Кулун тутар 22 күнүгэр, Чөркөөххө, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Ытык киһи, Үйэ саас бэлиэ хаһаайына НАУМ ТРИФОНОВИЧ СЛЕПЦОВ 100 сааһын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүн нэһилиэк олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ, ыалдьыттар, аймахтар Наум Трифоновиһы көрсөн эҕэрдэлээри, баҕа санааларын этээри хото муһуннулар
Түмэлгэ Н.Т.Слепцов хоһоонун хомуурунньугунан ааттаах “Олоҕу таптыахха” быыстапка турда. Киэҥ ис хоһоонноох быыстапкаҕа Наум Трифонович олоҕун, үлэтин, таптыыр дьарыгын көрдөрөр маллар, докумуоннар, буорах сыттаах суруктар мөссүөннэрэ, хаартыскалар, саахыматтар, ситиһиилэрин кэпсиир грамоталар, мэтээллэр, стендэлэр уо.д.а. бэрт кичэллээхтик, сатабыллаахтык турбуттар. Быыстапкаҕа биир киһи олоҕо — муостата суох хотоннуун силбэһэ турар төрөөбүт балаҕана, революция кэнниттэн үөрэххэ болҕомто уурар сэбиэскэй кэм туруута, уоттаах Аҕа дойду сэриитэ, Сэбиэскэй кэм сайдыыта, ыһыллыыта уонна бүгүҥҥү күҥҥэ дылы олох уларыйыыта, балысхан сайдыыта барыта дьэҥкэтик көһүннэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ учууталлара Э.Х.Кашкина салайыытынан Наум Трифонович үйэлээх олоҕун дириҥ ис хоһоонноон хоп курдук чымадаан-музейга солуннук көрдөрүүгэ уурбуттар. Элбэх тосту-туора уларыйыылаах, икки үйэ алтыһыылаах кэмҥэ Наум Трифонович биир сүннүьүлээх олоҕу дьоһуннук олорон кэлбитэ киһиэхэ холобур эрэ буолар. Кини 64 сыл эҥкилэ суох учууталлаабыта. Кэнчээри ыччаты иитиигэ улахан болҕомтотун Ийэ дойдуну таптыырга ууран историческай сирдэринэн араас элбэх, ардыгар хастыы да хонуктаах сатыы походтары, хайыһарынан айаннары тэрийэрэ.
Онтон саахымакка Наум Трифоновиһы оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр Т.С.Таппыров үөрэппитэ. Тихон Семенович П.А.Ойуунускайтан, Ойуунускай Өксөкүүлээх Өлөксөйтөн үөрэммитэ. Саха норуота ытыктыыр дьонноро өй мындыр оонньуута — саахымакка оонньуулларын суолтатын сыаналаан Наум Трифонович үлэлээбит оскуолаларыгар саахымат куруһуогун үлэлэтэрэ. Чөркөөх оскуолатыттан саахымакка өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх (1971, 1972, 1973 сс) чөмпүйүөнүн, Анна Протодьяконованы, иитэн таһаарбыта. Өссө биир бастыҥ үөрэнээччитинэн дуобакка 6 төгүл аан дойду чөмпүйүөнүн, норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстер Гаврил Колесовы, 10 спорт маастарын, 92 спорт маастарыгар кандидаттары, 49 аан дойду чөмпүйүөннэрин уонна призердарын, 23 Европа уонна аан дойду чөмпүйүөннэрин, 162 Россия чөмпүйүөннэрин уонна призердарын ииппит Россия, СӨ үтүөлээх тренера Мария Бырдыннырова буолар. Үөрэнээччилэрин Наум Трифонович куруук киэн тутта кэпсиир, ахтар. Бэйэтэ туох да хойут буолбатын дакаастаан 96 сааһыгар дуобакка спорт маастарыгар кандидат нуорматын толорбута.
Быыстапка аһыллыытыгар улуус баһылыга А.С.Бурцев Наум Трифонович үйэлээх олоҕо эдэр ыччакка холобур буоларынан өссө төгүл эҕэрдэлээтэ. Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов үйэ саастаах ытык киһи чэгиэнник сылдьарын, өйө-санаата чэбдигин, саҥата-иҥэтэ ылыннарыылааҕын, санаата-оноото ыллыктааҕын бэлиэтээн, улаханнык убаастыырын этэн туран убаһа сертификатын туттарда уонна хас хаарын аайы биирдии убаһа биэриэх буолан эрэннэрдэ.
Таптыыр үлэтэ, сөбүлүүр дьарыга, саахымата-дуобата, дьоҥҥо өһү туппата, дьоҥҥо үчүгэйи эрэ баҕарара, чөл олоҕу тутуһара, олоҕу таптыыра, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамара, олох үөһүгэр сылдьара олохпун уһатар диэн Н.Т.Слепцов мустааччыларга баҕа санаа, сүбэ курдук эттэ.
