Тохсунньу 29 күнэ. Ил Дархан СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин уонна дьаһалтатын салалтатын кытта былаанныыр мунньах ыытта.
Манна өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын күннээҕи ыйытыыларын уонна федеральнай, итиэннэ эрэгийиэн бырагыраамаларын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин элбэх оҕолоох ыаллар статустарын туһунан уонна кинилэри өйөөһүҥҥэ туһуламмыт ыйааҕын үлэҕэ учуоттуурга соруйда.
«Эрэгийиэннэр иннилэригэр элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ кэккэ миэрэлэри киллэрэргэ сорук туруордулар. Маны таһынан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр категорияларын кэҥэтэр быраап бэрилиннэ. Онон түргэнник маныаха сөптөөх быһаарыныылары ылыныахха наада», – диэн дьаһайда Айсен Николаев.
Тохсунньу 29 күнэ. Ил Дархан «Колмар» хампааньыйа 2023 сыллааҕы үлэтин түмүктэрин уонна 2024 сыллааҕы былааннарын көрүүгэ мунньах ыытта.
«Колмар» – өрөспүүбүлүкэҕэ тэтимнээхтик сайдар бөдөҥ тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ. Хампааньыйа дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан киллэриллибит «Соҕурууҥҥу Саха сирэ» түргэнник сайдыы сирин тутаах резиденинэн буолар. Сыл түмүгүнэн тэрилтэ 11,5 мөлүйүөн туонна чоҕу хостоото. «Колмар» үлэтин түмүгэр Нерюнгри оройуонун бүттүүнүн олоҕо сэргэхсийдэ», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Хампааньыйа тэрилтэлэрин бөлөҕө 2023 сылга 470 үлэ саҥа миэстэтин таһаарда. Оттон быйылгы дьылга эбии 599 үлэ миэстэтин арыйарга былаанныыр.
Өрөспүүбүлүкэ «Олохтоох каадырдары – бырамыысалыннаска» бырагырааматынан тэрилтэ 2023 сылга 944 киһини үлэҕэ ылбыт, ол иһигэр тыа сириттэн 312 киһини.
Тохсунньу 30 күнэ. Ил Дархан Чурапчы улууһугар үлэтинэн сырыытыгар Мындаҕаайы бөһүөлэгэр саҥа оскуоланы уонна Чурапчы сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы дьиэ кэргэн элбэх функциялаах киинин үөрүүлээхтик арыйыыга кытынна.
Мындаҕаайы кыһатын Бэрэсидьиэн сорудаҕынан олоххо киллэриллэр «Тыа сирин комплекснайдык сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн туттулар.
Икки этээстээх саҥа таас оскуола 120 миэстэлээх, иэнэ – 2 530 кв. м. Манна оҕолор сайдалларыгар бары усулуобуйа тэриллибит.
«Саҥа оскуола уонна билиҥҥи оборудованиенан хааччыллыы – үөрэх бырасыаһын өссө интэриэһинэй оҥоруоҕа диэн эрэнэбин. Бу үөрэнээччилэргэ саҥа үрдэллэри дабайарга уонна нэһилиэк сайдыытыгар төһүү буолуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, ааспыт сылга Саха сиригэр 6 саҥа оҕо саадын уонна 14 оскуоланы тутан киллэрбиттэрэ. Оттон быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 6 оҕо саадын уонна 18 оскуоланы дьэндэтэргэ былаанныыллар.
Айсен Николаев Чурапчы дьонун-сэргэтин улуустарыгар дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах элбэх функциялаах киин арыллыбытынан эҕэрдэлээтэ.
Ааспыт сылга Саха сирэ куонкуруһу ааһан, РФ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ олоххо киллэрэр пилотнай бырайыагар киирбитэ. Бу бырайыак – дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах элбэх фунциялааах киин. Ол аата ыаллары кытта үлэҕэ биир түннүк технологиятын киллэрии буолар. Бу түмүгэр ыаллар, онно-манна сүүрбэккэ, бары өйөбүлү биир сиртэн ылар кыахтаналлар, ол иһигэр юрист, психолог, социальнай педагог, социальнай үлэһит, медик көмөтүн.
«Тэрилтэ федеральнай киин, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна улуус салалтата бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр бэрт кылгас кэм иһигэр үлэҕэ киирдэ. Бу олус наадалаах бырайыагы салгыы сайыннарар туһунан кэпсэтии барар», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах элбэх фунциялааах киин кэллэктиибигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа массыына ыларга сертификат туттарда.
