Бириэмэ төһө да устан аастар Аҕа саастаах ытык дьоммут эдэр саастарын саныы, оҕолуу күлэн-үөрэн, оонньоон, урукку кэмҥэ саатар кыратык өҥөйөн ылаллара туохтааҕар да күндү, хатыламмат кэм буолар. Аҕам саастаахтар декадаларыгар анаан алтынньы 3-6 күннэригэр «Сарыал» КК үлэһиттэрэ бэрт үчүгэй тэрээһин ыыттылар. Деката чэрчитинэн аан бастаан босхо баттах кырыйыы акцията ыытылынна. Манна баттах кырыйар маастар кыргыттар, үтүө санааларыттан күн устата эйэҕэс эбэлэри, эһэлэри дьоро күннэринэн эҕэрдэлээн туран, араас бүрүчүөскэлэри кырыйан үөртүлэр. Маны таһынан Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ уонна СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев үбүлүөйдээх сезонугар, аҕам саастаахтары кытары истиҥ иһирэх көрсүһүү буолла. Афанасий Афанасьев ытык кырдьаҕастары эдэр саастарын саната, үҥкүү-битии, ураты эйгэтигэр киллэрэн, бэйэтин алыптаах ырыатын толорон, хас биирдии ыалдьыты сэргэхситэн, долгутан барда. Алтынньы бэһис күнүгэр айар-тутар, аҕа саастаах дьоммут оҥоһуктарынан, кэрэхсэбиллээх коллекционердар быыстапкалара олус интириэһинэй көрүүлээх ыытылынна. Түмүккэ күндү дьоммутугар анаан «Көрсүһэр үтүө түгэҥҥэ» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолла. Аҕа саастаах ытык кырдьаҕастарбытыгар мааны остуол тардыллан, эҕэрдэ тыл иһиллэн бэрт үчүгэйдик, өрө көтөҕүүлээхтик ааста. Бу курдук аҕа саастаахтарбытыгар үтүө санааны, көмөнү, өйөбүлү, харыстабылы куруук үксэтэ туруоҕуҥ, кинилэр үйэ тухары дьоллоох олохтоох буолалларын туһугар, болҕомто ууран сылаас истиҥ сыһыаны, тапталы хайаатар да олохтуоххайыҥ! Кинилэр баар буоланнар, биһиги сүбэ-ама ылан, олохпут суолугар бигэ эрэллээх буолабыт.