От ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын салалтатын кытта былаанныыр мунньаҕы ыытта. Кэккэ федеральнай сокуоҥҥа илии баттаммытыгар болҕомтону уурда. Ол иһигэр – физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуокка (НДФЛ) 13% тан 22%-ҥа диэри улаатар шкаланы киллэрии, икки оҕолоох, улахана суох дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ төлөммүт нолуок сорҕотун толуйуу уонна сорох нолуоктар ыстаапкаларын хаттаан көрүүгэ нолуок реформатын туһунан сокуон. Саха сиригэр оробуочай сырыытын түмүгүнэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудахтарыгар олоҕуран, Уһук Хоту сир олохтоохторо оройуоннааҕы коэффициеҥҥэ уонна хамнаска хотугу эбиликкэ нолуогу үрдэтииттэн босхолоннулар. Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа, чуолаан туһааннаах министиэристибэлэргэ ылыныллыбыт уларыйыылары учуоттуулларыгар сорудахтаата. Ил Дархан дойду Бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэр бүддьүөт кирэдиитигэр уонна нолуокка иэстэрин сороҕун сотор бырааптаммытын туһунан иһитиннэрдэ. Итиэннэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбата федеральнай бүддьүөттэн «Гражданнары тоҕоостоох олорор дьиэнэн уонна коммунальнай өҥөнөн хааччыйыы» бырагырааманан эрэгийиэннэргэ ситэ оҥоһуллубатах эбийиэктэри тутарга субсидия биэрэр туһунан быһаарыы ылыммыт.
От ыйын 15 күнэ. Ил Дархан Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 2025 сыллаахха уонна 2027 диэри былааннаммыт кэрчиккэ сүрүн кээмэйин дьүүллэстэ. Айсен Николаев бүддьүөт социальнай хайысхатын хааччыйыыны уонна бары социальнай төлөбүрдэри индексациялааһыны сүрүн сорук быһыытынан туруорда. Ил Дархан санкция кэмигэр өрөспүүбүлүкэ экономиката бигэ туруктаахтык сайдарын бэлиэтээтэ. Үп уонна Экэниэмикэ министиэристибэлэригэр 2025 сылга уонна салгыы 2027 сылга диэри кэмҥэ барыллааһыҥҥа олоҕуран, бырагыраамалар уонна социальнай эйгэ бырайыактарын үбүлээһин улаатыытын учуоттаан бүддьүөтү оҥороллоругар сорудахтаата.
От ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриитин боппуруостарын көрдө. Дьокуускайга «Сулустаах» уонна «Спортивнай» микрооройуоннары кэлимник сайыннарыыны дьүүллэстилэр. Бу түөлбэлэргэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэлэр тутуллаллар. Ил Дархан түөлбэлэргэ табыгастаах инфраструктураны оҥоруу боппуруостарын быһаарыыны түргэтэтэргэ биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар көдьүүстээх бииргэ үлэлээһин наадатын бэлиэтээтэ. «Сулустаах» түөлбэҕэ 112 МВт хочуолунай оҥоһуллан бүтүөҕэ. Ону үлэлэтэр тэрилтэни суһаллык быһаарарга этилиннэ. Туһааннаах биэдэмистибэлэргэ түөлбэҕэ массыына уонна уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта тоҕоостоох буолуутун хааччыйарга сорудахтанна.
От ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайы уонна Нерюнгрины сайыннарар маастар-былааннар чэрчилэринэн 2025 сылга социальнай уонна инфраструктура эбийиэктэрин олоххо киллэрии боппуруостарыгар бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта. Дьокуускайга уонна Нерюнгрига оскуолалары, уһуйааннары, ОДьКХ, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу былааннаммыта. 2025-2027 сылларга федеральнай бүддьүөттэн эрэ буолбакка, атын сайдыы институттарыттан үбү тардар сорук турар. Ил Дархан федеральнай министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ өрөспүүбүлүкэттэн бүддьүөт сайаапкаларын оҥорон ыытары түргэтэтэргэ соруйда. Бырайыактыыр-смета докумуоннарын хаачыстыбалаахтык оҥорууга улахан болҕомтону уурарга ыйда.
От ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университетка үөрэххэ туттарсыы хаамыытын билистэ, тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ оборудованиетын, оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын быыстапкатын көрдө. Үөрэх кыһата сайдыытыгар туһуламмыт сүбэ мунньахха Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Дьокуускайга аан дойду таһымнаах үрдүк үөрэх кыһаларын ситимниир кампус бырайыага оҥоһулларын санатта. Бырайыак биир сорҕотунан АГАТУ буолуохтаах. Ил Дархан тыа хаһаайыстыбата хайысхалаах үөрэх кыһаларыгар агрооскуолалары бүтэрбит оҕолор киириилэрин элбэтэр туһугар, агрооскуолалар үлэлэрин уларыта тутуу тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын уонна Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэлэригэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ АГАТУ-ну кытта бииргэ үлэлээһини күүһүрдэргэ эттэ. Технологическай урбаанныын сибээстээх исписэлиистэри бэлэмнииргэ болҕомтону уурарга ыйда.
От ыйын 16 күнэ. Ил Дархан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕар Дьокуускайтан быыһыыр сулууспа үлэһиттэрин Абый улууһугар ыытарга сорудахтаата. 20 киһи итиэннэ уунан ыһар бөртөлүөт тиийэн, Үрүҥ Хайа бөһүөлэгин чугаһынан ойуур баһаарын бохсууга үлэлиэхтэрэ. Үлэ хаамыытын тустаах министиэристибэ салайааччыта Дмитрий Лепчиков сүрүннүүр.
От ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин салалтатын кытта тыа сирин судаарыстыбаннай өйөөһүн төрүттэрин тупсарыы боппуруостарын дьүүллэстэ. Ил Дархан төлөбүрдэр олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны улаатыннарыыны көҕүлээһиҥҥэ туһуланыахтаахтарын бэлиэтээтэ. Билигин көмө мэхэньиисимин уларытыы барыла оҥоһуллар. Айсен Николаев улуустар уонна куорат уокуруктарын салалталарын кытта мэхэньиисими тупсарыыга этиилэри дьүүллэһэргэ сорудахтаата.
От ыйын 16 күнэ. Ил Дархан экэниэ-микэҕэ, социальнай эйгэҕэ, судаарыстыбаннай салайыыга сыыппараны киллэриини бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта. Бырайыактыыр офис саҥа тутулун бигэргэтэн, сыыппара трансформациятын салайааччытынан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семеновы анаата. Сэтинньи 1 күнүгэр диэри ити эйгэҕэ соруктар чуолкайданан, саҥардыллыбыт Стратегияны бэлэмнииргэ ыйда. Онуоха соторутааҕыта ыытыллыбыт судаарыстыбаннай былаас уорганнарын, итиэннэ экономика салааларын сыыппара эйгэтигэр таһымнарын сыаналааһын түмүгэр тирэҕирэргэ эттэ. «Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньуу кэмигэр бэрэбиэркэлэммит, араас түбэлтэлэри салайар тиһиги кэҥэтэн, тарҕатарга сорудахтаата.
От ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга ГТРК «Саха» «Быһа кэпсэтии» биэриитигэр кыттан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар эппиэттээтэ. Кураан буолан, от ситэ илигинэн илин эҥэр уонна киин улуустар отчуттара ходуһаҕа хойутаан киирдилэр эрээри, ардахтар кэннилэриттэн от үүнүүтэ үчүгэй буолуо, оттооһун былаанын толорорго мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин күүһүрдүөхпүт диэн эттэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ байыастарга тиһиктээхтик көмө оҥоруу биир да күн тохтоло суох үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Байыаннай чаастар салалталарын сайаапкаларынан, бастатан туран, тиэхиньикэни уонна тэрили, ол иһигэр пилота суох аппарааттары, «Сокол» квадроцикллары тириэрдэллэр. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар көхтөөхтүк көмөлөһө олороллоругар махтанна.
Өлүөхүмэ улууһугар, ол иһигэр зондировщик-салгын аалын көмөтүнэн, дохсун ардах түспүтүн туһунан эттэ. Улууска ойуур уотун умуруорууга 600-тэн тахса киһи үлэлиир. Эбии күүстэр балаһыанньа уустук сирдэригэр, ол иһигэр Тээнэҕэ тиэрдиллиэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.
