Иван Васильевич Попов Чөркөөххө чочуобуна таһыгар дьиэҕэ төрөөбүтэ. Сүрдээх сэмэй, үчүгэй оҕо эбит. Эһэтэ Димитриан Иваны уруһуйдуурга, икона суруйарга үөрэппит.

Бэйэтэ баҕарбатын үрдүнэн эһэтэ духуобунай семинарияҕа ыыппыт. Онно соруйан учууталларын карикатуралаан, иккини ылар эбит, устунан уһуллар. Аккыырай Димитриаҥҥа сурук суруйар. Ол кэнниттэн уруһуйдарын атыылаан, онон харчыланан үөрэххэ киирэр. Хартыыналара омук сиринэн атыыланар.

Умнуллубат үтүө кэмнэр

Аҕам эдэр эрдэҕиттэн мин өйдүүрбүнэн кыра бытыктаах, үрдүк уҥуохтааҕа. Аҕалаах ийэм бэйэлэрин икки ардыларыгар олус үчүгэй сыһыаннаахтара. Киэһэ аһылык кэнниттэн сибэккилии бараллара. Саалаҕа чэйдиир сиргэ аҕалан вазаҕа уураллара. Онно сибэкки куруук быстыбакка турара. Ол саалабытыгар мольберта баара. Аҕам ийэбититтэн 30 сыл аҕа, олус эйэлээхтэрэ.

Мин өйбөр 1943 с. «Хохочойу», «Автопортретын» уруһуйдуу турара хаалбыт. Ампаарбыт умуһаҕар дьон бары ас уурдарара. Аны балаҕан кэннигэр оҕуруот бөҕө олордорбут. Оччолорго ким да олордубат этэ. Оҕуруот аһын хостуурбутугар ыаллыы эмээхситтэрбит кэлэллэрэ¸ Төкүүкэ эмээхсин эҥин. «Дьэ, Иван Васильевич, хортуоппуйбут үүннэ» диэн бары олордон барбыттара. Аҕам сымыыт саҕа, элбэх харахтаах хортуоппуйу сиэмэҕэ талларара. Саас эрдэ араскылыырыгар муох тэлгэтэрэ, араскытын уһаппат этэ. Оҕуруотугар аҕам сарсыарда олох эрдэ туран барытыгар уу кутара. Аллараа чүөмпэлээх этибит. Эһэм аах 1925 с. уу кэлэригэр бэйэлэрэ хаһан оҥорбуттар этэ.

Истиҥ эйгэлээх дьиэ кэргэн

Араас мунньахха П.А. Ойуунускай кэлэригэр ийэбит ас астыыра. Былатыан Ойуунускай куруук сылдьар этэ. Кокшарскайдар, Михаил Степанович, Мария Ивановна Дуглас быраастар кэлэллэрэ. Кинилэр аҕам ырааҕынан аймахтара этилэр. Үс бырааттыылар мусталлара, куораттан Пантелеймон уонна Иннокентий буолан. Аҕам уолаттары, миигин ийэм дьаһайара. Биһигини математикаҕа, черчениеҕа, саха, нуучча тылыгар, уруһуйга үөрэтэрэ. Коля математикаҕа олус дьоҕурдааҕа. Илиитинэн түргэн баҕайытык суоттуура, оҕолорго кытта. Слава, Коля үөрэхтэригэр олох үчүгэй этилэр. Аҕам миигин ахсааҥҥа үчүгэй эбиккин диирэ. Биирдэ эмэ ыҥыран ылан аргыыйдык: «Тоҕо ийэҥ тылын истибэккин», — диэн сүрдээх үчүгэйдик көрөн олорон ыйытара уонна төбөбүттэн сыллаан ылара.

Олох оскуолатыгар уһуйуллубуппут

Киэһэ утуйарбытыгар үлэ кэнниттэн кыраһыын лаампа уматан, улахан төбөлөөх хара мас ороҥҥо бары сытарбыт уонна Крылов, Пушкин остуоруйаларын уонна араас кэпсээннэри, түбэлтэлэри 12 чааска диэри аҕам ааҕара, кэпсиирэ. Кинигэ бөҕө баара. Петербургтан аҕалбыт эмп, худуоһунньуктар тустарынан, онтон да атын үчүгэй кинигэлэрдээх этибит. Балаҕан остуолбатыгар төбөтүгэр «шишкалаах» инструмент иилиллэн турара, оннук Лэкээлэргэ эмиэ баара. Ону тарбахпытынан тыаһатан музыка таһаарарбыт.

Биллибэт чахчылар

Биирдэ худуоһунньук Носов кэлэ сылдьыбытын өйдүүбүн. Киниэхэ аҕам саха биһилэҕэ, көмүс оҥоһук уруһуйдаах эскизтэрдээх свертогын биэрбитэ. Кокшарскайдарга элбэх үлэтин бэлэхтээбитэ. Сэһэн Болоҕо биир массыына малы биэрбитэ. 1922 сыллаахха мастарыскыайын бандьыыттар уоттаан, хартыыналара, иконата уокка былдьаммыта. Черноградская диэн Дьокуускайдааҕы култуура хотунугар 10 этнографическай альбому биэрбитэ. Суорун Омоллоон элбэх малы тиэйэн барбыта. Маны барытын биир сиргэ хомуйбут киһи баар ини.

Аҕам төрөөбүтэ 100 сылыгар балаҕаммыт күүлэтин көтүрэн оҥоро сылдьыбыттара. Таас пленкалар бааллара. Биири ылан көрбүтүм уоспалаабыт киһини түһэрбит этэ. Биһиги хаартыскаҕа түспүппүт баар, Колялыын миигин кууспут этэ.

Соҕурууттан быраастар кэлэн, куруук биһиэхэ түһэллэрэ. Виктор Николаевич Васильев сылдьара, өллөхпүнэ саахымат ойуулаах остуолу үстэ тоҥсуйуом диэбитэ үһү. Кырдьык оннук гыммыт. Аҕам Виктор Васильев хаартыскатын ыйыыр этэ.

Сүрэхтэн сүппэт үтүө тыллар

Дьиэбит иһигэр олох сахалыы эрэ саҥарар этибит. Аҕабыт «Сахаҕыт тылын олох быраҕымаҥ» диир буолара. Онтон идэни утумнааһын өттүнэн «Ваням туйахпын хатарыа» диирэ. Өссө маннык эппитин өйдүүбүн: «Сэрии бүттэ, оҕолорум сэрииттэн кэлиэхтэрэ. Ол гынан баран, үөрэҕэ суох хаалыахтара».

Бу балаҕаныгар 1945 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр диэри олорбута. Аҕам өлбүтүн кэннэ ийэм сууйан, таҥыннаран сытар сирин ыйан биэрбитэ. Тааттатын көрө сытар. Умуһаҕын Дмитрий Эльберяков хаспыта. Аҕам билэр киһитэ, кинини таҥара курдук көрөр этибит.

Елена Ивановна ПЕТРОВА, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ.

Ахтыыны ылла И.Я. Жерготова, Чөркөөх музейын сотруднига.

Бэс ыйын 10 күнэ, 2005 сыл. Ытык Күөл

Читайте дальше