо балаҕана диэн ааттаан

            Уруккута улуус киинигэр

            Билиҥҥитэ Чөркөөх сиригэр

            Ойуунускай уһаайбатын чугаһыгар

            Олохтоох сирин булларбыта

            Олуһун, күндү доҕотторуом!

Чөркөөхтөөҕү политсыылка мемориальнай музейын курдук, аһаҕас халлаан анныгар, сыл аҥарыттан эрэ ордук кэм устатыгар тутуллан түргэнник үлэҕэ киирэн аатырбыт музей, бүгүн Аан дойду музейын историятыгар баарын өссө ким да билбэт. Өссө киһи бэркиһиэҕэ, сөҕүөҕэ манна баар, музей республикаттан туох да анал элбэх үбэ, харчыта суох-соҕотох Таатта олохтоохторун күүһүнэн босхо кэриэтэ тутуллубута. Манна холуйдахха буряттар Улан Удэтээҕи этнографическай музейдара элбэх сыл устата, элбэх харчыга тутуллан үлэҕэ киирбитин туһунан 1972 с. бэйэлэрэ Тааттатааҕы народнай театр коллективыгар кэпсээбиттэрэ. Онно аҥардас биир этнографическай ааннара 25 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ этэ. Онон, кэнэҕэс, Чөркөөх музейа этэҥҥэ турдаҕына, Аан дойдуга аһаҕас халлаан анныгар тутуллубут бары музейдартан барыларыттан бэрт кыра суумаҕа түргэнник тутуллан үлэҕэ киирбит суос-соҕотох музейынан буолуоҕа. Маныаха бу музейы өр сылларга сүүрэн-көтөн көҥүллэтэн, Таатта олохтоохторун көҕүлээн, тылыгар киллэрэн, сүһүөхтэригэр туруоран тутуһуннарбыт биһиги ытык киһибит Суорун Омоллоон уонна Людмила Николаевна Григорьева үтүөлэрэ-өҥөлөрө киһи сатаан сыаналаабат улахан дии саныыбын. Ол эрээри бу музей тутуутугар сыраларын биэрэн көмөлөспүт уонна музейы экспонаттарынан байытан хаҥатыыга өбүгэлэрин саҕаттан кэриэс гынан уура сылдьыбыт, күндүтүк саныыр сыаналаах малларын босхо сиэртибэлээбит Таатта амарах көрсүө-сэмэй дьоннорун дьоһун ааттара-суоллара бука бары анал мемориальнай дуоскаларга суруллан, музейы көрөөччүлэр билиилэригэр-көрүүлэригэр туруоруллубатахтара олус хомолтолоох. Дьэ, онон бу Людмила Николаевна кэриэһигэр анаабыт аҕыйах тыллаах чуҥкук ахтыыбын тохтотоору олорон толкуйдаатахпына, кини ылыммыт бу судургута суох олус уустук эппиэттээх үлэтигэр ис дууһатынан эрэ буолбакка, туох баар эттиин-хаанныын муҥура суох бэриниилээхтик үлэлээбит, сөҕүмэр сүрэхтээх, үйэҕэ биирдэ үөскээн ааһар дьоннортон биирдэстэрэ этэ дии саныыбын.

            Инникитин даҕаны, оччотооҕу быдан кэмнэргэ Саха сирин хараҥа улуустарыгар сыылкаҕа ананан кэлэн олорон ааспыт сырдык санаалаах, үтүө өйдөөх политсыылынайдар сахалары кытары улуу доҕордоһууларын кэрэһэлээн кэпсиир бу албан ааттаах, биһиги бүттүүн киэн туттар музейбыт аата айгыраабатын, дьоһун сураҕа сууллубатын, кэрэ көстүүтэ киртийбэтин диэн алгыыбын.

                                Андросов Е.Д., 1994 с. Ытык Күөл.

Читайте дальше