Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан Саха сирин бортпроводниктарын сулууспата 80 сылын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн авиация үлэһиттэрин сөмөлүөт буортугар эҕэрдэлээтэ. Талбыт идэлэригэр, үлэлэригэр бэриниилээхтэрин иһин махтанна. Саха сиригэр 1944 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр Красноярск — Уэлькаль көтөр ааллары аҕалар тыраасса салайааччытын бирикээһинэн бортпроводниктар баар буолбуттара. 1947 сылга Дьокуускайтан Москваҕа, Алма-Атыга, Ташкеҥҥа, Новосибирскайга, Красноярскайга, Иркутскайга диэри рейстэр арыллыбыттара, онон стюардессалар ахсааннара элбээбитэ. Бастакы бортпроводниктар бөлөхтөрө 1957 сылтан баар.
Ыам ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Москваҕа Кремль Улахан дыбарыаһын Андреевскай саалатыгар ыытыллыбыт Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин солотугар саҥа болдьоххо киириитин үөрүүлээх сиэригэр-туомугар кытынна. «Владимир Владимирович – күүстээх, мындыр биһиги лиидэрбит, кини салалтатынан Арассыыйа аан дойду биир күүстээх державатын быһыытынан сайдыы суолун бигэтик тутуһуоҕа, биир сомоҕо норуот туох баар ыарахаттары кыайыаҕа», — диэн Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ.
Ыам ыйын 8 күнэ. Ил Дархан «Бэс Чагда» санаторий реабилитационнай киинигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ, доруобуйаларын уонна өрөспүүбүлүкэ өттүттэн эбии туох көмө оҥоһуллуон сөбүн туоһуласта. Байыастар Саха сирин Биир кэлим координационнай киинигэр эмтэнэр буойуттары таһарга аналлаах биир пандустаах оптуобус баарыгар эбии иккис наадатын бэлиэтээтилэр.
Бу күн Ил Дархан Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын кытта көрүстэ, Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээтэ, махтанна уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Көрсүһүүгэ 102 саастаах бэтэрээн Степан Платонович Дроздов кэлэн кыттыбытын бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Москваҕа Белорусскай вокзалга «Күүс Кырдьыкка» аахсыйа чэрчитинэн музей-поеһы көрсүү тэрээһинигэр кытынна. Ил Дархан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү тэрийии иһин дойду Оборуонатын министиэристибэтин «Көмө уонна амарах санаа иһин» мэтээлинэн уонна Оборуона миниистирин махтал суругунан бэлиэтэннэ. Биэдэмэстибэ наҕараадаларын миниистири солбуйааччы — Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин кылабыынай байыаннай-бэлитиичэскэй управлениетын начаалынньыга, генерал-полковник Виктор Горемыкин туттарда. Айсен Николаев дойду биир сомоҕо уонна улуу норуота бииргэ бары ыарахаттары туораан кыайыахпыт диэн бэйэтин этиитигэр бэлиэтээтэ.
Ыам ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээтэ. Биһиги дойдубутугар сэрии иэдээнэ ыалы барытын таарыйбытын, Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһ. киһи барбытын, олортон үгүстэрэ кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубуттарын, Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕо тыылга Кыайыыны уһансыбыттарын санатта. Билигин биһиги дойдубут көҥүлү уонна кырдьыгы туруулаһарга күһэллэн, Кыайыыны аҕалбыт көлүөнэ сыдьааннара Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэстэрин толороллор, кинилэринэн киэн туттабыт диэн бэлиэтээтэ. Саха сиригэр сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар өйөбүл дьаһаллара тупсарылаллар. Улуу Кыайыы күнүнэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, «Ленинград блокадатын олохтооҕо» бэлиэлээх дьоҥҥо, Аҕа дойду Улуу сэриитин өлбүт инбэлииттэрин уонна кыттыылаахтарын огдооболоругар, концлааҕырдарга, геттоларга хаайыллыбыт сокуоннай саастарын ситэ илик оччотооҕу оҕолорго, тыыл бэтэрээннэригэр социальнай төлөбүр оҥоһуллан саҕаланна. 2024 сылтан Аҕа дойду Улуу сэриитин оҕолоругар Кыайыы күнүгэр анаан сыл ахсын харчынан төлөбүрү 12 тыһ. тахса киһи ылыаҕа, эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 49 мөл. тахса солкуобай көрүллүннэ. 2025 сылга бу төлөбүр биллэ улаатыаҕа.
Ыам ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Россия Дьоруойдара, майордар Николай Соболевы уонна Игорь Юргины үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээһиҥҥэ кинилэргэ 1,5 мөл. солк. суумалаах сертификаттары туттарда. Игорь уонна Николай Саха сиригэр — Алдан оройуонун Аллараа Кураанаҕар уонна Дьокуускай куоракка улааппыттарын бэлиэтээтэ. Кинилэр хорсун быһыыларынан дойду уонна өрөспүүбүлүкэлэрин историятыгар ааттарын киллэрдилэр, Саха сирэ эһигинэн киэн туттар диэн Айсен Николаев эттэ.
Ыам ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа уонна умуллубат уокка Аҕа дойду улуу сэриитигэр фроҥҥа уонна тыылга олохторун толук уурбут дьон кэриэһигэр Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан сибэкки дьөрбөтүн уурда. Тэрээһин чуумпуруу мүнүүтэтиттэн саҕаланна. Байыаннай-патриотическай параад иннинэ ыытыллыбт миитиҥҥэ Айсен Николаев тыл этэригэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Улуу Кыайыыга дьоһун кылааты киллэрбиттэрин уонна билигин аҕа көлүөнэни утумнаан дойду интириэһин көмүскээһиҥҥэ анал байыаннай дьайыыга Саха сирин байыастара хорсун быһыыны көрдөрөллөрүн, биир сомоҕо буолан кыайыахпыт диэн бэлиэтээтэ.
Ыам ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Михаил Мишустины Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар бигэргэммитинэн эҕэрдэлээтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл ыам ыйын 10 күнүгэр Михаил Мишустины Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн аныыр туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Айсен Николаев Михаил Мишустин Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит сылларыгар тэрээһиннээх үлэни ыыппытын, эрэгийиэннэр сайдыыларыгар улахан болҕомтотун уурбутун бэлиэтээтэ, киниэхэ Саха сирин куруук өйүүрүн иһин махтанна, эппиэттээх үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.
Ыам ыйын 12 күнэ. Ил Дархан саха тустуутун оскуолатын иитиллээччилэрэ Виктор Рассадин (74 кг) уонна Айаал Лазарев (125 кг) Стамбулга көҥүл тустууга квалификационнай турнирга финалга тахсан, итиэннэ Сардаана Трофимова чэпчэки атлетикаҕа марафоҥҥа быйыл Париж куоракка ыытыллар Олимпийскай оонньууларга кыттар путевканы ылбыттарынан эҕэрдэлээтэ, Саха сирэ кинилэринэн киэн туттарын бэлиэтээтэ уонна ситиһиилэри баҕарда.
Ыам ыйын 12 күнэ. Ил Дархан «Россия 24» ханаалга «Айсен Николаевтыын бииргэ» биэриигэ кытынна. Кини дойду Бэрэсидьиэнин инаугурациятын, Улуу Кыайыы күнүн, кыстык кэнниттэн улахан хомунуу үлэлэрин туһунан кэпсээтэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эбэлэрбит муустан ыраастанар кэмнэригэр сэрэхтээх буолан, тэрээһиннээхтик дьаһанан, халаан уутун этэҥҥэ аһарыахха.
Афанасий Ноев.