Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

От ыйын 8 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Өрөспүүбүлүкэбитигэр хас биирдии бэһис дьиэ кэргэн – элбэх оҕолоох. Биһиги оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ – бастакы, дойдуга сэттис миэстэлээхпит, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит оҕо күн сирин көрбүтэ. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин биһиги демография бэлиитикэтигэр ситиһиилэрбитин тоһоҕолоон, Дьокуускайга кэлэ сылдьан: «Демографияҕа бары көрдөрүүгүт дойду үрдүнэн бастыҥ», – диэбитэ. Онон биһиги ол көрдөрүүлэрбитинэн киэн туттар бырааптаахпыт. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн уопсастыба саҥа нуорматынан, сыаннаһынан уонна сыалынан буолуохтаах. 2030 сыл чугаһыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадаҥы буолуу таһыма иккиттэн ордук төгүл намтыырын ситиһии биир сүрүн сорук буолар.  Дойдуга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн федеральнай статуһа аан бастаан олохтонно. Ийэ буолууну уонна уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ үбүлээһин кээмэйэ кэнники алта сылга эрэгийиэҥҥэ аҕыстан элбэх төгүл улаатан, 29,5 млрд солк. тэҥнэстэ. Ийэ хапытаала икки төгүл улаатыннарылынна. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр сир учаастагын оннугар 200 тыһ. солк. кээмэйдээх төлөбүр бэриллэрин туһунан сокуонунан 2 тыһ. тахса гражданин туһанна. Дьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрөөбүтүттэн тутулуга суох бэриллэр «Үйэ оҕолоро» хапытаал болдьоҕо биэс сылга уһатылынна. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 25 саастарыгар диэри аан бастаан ыал буолар эдэр дьоҥҥо 50 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр олохтонно»,– диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

 

 От ыйын 8 күнэ. Бу күн ХХ үйэ биир сүдү инфраструктурата — Байкал-Амур магистралын тутуу саҕаламмыта 50 сылын бэлиэтээтибит. Айсен Николаев БАМ 50 сыллаах үбүлүөйүнэн Амур уобалаһын Тында куоратыгар «БАМы тутааччылар» пааматынньык үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 10 м уһуннаах пааматынньыкка — БАМы тутааччылар, комсомолецтар мөссүөннэрэ үйэтитиллибит.

 Аҕа баһылыкпыт Байкал-Амур магистралын тутуута Саха сирин сайдыытыгар улахан суолталааҕын эттэ. «БАМ көмөтүнэн Саха сирин соҕуруу өттө сайдан, Нерюнгри куорат уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннар тутуллубуттара. Бүгүн биһиги БАМ сайдыытын кытта бырамыысаланнас бөдөҥ бырайыактара олоххо киириилэрин ситимниибит.  Саха сирэ уонна Арассыыйа салгыы күүскэ сайдалларыгар саҥа тимир суолары тутуу ирдэнэр», — диэтэ Айсен Николаев.

Салгыы Тында драматическай тыйаатырыгар БАМ тутуутун бэтэрээннэрин, тимир суол салаатын үлэһиттэрин чиэстээтилэр, кинилэргэ судаарыстыбаннай, биэдэмистибэннэй наҕараадалары туттардылар.

«Номоххо киирбит магистралы 2 мөл. кэриҥэ сэбиэскэй дьон бүттүүн үлэлээн туппуттара. Кинилэр быыстарыгар устуоруйаҕа ааттара киирбит Саха сирин олохтоохторо эмиэ баалларынан биһиги киэн туттабыт. Бүгүн кинилэр БАМ сүрэҕэр – эдэр саастарыгар үлэлээбит куораттарыгар кэллилэр. Баччааҥҥа диэри Байкал-Амур магистралын тутууга норуот көрдөрбүт сомоҕо күүһэ куоһарылла илик, үйэ тутуута билигин да биһиэхэ улуу дойду модун санаатын уонна өрө күүрүүтүн көрдөрөр суолдьут сулуспут буолар. Уһук Илин олохтоохторо биһиги сирбит-уоппут күүс-уох биэрэр, улуу Арассыыйа кыаҕын-күүһүн хаҥатыһар сир буоларын туһугар салгыы да бииргэ үлэлиэхпит! Кимтэн холобур ыларбыт баар! Махтал эһиэхэ, бастакы тутааччыларга!» – диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр бэлиэтээтэ.

