Бырааһынньыгы көрсө “Коллекция – норуоту сомоҕолуур сүдү күүс” коллекционердар быыстапкалара ыытылынна

Ураты ыалдьытынан ыаллыы сытар Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгиттэн Елена Пантелеймоновна Аммосова араас норуоттар атах таҥастарын коллекциятын ыыппыта буолла. Манна хурустаал түүппүлэттэн саҕалаан сарыы башмакка, хатыҥ туоһуттан бачыыҥкаҕа тиийэ араас размердаах атах таҥастара дьону сөхтөрдүлэр.


Быыстапкаҕа биһиги нэһилиэкпит бастыҥ коллекционердара үгүс сыл устата муспут коллекцияларын көрдөрдүлэр.

Үлүһүйэн туран таптыыр дьыаланан дарыктаныы киһи олоҕун киэргэтэр, дуоһуйууну, олоххо интэриэһи улаатыннарар диэн ыстаастаах коллекционер Мария Егоровна Бондарева үллэстэр. Кини 8 сыллааҕыта араас дойдулартан чаанньыктары мунньан саҕалаабыт. “Хас биирдии чаанньык бэйэтэ баай историялаах, холобур бу чаанньыгы Иннокентий Тарбахов бэлэхтээбитэ”,- диэн кэпсиир.

Иван Иванович Табунанов “Зенит”, “Смена” фотоаппараттары мунньар. Эдэр эрдэҕиттэн хаартысканан үлүһүйбүтүн кэпсиир. Улахан ыйааһыннаах зенит фотоаппарат 30 м. тэйиччиттэн чугаһатар кыаҕын астына кэпсиир. Эдэр эрчимнээх кэмнэригэр кыргыттары уоран хаартыскаҕа түһэрэн баран бэйэлэригэр бэлэхтээтэҕинэ кыргыттар соһуйалларын ахтар.

Бу курдук Сарыал сынньалаҥ киинэ олус интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытан дьон махталын ылла.

Пресс киин.

Читайте дальше