Наум Трифонович маанылаах остуолугар элбэх киһи эҕэрдэлээтэ, бэрт сэргэх кэпсэтии, ахтыһыы буолла…
Үөрэнээччилэрэ учууталлара Наум Трифонович спорду өрө тутарын, хаартыскаҕа түһэрэрин, куруут көхтөөх буоларын, оскуолатааҕы түгэннэрин уо.д. элбэҕи истиҥҥик аҕыннылар, бүгүн көмүскэллээх оҕо курдук санаммыттарыттан үөрдүлэр, өссө да уһуннук олороругар баҕардылар. Өйдүүрэ элбэҕин, сылы-күнү, киһи аатын умнубатын ыалдьыттар бары да бэлиэтээтилэр, кыыһыгар Эльвира Гаврильевнаҕа махтаннылар.
Түмүккэ Наум Трифонович бэйэтэ суруйбут хоһооннорун, чабырҕаҕын өйүттэн этэн, ырыа ыллаан, икки кинигэ автора өссө кинигэ суруйа сылдьарын, элбэх былааннарын кэпсээтэ, бүтэһигэр ыалдьыттарын сылайдаххыт буолуо диэн күллэрдэ, сөхтөрдө…
Кулун тутар 23 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата, СӨ, Таатта улууһун саахымакка федерациялара тэрийиилэринэн чөл олоҕу, саахымат оонньуутун пропагандалыыр, Чөркөөххө саахымат оонньуутун сөргүтэр, саҥа эдэр оонньооччулары тардар, саахыматтыыр таһымы үрдэтэр сыаллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ, спорт бэтэрээнэ, саахымакка, дуобакка спорт маастарыгар кандидат, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, ЫТЫК КИҺИ Наум Трифонович Слепцов 100 сааһын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр аналлаах түргэн саахымакка өрөспүүбүлүкэтээҕи «Черкехский рапид – Мэндэҥэ суһума» аһаҕас турнир буолан ааста.
Ойуунускайтан саҕыллыбыт саахымат Чөркөөх оскуолатыттан 6 өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн таһаарбыта. Онтон 1937 сыллаахха Наум Слепцов, Коля Андреевтыын (Архипович), 3 кылааһы бүтэрбит үөрэнээччилэр, П.А.Ойуунускай оскуолаҕа быыбардааччыларын көрсө кэлбит кэмигэр көрбүттэр, саҥатын истибиттэр. Ойуунускай тахсан иһэн уолаттары төбөлөрүттэн имэрийэн, кытаатан үчүгэйдик үөрэниҥ, үтүө дьон буолаарыҥ диэн алҕаабытын Наум Трифонович умнубат, санаатаҕына долгуйар, дьоллооҕунан ааҕынар…
Турнирга барыта 109 саахыматчыт кытынна. Чөркөөхтөн 10 улахан киһи (онтон 3 дьахтар), 3 уол оҕо. Сүрүн судьуйанан 1-кы категориялаах Гаврил Винокуров үлэлээтэ. Турнирга өрөспүүбүлүкэ күүстээх саахыматчыттара, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ кэлэн Үйэлээх турниры киэргэттилэр, таһымын үрдэттилэр. Турнир иннинэ саахыматы олоҕун тухары көҕүлүүр, пропагандалыыр Н.Т.Слепцов күрэхтэһээччилэргэ махтанна, кэс тылын эттэ, ким бэлэмнээх ол кыайдын диэн алҕаата.
Уот линиятыгар эрэмиэн үлэтэ ыытылларынан, Чөркөөххө уот барар куттала баар буолан, 9 туурдаах турнир бүтүүтэ тиритиилээх-хорутуулаах буолла. Онно эбии лидердар эрбии тииһин курдук илин-кэлин түсүһэн сытыы киирсиилэр буоллулар, тыҥааһыны эптилэр. Тур этэҥҥэ уоттаахха бүттэ, түмүк хараҥаҕа таҕыста, кыайыылаах билиннэ, турнир түмүктэннэ.
