Таатта эдэр чинчийээччитэ дьиэҕэ-уокка туһалаах оҥоһуктарынан сөхтөрдө

Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр кэмпэриэнсийэлэригэр А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 6 «б» кылааһын үөрэнээччитэ  Айхан Дьяконов техническэй наукалар хайысхаларыгар «Мастерская самоделкина» үлэтинэн 3 истиэпэннээх дипломант аатын сүгэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Наукаҕа бастакы хардыылар» научнай- чинчийэр күрэскэ кыттар чиэскэ тигистэ.

Айхан оҕо эрдэҕиттэн тобуллаҕас толкуйунан дьиэҕэ-уокка туһалаах оҥоһуктары оҥорор ураты талааннаах.

Билигин сөбүлүүр дьарыгын физикэ билимин уонна аныгы технология ньыматын туһанан, ARDUINO бырагыраамма нөҥүө  үөрэтэн-чинчийэн, туһаттан тахсыбыт матырыйааллартан миксер, вентилятор, щетка-робот үлэтин толорор массыыналары айан оҥорбут үлэтинэн дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө.

Инникитин даҕаны эдэр чинчийээччи үрдүк ситиһиилэринэн Дьяконовтар дьиэ кэргэни,  салайааччытын, физика учууталын Наталья Валерьевна Николаеваны үөрүүнэн кынаттыы турарыгар баҕарыаҕыҥ.

Мария Павлова.

Наталья Николаева хаартыскалара.

Читайте дальше