 От ыйын 9 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаабын мунньаҕар судаарыстыбаннай хантараактар сүрүн усулуобуйаларыгар уларытыылары көрдө. Айсен Николаев социальнай эбийиэктэри тутуу былаанын бэрээдэктииргэ сорудахтаата. Доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин эбийиэктэрин тутууну саҕалыах иннинэ, каадырынан хааччыллыы, тырааныспар логистикатын уо.д.а боппуруостары учуоттуур тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Айсен Николаев судаарыстыбаннай хантараактары түһэрсэргэ бэдэрээччиттэри хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ, билиҥҥи «рефинансирование» кээмэйин учуоттаан туран, бэдэрээччиттэр кирэдьиит үбүгэр наадыйыыларын аччатар мэхэньииһимнэри көрөргө ыйда.

От ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманы уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ министиэристибэлэргэ, олохтоох салайыныы уорганнарыгар кэккэ соруктары туруорда. Ил Дархан болҕомтону эбийиэктэри анал оборудованиеларынан хааччыйыыга уурарга, ыйыллыбыт болдьоҕу тутуһарга эттэ. Быйыл Саха сиригэр барыта 13 национальнай бырайыак чэрчитинэн 45 эрэгийиэннээҕи бырайыак олоххо киирэр. Сыл 2 кыбаарталын түмүгүнэн 70 көрдөрүү ол эбэтэр 50%-на ситиһилиннэ. Ааспыт сыл бу кэмигэр 37,5% этэ.

От ыйын 10 күнэ. Ил Дархан – Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнарын — «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар чөмпүйүөннэрин уонна призердарын кытары көрүстэ, өрөспүүбүлүкэ чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрин махтанна, харчынан сертификаттары туттарда.

От ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев Бэрэсэдьиэн граннарын фондатын уонна Бэрэсэдьиэн култуураҕа көҕүлээһиннэри өйүүр фондатын, итиэннэ Ил Дархан  граннарын кыайыылаахтарын кытта көрүстэ. Саха сирэ федеральнай граннар куонкурустарыгар сайаапкалар ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ быйыл эмиэ инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ. Кэнники биэс сылга Бэрэсидьиэн граннарынан өрөспүүбүлүкэҕэ миллиард аҥарыттан элбэх солкуобайдаах үп киирдэ. Онтон Ил Дархан гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга граннарын куонкуруһугар хаһааҥҥытааҕар да элбэх — 474 көҕүлээһин киирбититтэн 77 бырайыак өйөммүт.

От ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев стратегическай суолталаах ыйаахтары толоруу хаамыытын боппуруостарын көрдө. Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйынааҕы «2030 сылга уонна 2036 сылга диэри РФ сайдыытыгар национальнай сыал-сорук туһунан» ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүн сыаллары ситиһэр суолталаах ыйаахтары олоххо киллэриигэ бырайыактар көрдөрүүлэрин сиһилии ырытыы тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Быйыл алтынньы 1 күнүгэр диэри бырайыактары бэлэмнээһин үлэтин түмүктүүргэ сорудахтаата. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр болҕомтону биэдэмистибэлэр бииргэ үлэлээһиннэригэр ууралларыгар эттэ. Бырайыактар үп-харчы өттүнэн хааччыйыы мэхэньиисимин тобуларга, улуустар салалталарын кытта үлэни тэрийэргэ сорудахтаата.

 От ыйын 10 күнэ. Ил Дархан «Ленскэй-Мииринэй» массыына суолун чөлүгэр түһэрии боппуруостарыгар мунньах ыытта. Бу 226 км-тан тахса усталаах трассаҕа «Мухтуйа» уонна «Анаабыр» эрэгийиэннээҕи суоллар, итиэннэ «Бүлүү» федеральной суоллар учаастактара баар. Айсен Николаев дойду тырааныспарын министиэристибэтигэр, Росавтодорга «Мухтуйа» суолун оҥоһуутугар бүддьүөттэн үпкэ сайаапка бэлэмнииргэ, хапытаалынай өрөмүөн бырайыактыыр-смета докумуонун оҥорорго сорудахтаата. Айсен Николаев суолу чөлүгэр түһэрэргэ былаас, бырамыысаланнас хампаанньалара, улуустар, суол тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлииргэ эттэ.

От ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыппыт видео сибээс көмөтүнэн мунньахха кытынна. Дойду үрдүнэн ойуур баһаардарын уонна халаан уутун ааһыытын балаһыанньатын көрдүлэр. Мунньахха иһитиннэрбиттэринэн, кэккэ эрэгийиэҥҥэ кураан, куйаас күн-дьыл турар, манан сиэттэрэн үрдүк кылаастаах баһаар куттала оннунан хаалар. Хоту ойуур баһаардара биир ыйтан эрдэ саҕаламмыттара. Ол курдук, ыам ыйын 31 күнүгэр турбут +30 кыраадыс өрөспүүбүлүкэҕэ бу иннинэ 1971 сыллаахха бэлиэтэммит. Ил Дархан Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына эрэгийиэннэргэ ойуур баһаарын умулларыыга эбии үбү көрөр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ. Бу туһунан мунньахха эмиэ таарыйдылар. Бу сыалга эрэгийиэннэргэ эбии үбүлээһин көрүллүөҕэ.

От ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев тырааныспар эйгэтигэр кэтээн көрөр федеральнай агентство салайааччыта Виктор Басаргины кытары көрүстэ.«Өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота олус киэҥ, онон тырааныспары кэтээн көрүү эйгэтигэр  боппуруоспут балачча элбэхр. Тырааныспар инфраструктуратыгар элбэх эбийиэктээх, саҥа эбийиэктэр тутуллар, суол үлэтэ күүскэ ыытыллар эрэгийиэммит. Эн биһиэхэ сырыыҥ тырааныспар эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин таһымын өссө үрдэтэригэр эрэнэбин, — диэтэ Айсен Николаев.

Виктор Басаргин Саха сиригэр кэлбэтэҕэ уонча сыл буолбутун, бу сыллар тухары эрэгийиэҥҥэ элбэх үтүө уларыйыы тахсыбытын, өрөспүүбүлүкэ киин куората тупсубутун бэлиэтээтэ. «Эрэгийиэҥҥэ тимир суолу тутуу боппуруостара сайдаллар. «Эльга» хампаанньа тимир суолу тутууга киллэриэхтээх бырайыага улахан кэскиллээх. Ол – өрөспүүбүлүкэҕэ уонна дойду тырааныспарын комплексыгар улахан инвестиция», — диэтэ Виктор Басаргин.

Айсен Николаев уонна  Виктор Басаргин көрсүһүү кэмигэр Булуҥ улууһугар дириҥ уулаах порт тутуллара былааннанар Арктика кытылыгар тырааныспар инфраструктарын сайыннарыы боппуруоһун көрдүлэр. Ону таһынан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  тырааныспар эйгэтигэр туруорбут соруктарын олоххо киллэриини, ол иһигэр «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагы, суолу тутууну, суол туругун хонтуруоллуур тиһиги тэрийиини, аэропортары саҥардыы, эрэгийиэҥҥэ тырааныспар табыгастаах буолуутун дьүүллэстилэр.

От ыйын 11 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга көҥүл тустууга эдэрдэргэ Европа чемпионатын кыайыылаахтара Лев Павловы, Андрей Мидловеһы уонна кинилэр тириэнньэрдэрин кытта көрүстэ. Ил Дархан Саха сирин успуордун историятыгар тэҥинэн эдэрдэргэ икки тустуук Европа чемпиона аан бастаан буолбутун киэн тутта бэлиэтээтэ. Кини биир дойдулаахтарбыт кыттыыларын, кыһыл көмүс мэтээли   ситиһиспиттэрин үрдүктүк сыаналаата итиэннэ инникитин саха тустуутун оскуолата салгыы сайдарыгар СӨ Бырабыыталыстыбата өйөбүл буолуоҕун туһунан эттэ. Итиэннэ Испанияҕа буолуохтаах аан дойду чемпионатыгар ситиһиилэри баҕарда.  Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тустуутун федерациятын аатыттан эдэр спортсменнарга  харчынан сертификаттары туттарда. Сертификатынан уолаттар тус  тириэнньэрдэрэ Гаврил Игнатьев уонна Николай Данилов бэлиэтэннилэр.