Түмүк уолаттар 12 саастарыгар дылы
1 м – Вячеслав Стручков (Чурапчы)
2 м – Семен Кривошапкин (Чурапчы, Хатылы)
3 м – Афанасий Портнягин (Ытык Күөл)
уолаттар 12-15 саастаах
1 м – Аман Афанасьев (Баайаҕа)
2 м – Михаил Слепцов (Чурапчы, Хатылы)
3 м – Айвар Колесов (Ытык Күөл)
Уолаттар
1 м – Сергей Плотников (Ытык Күөл)
Кыргыттар 12 саастарыгар дылы
1 м – Нарыйа Седалищева (Чурапчы)
2 м – Мичийэ Попова (Чурапчы, Хатылы)
3 м – Алеся Сысолятина (Ытык Күөл)
Кыргыттар 12-15 саастаах
1 м – Кристина Максимова (Чурапчы, Хатылы)
2 м – Алиса Игнатьева (Ытык Күөл)
3м – Милана Афанасьева (Баайаҕа)
Сүрүн турнир – эр дьон
1 м – Денис Назаров (Дьокуускай)
2 м – Николай Капитонов (Чурапчы)
3 м – Дмитрий Егоров (Дьокуускай)
4 м – Николай Данилов (Чурапчы, Хатылы)
5 м – Айтал Местников (Дьокуускай)
6 м – Нариман Мустафин (Дьокуускай)
Сүрүн турнир – дьахталлар
1 м – Виринея Кутукова (Дьокуускай)
2 м – Ньургуяна Баишева (Дьокуускай)
3 м – Мария Охлопкова (Дьокуускай)
Эр дьон 70 саастарыттан үөһэ
1 м – Александр Жу (Дьокуускай)
2 м – Василий Федоров (Чурапчы)
3 м – Семен Потапов (Баайаҕа)
Дьахталлар 70 саастарыттан үөһэ
1 м – Наталья Трифонова (Дьокуускай)
2 м – Светлана Захарова (Дьокуускай)
3 м – Александра Жегусова (Чөркөөх)
70 саастарыгар дылы үрдүк көрдөрүүлээх анал бириис (эр дьон)
Владимир Таппыров (Дьокуускай)
70 саастарыгар дылы үрдүк көрдөрүүлээх анал бириис (дьахталлар)
Мария Ноева (Дьокуускай)
Үрдүк көрдөрүүлээх Чөркөөх олохтооҕо
Дмитрий Максимов
Александра Саввина
Үрдүк көрдөрүүлээх Чөркөөх олохтооҕо оҕо
Миша Собакин
“Саахымат оонньуутугар бэриниилээх” анал бириис
Александра Жегусова (Чөркөөх)
Амур Таппыров (Чөркөөх)
Кыайыылаахтар прожектор уотунан Судаарыстыбаннас түмэлигэр анал мэтээлинэн, грамотанан наҕараадаланнылар, харчынан бириистэри туттулар. Маны таһынан, муҥутуур кыайыылаах Денис Назаров анал кубогынан наҕараадаланна. Н.Т.Слепцов анал бириистэрин Александр Жуга (Дьокуускай) (20000 ск) уонна Наталья Трифоноваҕа (Дьокуускай) (10000 ск) туттаран үөрүүлэрин икки төгүл үрдэттэ.
Олохтоох дьаһалта турнир кыттылаахтарыгар остуол тардан, бырааһынньыктааҕы аһынан күндүлээн ыраахтан айаннаан кэлбит, хараҥаҕа харбаһа хаалбыт саахыматчыттар тэрийээччилэргэ, үбүлээргэ махталлара муҥура суох. Тэрийээччилэр турнирга кыттыбыт саахыматчыттарга, оскуола (дир. Е.В.Лебедев), Судаарыстыбаннас түмэл (дир. М.Г.Аржаков) коллективтарыгар көмөлөрүн иһин, Наум Трифоновичка Чөркөөххө саахымат сайдыытыгар тус кылаатын киллэрэрин иһин махтаналлар.
Наум Трифонович саахыматы сөбүлүүр дьарык оҥостон үйэтин тухары аргыс гынна. Ол курдук кини, 2010 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы 65 сылыгар анаан, аан бастаан бэйэтэ спонсордаан, улахан саахымат турнирын тэрийэн ыыппыта. Онтон ыла кини сыл аайы Кыайыы сылын ахсаанынан дуоскалаах турнир ыытар үгэстэммитэ. Кэнники турнир “Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ” диэн ааттаммыта. Ити үтүө үгэс үөһэттэн өйөбүл ылан, турнир сыл аайы Дьокуускайга ыытыллар. Турнир өссө биир уратытынан “Кыайыы турнира” буоларынан кыайтарбыт суох, кыттыбыт барыта бириис ылар. Бу курдук үйэ саастаах үтүөнү саҕар, үөрүүнү үксэтэр, саҥаны саҕалыыр, холобур буолар биир дойдулаахпытыгар Наум Трифонович Слепцовка истиҥник махтанабыт, Эйиигинэн киэн туттабыт уонна этэҥҥэ сылдьаргар, сыалларгын ситэһэргэр, былааннарын туолалларыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.
Римма Таппырова.