От ыйын 17 күнэ. Ил Дархан өрөс-пүүбүлүкэҕэ эбийиэктэри тутуу хаамыытын хонтуруоллуур суһал ыстаап мунньаҕар Дьокуускайга «Сулустаах» түөлбэҕэ киирэр суол ситимин тутуу бастакы түһүмэҕин болдьоҕор түмүктүүргэ сорудахтаата. Куорат мэриятыгар бэдэрээччиттэри кытта үөскээбит кыһалҕалаах боппуруостары барытын быһаарарга эттэ. Нерюнгритааҕы киин балыыһа эбийиэктэрин саҥардыыга мэдиссиинэ оборудованиетынан хааччыйыыны хонтуруолга тутарга уонна Мииринэйгэ политехническай лиссиэй успуорт саалатын быйыл үлэҕэ киллэрии боппуруоһун быһаарарга соруйда.
От ыйын 18 күнэ. Ил Дархан «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хампаанньа үлэтин боппуруостарын көрдө. Тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бөдөҥ нолуок төлөөччүнэн буоларын, эрэгийиэн социальнай сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттарын, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ бырайыактары олоххо киллэрэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ уонна Дьокуускайга «Роснефть» үс кылааһыгар 150-тэн тахса оҕо үөрэнэр. ХИФУ Мииринэйдээҕи политехническэй институтугар 10-тан тахса сыл «Ньиэп уонна гаас дьыалата» төрүт кафедра исписсэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиир, былырыыҥҥыттан ыла бырагыраамаҕа Мииринэйдээҕи эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй колледж кыттар.
От ыйын 18 күнэ. Ил Дархан урбааны сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын ыытта. Манна аччыгый уонна орто биисинэс туругун уонна нолуокка уларыйыылары урбаанньыттары кытта дьүүллэстилэр. Эрэгийиэҥҥэ урбаанньыт ахсаана элбээбитэ бэлиэтэннэ. Билигин 115,7 тыһыынча курдук буолла. Анал нолуок эрэсиимигэр үлэлиир бэйэ дьарыктаах 51,9 тыһыынча киһи баар, ол былырыын баччатааҕар 7,2 тыһыынча киһинэн элбэх. Айсен Николаев нолуок бэлиитикэтигэр уларыйыыны олоххо киллэриигэ сиһилии суоттааһыны, ол иһигэр судургутуллубут нолуок тиһигэр, оҥорорго туһааннаах биэдимэстибэлэргэ сорудахтаата.
От ыйын 19 күнэ. Ил Дархан бэрээдэги хааччыйыыны сүрүннүүр мунньахха дистанционнай түөкүннэртэн сэрэтэр дьаһаллары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдө. Бу сыл аҥарыгар Саха сиригэр оннук түөкүннэртэн дьон 518,1 мөл. солкуобай хоромньуну ылбыт. Муниципальнай тэриллиилэргэ нэһилиэнньэни кытта сэрэтэр үлэҕэ эппиэттээхтэр ананыахтара, иһитиннэрэр, быһаарар үлэни күүһүрдүөхтэрэ.
От ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев биир кэлим судаарыстыбаннай уонна демонстрационнай эксээмэннэри 100 баалга туттарбыт орто оскуоланы уонна колледжтары, техникумнары бүтэрбиттэргэ, физическэй култуураҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада призердарыгар 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэри туттарда. Кинилэри бэлэмнээбит учууталлар Ил Дархан Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр. Быйыл былырыыҥҥы биир кэлим эксээмэн көрдөрүүлэрэ тубустулар -– 6 биридимиэккэ 27 ыччат сүүс баалы ситиспит. Онтон демонстрационнай эксээмэннэри муҥутуур үрдүк баалга 13 студент туттарда. Ил Дархан «Азия оҕолоро» оонньуулары төрүттээбит Михаил Ефимович Николаев аатынан «Кыайыыга дьулуурун иһин» бирииһи стендовай ытыы кыайыылааҕа Айна Кириллинаҕа туттарда. Бастакы бэрэсидьиэн кубогын «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы кэмитиэт олохтоото.
От ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев Жатай куорат уокуругар үлэлээтэ. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагырааматынан Хотугу уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олбуордарын тупсарыы, тренажердар былаһааккаларын уонна массыыналар парковкаларын оҥоруу үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Маннык үлэ бөһүөлэккэ былааннаахтык ыытылларын бэлиэтээтэ. Алта сыл устата уонтан тахса бырайыак олоххо киирбит.