Ил Дархан олунньуга маннык киин Намҥа, оттон Оҕо көмүскэлин күнүгэр Дьокуускай куоракка арыллалларын туһунан иһитиннэрдэ.
Тохсунньу 31 күнэ. Ил Дархан Чурапчы сэлиэнньэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Степан Б. кэргэнин уонна оҕолорун кытта көрүстэ.
Степан ааспыт сыл алтынньы ыйыттан хантарааҕынан сулууспалыы сылдьар. Ити иннинэ кини доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр уонна баһаарынай сулууспаҕа үлэлээбит. Аҕаларын дьиэлэригэр биэс оҕо – үс кыыс, икки уол күүтэр.
«Кини дойдутун көмүскүү барыан олус баҕарбыта. Сэриилэһэ сылдьар кэмигэр, биһиэхэ кыһаллыахтара диэн бигэ эрэллээҕэ. Биһиги дьиэ кэргэн үп- харчы өттүнэн көмөнү, эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай төлөбүрдэри барытын ылбыппыт. Олох — дьаһах уонна да атын боппуруостары быһаарыыга волонтердар, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ, социальнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ көмөлөһөллөр. Кэргэммин кытта төлөпүөннэһэбит, сороҕор видеосибээс нөҥүө кэпсэтэбит. Кинини кытта бииргэ саха дьоно сулууспалыыллар. Барыта үчүгэй буолуо диэн эрэнэбин. Мин билиҥҥитэ оҕолору кытта олоробун эрээри, саас үлэлии тахсарга суоттанабын. Бэйэ дизайнынан миэбэл оҥоруутунан дьарыктаныам», — диэн кэпсээтэ буойун кэргэнэ.
Айсен Николаев хас биирдии сырыытын чэрчитинэн байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһэр. Бу анал байыаннай дьайыыга кыттааччылары уонна кинилэр дьоннорун өйөөһүҥҥэ ирдэнэр түргэн быһаарыныылары ылынарга кыаҕы биэрэр.
Тохсунньу 31 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ бэрээдэги хааччыйыыга Координационнай сүбэ мунньаҕы ыытта. Манна быыбардыыр учаастактарга уопсастыбаннай куттал суох буолуутун таһымын үрдэтии уонна быыбар хамыыһыйаларын чилиэннэрин көмүскээһини күүһүрдүү боппуруостарын көрдүлэр.
«Кулун тутар 15-17 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ дойду Бэрэсидьиэнин быыбара – бүтүн Арассыыйа олоҕор, бэлиитикэтигэр сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолуоҕа. Федеральнай былаас уонна өрөспүүбүлүкэ толорооччу былааһын уорганнара ааспыт быыбардарга куттал суох буолуутун хааччыйыыга уопуту учуоттаан туран, манна туһуламмыт бары миэрэлэри ылыныахтаахтар. Гражданнар быыбардыыр конституционнай бырааптарын олоххо киллэрэллэригэр куттала суох усулуобуйа тэриллиэхтээх», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан Саха сиригэр РФ Бэрэсидьиэнин быыбарын бэлэмнээһин уонна ыытыы кэмигэр уопсастыбаннай куттал суох буолуутун толору хааччыйар туһугар биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы эбии дьаһаллар комплекстарын олоххо киллэрэр соругу туруорда.
Олунньу 1 күнэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр тулаайах оҕолорго 8 саҥа кыбартыыра күлүүстэрин туттардылар. Тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна РФ генеральнай борокуруорун солбуйааччыта Дмитрий Демешин кытыннылар.
РФ Бэрэсидьиэнэ тулаайах оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыы боппуруоһун кытаанах хонтуруолга тутар. Саха сиригэр бу хайысхаҕа былааннаах үлэ ыытыллар, тулаайах оҕолор дьиэни-уоту эбэтэр дьиэ сертификатын ылар бырааптарын толоруу куруутун бэрэбиэркэлэнэр.
«Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ылыммыт быһаарыныыларын түмүгэр дьону саахалланар кутталлаах, хаарбах пуондаттан көһөрүүгэ уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга сүҥкэн хардыылары оҥордубут. Бу үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ салгыы ыытыллыаҕа», – диэтэ Айсен Николаев.