 От ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Таатта Ытык Күөлүгэр үлэлээтэ. Улууска тиийээт, кини «Манчаары оонньуулара» XXII спартакиаданы көрсө тутулла турар элбэх хайысхалаах успуорт комплексыгар, стадиоҥҥа, 450 миэстэлээх уонна эбии интернаттаах оскуолаҕа үлэ хаамыытын  билистэ. 1000 миэстэлээх стадион былаан быһыытынан кэлэр сылга үлэҕэ киириэхтээх, ити эрээри тутуу түргэн тэтиминэн ыытылларынан быйыл тутуута түмүктэниэҕэ. Элбэх хайысхалаах спорткомплекс каркаһа быйыл тутуллан бүтэр, эбийиэк оонньуулары көрсө үлэҕэ киириэҕэ. лэҕэ киириитэ «Манчаары оонньууларыгар» былааннанар. Маны сэргэ ипподром тутуллар.


Салгыы улуус дьаһалтатын дьиэтигэр эһиилги Манчаары оонньууларыгар  бэлэмнэнии үлэтигэр мунньах ыытта. Айсен Николаев спартакиада Таатта улууһун сайдыытыгар улахан оруоллааҕын, туруоруллубут соруктар туолууларыгар нэһилиэнньэ улахан көмөтө, биир санаанан турунуута наадатын чопчулаан эттэ уонна бу тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар эрэнэрин биллэрдэ.

Тааттаҕа сырыытын кэмигэр Ил Дархан аграрийдарга саҥа тиэхиньикэ  күлүүһүн туттарда. МТЗ уонна Беларусь тыраахтырдары улуустан 7 бааһынай хаһаайыстыба уонна кэпэрэтиип ылла. Тиэхиньикэ «Развитие кормопроизводства» судаарыстыбаннай бырагырааманан көрүлүннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ чугастааҕы улуустарын баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбатыгар эппиэттээх салайааччыларын кытта мунньахтаата. Киин уонна илин эҥэр улуустар оту бэлэмниир үлэлэригэр соруктары туруорда. Халлаан туруга мөлтөҕүнэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарга кыстыгы туоруурга тирэхтээх буолалларыгар сөптөөх үлэни ыыталларыгар дьаһайда.2024 сылга окко былаан — 435 тыһ. туонна. Маны сэргэ «Кормопроизводство» бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 175 мөл. солк, олохтоох бюджеттан 204 мөл солк 14 тыһ. туонна сенаж уонна 29 тыһ. туонна сиилэс бэлэмнээһинигэр үбүлээһин көрүлүннэ. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр бырагырааманан бу сылга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ 203 анал техника уонна оборудование ылыллар, 198 км күрүө тутуллар, 1 сиилэс траншеята уонна үс 400 туонна киирэр от харайар эбийиэк тутуллар.

Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 421 га ходуһа охсулунна, онно 164 туонна от кэбиһилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров иһитиннэрбитинэн, от бэлэмэ барыллааһын быһыытынан 370 тыһ туонна, былаантан 85% туолар. Судургута суох балаһыанньа илин эҥэр оройуоттарга сабаҕаланар.

Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мобильнай биригээдэлэри тэрийэригэр, кыстыгы туруктаахтык туоруурга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ сөптөөх быһаарыылары ыларыгар сорудахтаата. Сотору кэминэн муниципальнай тэриллиилэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар биирдиилээн боломуочуйалаар бэриллиэхтээхтэрин иһитиннэрдэ. Итиэннэ миэстэтигэр баһылыктар оҥорон таһаарыыны күүһүрдэллэригэр этилиннэ.

Ил Дархан Ытык Күөлгэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьонугар сырытта. Байыас Николай дойдутугар бульдозериһынан үлэлээбит. 2022 сыллаахха алтынньыга мобилизациянан барбыт. Ийэ дойдутун Николай чиэстээхтик көмүскүү сылдьар. Кинини дьиэтигэр төрөппүттэрэ, кэргэнэ, икки кыыһа, уола күүтэллэр. Айсен Сергеевич хайдах олороллорун билистэ, көрүллэр төлөбүрү ылбыттарын уонна көмөнү, өйөбүлү оҥоруу туһунан ыйыталаста. Байыас дьоно туох баар көмөнү, өйөбүлү кэмигэр туһаналларын эттилэр. Улуус салалтата эмиэ өйөбүлү оҥорорун бэлиэтээтилэр.

