Олунньу 14 күнүгэр Чөркөөх музейыгар 1968 сыллаахха «Манчаары оонньууларын» маҥнайгы спартакиадатын, 1985 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт ССРС көҥүл тустууга 41-с Чемпионатын үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыт, Саха сиригэр физическэй культура уонна спорт сайдыытыгар уһулуччу үтүөлээх РФ уонна СӨ физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Афанасий Егорович Алексеев ыалдьыттаата.
Холобур туттар киһибит Афанасий Алексеев аҕыйах хонугунан 90 сааһын туолаары сылдьар Ытык-мааны ыалдьыппыт — Таатталар дьоһун күтүөппүт 2025 сылга Тааттаҕа ыытыллар ХХII «Манчаары оонньууларын» көрсө улуус дьонугар-сэргэтигэр: «Нэһилиэнньэ 80-90% -на чөл олохтоох, спордунан дьарыктаныҥ. Спорду доҕор оҥостуҥ!» — диэн ыҥырыы таһаарда.
Ытык киһибит ыллыктаах үтүө тылын ылынан, Дьиэ кэргэнинэн спорду доҕор оҥостуоҕуҥ!
И.Я.Жерготова Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейын испэсэлииһэ.
Сэргээн иһит. Аудиоматырыйаал.
Изабелла Яковлена Жерготова саха национальнай дьоруойун аатынан маҥнайгы спартакиаданы тэрийсибит, төрүт спорт көрүҥнэрин төрүттэспит Афанасий Егорович Алексеевтыын кэпсэтиитин ситиһиилэрин сэргээн истиҥ, тумус туттар Ытык киһибит спортка ситиһиилэрин кытары билсиһиҥ.
Аудиоматырыйаалы С.В. Аввакумова уһулуута, аудиоматырыйаалы бэлэмнээтэ И.Я.Жерготова.