«Саха сиригэр тулаайах оҕолору толору хааччыллыылаах, олорорго табыгастаах кыбартыыраларынан хааччыйыы бырагыраамата үчүгэйдик үлэлиир. Урутаан иһэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга уонна бырабыыталыстыбата федеральнай уонна эрэгийиэн үбэ-харчыты хас биирдии оҕоҕо тиийэригэр элбэҕи оҥорбуттар», – диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Демешин.
Олунньу 1 күнэ. Ил Дархан уонна РФ генеральнай борокуруорун солбуйааччыта Дмитрий Демешин Дьокуускай куорат Хатас бөһүөлэгэр П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарын сүгэр орто оскуолаҕа сырыттылар.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут оскуоланы үөрүүлээхтик аһыы ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар буолбута. Оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов Дмитрий Демешиҥҥа уонна Айсен Николаевка кыһа дьиэтин-уотун, үөрэнэр кэбиниэттэрин көрдөрдө.
РФ генеральнай борокуруорун солбуйааччыта оскуолаҕа ыытыллыбыт үлэни үрдүктүк сыаналаата уонна маннык оскуолалар – өрөспүүбүлүкэ уонна бүтүн Уһук Илин киэн туттуута буолалларын бэлиэтээтэ.
Хатас орто оскуолатыгар бүгүн 1063 оҕо үөрэнэр. Кинилэргэ анаан үс мэндиэмэннээх, биэс тыһыынча кыбадыраатынай миэтэрэ иэннээх аныгы үөрэх тэрилтэтэ тутулунна. Кыһа бастакы этэээһигэр П.П. Федорова аатынан агро — инжиниринговай киин баар. Манна техническэй мастарыскыай, агротехнологияны, бырайыактааһыны, массыынаны уонна тыраахтыры үөрэтэр кэбиниэттэр, сыыппара технологиятын лабораторията уо. д. а. баар.
Олунньу 1 күнэ. Айсен Николаев РФ генеральнай борокуруорун солбуйааччытыгар Дмитрий Демешиҥҥа Өлүөнэ эбэ нөҥүө тутуллар муоста бырайыагын билиһиннэрдэ.
Дмитрий Демешин муоста Саха сирин уонна барыллаан Уһук Илин, дойду экэниэмикэлэрин күүскэ сайдыыларыгар улахан төһүү буолуоҕа диэтэ. Ол курдук, муоста үлэҕэ киирдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ тырааныспар өттүнэн сырыыта 22 бырыһыантан 87 бырыһыаҥҥа диэри улаатыаҕа.
Салайааччылар тутуу сүрүн ыйытыыларын, үлэни ыытыы былаанын толоруу туһунан кэпсэттилэр. Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар үлэ хаамыытын, хаачыстыбатын, болдьохторун тутуһууну, бүддьүөт үбүн анаммыт сыалга туһаныыны кэтээн көрөргө сорудах бэрилиннэ.
Олунньу 2 күнэ. РФ генеральнай борокуруорун солбуйааччыта Дмитрий Демешин СӨ борокуратууратын кэллиэгийэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта.
Дмитрий Викторович өрөспүүбүлүкэҕэ РФ Бэрэсидьиэнин сорудаҕа толоруллубутун бэлиэтээтэ. Ол курдук, борокуратуура уонна былаас уорганнарын бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр Саха сиригэр өлүүлэһэн тутуу эбийиэктэрин уустук ыйытыылара толору быһаарыннылар. Бу сыллар усталарыгар 1766 киһи бырааба туолара ситиһилиннэ.
«Уһук Илин эрэгийиэннэрин дьон олороругар, үлэлииригэр, үөрэнэригэр табыгастаах оҥоруу – биһиги уопсай сүрүн сорукпут. Бу соругу дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин туруорбута. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уопсастыбаннай уонна социальнай боппуруостары быһаарыыга туруоруллубут соруктары ситиһиилээхтик толорор», — диэтэ Дмитрий Демешин.
Айсен Николаев борокуратуура үлэһиттэригэр бу уустук кэмҥэ судаарыстыба уонна дьон-сэргэ туһугар бииргэ үлэлэһиилэрин иһин махталын биллэрдэ.
Айсен Николаев Саха сиригэр сокуону кэһии профилактикатыгар туһуламмыт координационнай уорганнар үлэлэрэ салгыы ыытыллыаҕа диэн бэлиэтээтэ.