«Байыастар дьонноругар көмөлөһүү — биһиги эбээһинэспит уонна бастакынан турар сыалбыт-сорукпут.  Дьоҥҥут-сэргэҕит, олохтоох салалта өйөбүл буолара олус наада. Биһиги бу көрсөн кэпсэтиибит тоҕоостоох, тоҕо диэтэххэ байыастары кытары көрсүһүүгэ, социальнай өйөбүл туһунан көрөн туран аһаҕастык этэ үөрэммэтэхтэр«, — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.

От ыйын 12 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга «Сулустаах» саҥа түөлбэни тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Олохтоохтор күүскэ туруорсар уопсастыбаннай тырааныспардарын боппуруоһун быһааралларыгар сорудахтаата. Суолу аспааллаан бүтэриэхтэригэр диэри балаҕан ыйыгар мантан уопсастыбаннай тырааныспар чугастааҕы тохтобулугар диэри шаттл оптуобустар сылдьыахтара. Кэлэр сылга аспааллааһын үлэтэ бүтэн, микрооройуон иһигэр оптуобус сырыыта олохтонуоҕа. Инженернэй ситимнэри тардыы үлэтэ барар.

От ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев Уһук Илиҥҥэ суох бөдөҥ култуурунай кластеры — Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Эһиил өрөспүүбүлүкэ култууратыгар улахан суолталаах эбийиэк үлэтин саҕалыырын курдук тутууну тэтимирдэргэ сорудахтаата. Билигин 33 тыһ. кв. м. иэннээх эбийиэк каркааһа бүппүт, 25 тыһ. кубометр бетон кутуллубут. Дьиэ иһигэр ис быыстары туруора, сылаас муостаны оҥоро сылдьаллар. Ил Дархан саала акустиката хаачыстыбалаах буоларыгар болҕомтоҕо уурарыгар, күөлү ыраастыырга, тула сири тупсарарга сорудахтаата.

От ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай куорат 29 №- дээх оскуолатын эбии дьиэтин тутууну хонтуруоллаата. Дойду Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан тутуллар 8 тыһ. тахса кв. м. тахса иэннээх эбийиэк биир симиэнэҕэ 350 миэстэлээх. Билигин тутуу 60% тахса бырыһыана бэлэм.

От ыйын 13 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга Жатайга «Точка будущего» комплекс тутуутун хаамыытын билистэ. Тутуу 50%, эбийиэги 2026 с. атырдьах ыйыгар түмүктээн туттарар былааннаахтар. Үөрэх комплекса  1 040 оҕо хабыа5а. Манна 200 миэстэлээх уһуйаан, 360 миэстэлээх алын сүһүөх оскуола, 480 миэстэлээх орто оскуола, успуорт уонна култуура комплекса, маны сэргэ оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ олорор дьиэ, 249 миэстэлээх аныгы паркинг тутуллар. Эбийиэк «Новый дом»  аһымал пуонда өйөбүлүнэн, «Эльгауголь» АХ үбүнэн-харчытынан тутуллар. Комплексы тутууга бүгүҥҥү күҥҥэ 950 киһи үлэлии сылдьар. Үлэҕэ график быһыытынан барар. Сүрүн үлэлэр 2025 сыл бүтүүтүгэр түмүктэниэхтэрэ. Бастакы маннык комплекс Иркутскайга 2020 сыллаахха аһыллыбыта. Ил Дархан бэлиэтииринэн, баараҕай комплекс Дьокуускайга үөрэх эйгэтигэр хамсааһыны таһаарыаҕа, саҥа стандартар киирэллэригэр тирэх буолуоҕа.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сайыммыт номнуо ортолоон, күөх илгэни сомсор, тигинэччи оттуур,   үрүҥ илгэни дэлэтэр, иҥэмтиэлээх сир аһын хомуйар, дуоһуйа сөтүөлүүр  үтүө кэммитигэр таһаарыылаах үлэни, чэгиэн туругу баҕарабын.

  Афанасий Ноев