Ил Дархан Корзинников аатынан уулуссаҕа тутулла турар Жатайдааҕы судоверфьга киирэр суол бастакы учаастагын өрөмүөннээһин хаамыытын көрдө. Стратегическай суолталаах Жатайдааҕы судоверфь бырайыагын олоххо киллэрэргэ бу учаастакка суол үлэтин хаачыстыбалаахтык оҥоруу суолтатын бэлиэтээтэ. Үлэ былаан быһыытынан барар, алтынньыга бүтүөхтээх. Салгыы Севернай уулусса түһүмэҕинэн өрөмүөннэнэрэ былааннанар.
Ол кэнниттэн Айсен Николаев Жатайдааҕы судоверфь үлэһиттэригэр 200 миэстэлээх уопсай дьиэни тутууну хонтуруоллаата. Эбийиэги болдьоҕор — бу сыл бүтүүтэ тутан бүтэрэргэ үлэһит ахсаанын элбэтэргэ сорудахтаата.
Ил Дархан Жатайга ускуустуба оскуолатыгар сырытта. Оскуола 1952 сыллаахха тутуллубут икки мэндиэмэннээх урукку уһуйаан дьиэтигэр баар, 150 оҕо үөрэнэригэр кыараҕас. Жатай дьаһалтата номнуо 145 миэстэлээх саҥа эбийиэк бырайыактыыр-сметнай докумуонун оҥорбут. Айсен Николаев куорат уокуругун дьаһалтата туора турбата үчүгэй, маннык бырайыактар бастакы уочарат өйөбүлү ылаллар диэн бэлиэтээтэ.
Ил Дархан Жатай уокуругун баһылыга Евгения Исаевалыын муниципальнай тэриллии социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Билигин бөһүөлэккэ 5 тыһыынчаттан тахса кв.м. иэннээх, 360 миэстэлээх оскуоланы тутуу түмүктэнэр. Үс мэндиэмэннээх эбийиэк «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн федеральнай үбүлээһининэн, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ инвестицияҕа бырагырааматынан тутуллар. Оскуола быйыл үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Евгения Исаева бөһүөлэккэ саҥа поликлиниканы тутуу боппуруоһун көтөхтө. Айсен Николаев Жатайга өссө да элбэх үлэ былааннанарын, былаас олохтоох уорганнар көҕүлээһиннэрин өйүүрүн туһунан эттэ.
От ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга тутулла турар үөрэх эбийиэктэригэр үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Киин куоракка хаһан да маннык элбэх үөрэх эбийиэгэ тэҥҥэ тутуллубатаҕын, бүгүн күн аҥара онтон аҕыйаҕын эрэ көрбүттэрин бэлиэтээтэ. Птицефабрикаҕа 19 №-дээх оскуолаҕа, Мархаҕа 1 №-дээх оскуолаҕа, Саха политехническай лицейгэ эбии үстүү этээстээх 326-лыы миэстэлээх дьиэлэри тутуу сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Оччоҕо Птицефабрикаҕа уонна Мархаҕа икки симиэнэттэн бииргэ үөрэнэр буолуохтара. Үлэлэр былаан быһыытынан ыытыллаллар. Онтон Мархаҕа саҥа үөрэх сыла саҕаланыытыгар кадеттар оскуолаларын 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпуһа үлэҕэ киириэҕэ. Онтон сэтинньи бүтүүтэ 125 миэстэлээх интернат дьиэтэ тутуллуо. 4 №-дээх анал коррекционнай оскуоланы тутуу болдьоҕуттан хаалан иһэр. Саҥардыллыбыт бырайыактыыр-симиэтэ докумуону госэкпертизаҕа ыыппыттар. Айсен Николаев атырдьах ыйыгар диэри эбийиэги 2025 сылга киллэрэргэ туһуламмыт былаан-кыраапыгы оҥорорго, үлэһит ахсаанын элбэтэргэ сорудахтаата.
От ыйын 21 күнэ. Ил Дархан Металлург күнүнэн салаа үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ көмүһү хостуур бырамыысыланнас 100 сылын бэлиэтиир. Билигин көмүһү хостооһун кээмэйинэн Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортотугар иккис миэстэни ылар. Эмиэ быйыл алмаас хостуур бастакы сирдэри арыйыы 70 сылын туолар. Ааспыт сылга аан дойдуга алмааһы хостооһуҥҥа АЛРОСА ирээтэ 30%-тан улааппыта.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сайыммыт эппиэттээх кэмигэр куйаас күннэр эргийэннэр, оттооһун үлэтэ тэтимирдин, сир аһын дэлэйдик хаһааныаҕыҥ, сөтүөлээн чэбдигириэҕиҥ!
Афанасий Ноев.