«Миграционнай сокуону тутуһууга ураты болҕомто ууруллуохтаах. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ өссө Оҕо сылынан биллэрилиннэ. Манан ситимнээн оҕолоох дьиэ кэргэттэр бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, оҕолору утары оҥоһуллар сокуону кэһиини, саастарын ситэ илик оҕолор ортолоругар буруйу оҥорууну сэрэтиигэ борокуратуура уонна былаас уорганнарын бииргэ үлэлэһиилэрин күүһүрдүөххэ наада дии саныыбын», – диэтэ Айсен Николаев.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ дойду Бэрэсидьиэнин быыбарын уонна «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы ахсыс спортивнай оонньуулары ыытыыга ураты болҕомто ууруллуоҕа.
Олунньу 2 күнэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеосибээһинэн Дьокуускайга онкологическай киини арыйда. Эбийиэк судаарыстыба баһылыгын сорудаҕынан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киллэриллэр «Онкологическай ыарыылары утары охсуһуу» федеральнай бырайыагынан тутулунна.
«Бүгүн Арассыыйа үс эрэгийиэнигэр – Томскайга, Уфаҕа уонна Дьокуускайга онкологическай ыарыылары эмтиир саҥа, аныгы медицинскэй тэрилтэлэр аһыллаллар. Бу биһиги гражданнарбыт доруобуйаларын харыстааһыҥҥа көмө көдьүүһүн үрдэтиигэ өссө биир хардыы. Бу комплекстары тэрийиигэ, хааччыйыыга кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махтаныахпын баҕарабын. Маннык үлэ Арассыыйа Федерациятын үгүс эрэгийиэннэригэр, дойду үрдүнэн кэриэтэ барар», — диэтэ Бэрэсидьиэн.
Владимир Путин онкологическай ыарыылары утары охсуһууга бүгүн сүрүн соругунан диагностика көдьүүһүн үрдэтии буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт Арассыыйа доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко бэлиэтээбитинэн, онкологияҕа 5 сыл иһигэр улахан ситиһиилэр бааллар. Ол курдук, искэҥ 60% эрдэтээҥҥи стадиятыгар булаллар.
Дьокуускайга маннык улахан онкологическай киин аһыллыбытын түмүгэр, дьон атын сиргэ айаннаабакка, үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү дойдуларыгар ылар буолуохтара. Олох уустук түгэннэргэ эрэ киин куораттарга ыытыллыахтара. Онуоха онкологическай кииҥҥэ техническэй кыах барыта баар: аныгы оборудование, үрдүк кылаастаах медицинскэй каадырдар.
Киин 25 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх, сменаҕа 210 сырыылаах поликлиникалаах, 180 сытар оронноох стационаардаах. Барыта түөрт блоктан турар. Манна хирургическай хайысхалаах стационарнай отделениялар, химотерапевтическай, диагностическай уонна сардаҥанан диагностикалыыр отделениелар киирэллэр. Эбийиэк барыта 8 операционнай саалалаах.
Онкологическай киин 1880 араас медицинскэй оборудованиялаах, ол иһигэр магнитнай — резонанснай уонна компьютернай томографтар, рентген — комплекстар, ангиографическай установка бааллар. Бу үрдүк технологиялаах оборудование онкология ыарыыларын саҥа үөскээһиннэригэр буларга уонна эмтииргэ кыах биэриэҕэ.
Айсен Николаев Саха сирин норуотун аатыттан Владимир Путиҥҥа онкологическай киини тутууну өйөөбүтүн иһин махталын биллэрдэ.
«Эбийиэги тутууга 9 млрд солкуобайы уктубут, итинтэн 7 млрд 600 мөлүйүөнэ – федеральнай бүддьүөттэн, 1 млрд 400 мөлүйүөнэ – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүлүннэ. Бүгүн биһиги үрдүк технологиялаах аныгы онкологическай кииннэннибит. Манна Саха сирин дьоно көдьүүстээх көмөнү ылыахтара. Онкологическай сулууспабыт саҥа кыахтанан өрөспүүбүлүкэбит бары олохтоохторо эрдэтээҥҥи диагностиканы ааһалларын уонна онкологическай ыарыылартан эмтэнэллэрин хааччыйыахпыт», – диэтэ Айсен Николаев.
Афанасий Ноев