Олунньу 26 күнэ. Саха сирэ уонна «Буойун» байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии сайдыытын киинэ бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан сөбүлэһиигэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Буойун» киин дириэктэрэ Игорь Казарезов илии баттастылар. Ыччаты гражданскай уонна байыаннай-патриотическай иитиигэ, байыаннай сулууспаҕа үөрэтиигэ үлэ ыытыллыаҕа, патриотическай иитиигэ бастыҥ уопуту тарҕатыахтара. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан «Буойун» байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии сайдыытын киинин салаалара эрэгийиэннэргэ тэриллэллэр. Саха сиригэр бу саас аһыллыаҕа. Билигин инструктордарга кандидаттар Тюмень куоракка бэлэмнэнии ааһаллар.
Олунньу 26 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салалтатын кытта мунньаҕар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр анаммыт ытыыга Арассыыйатааҕы турнир үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев аатыттан уонна бэйэтин аатыттан күрэхтэһии тэрийээччилэригэр махтанна. Аныгыскы турниры кыттааччылар этиилэринэн бу күһүн ыытарга былааннанарын туһунан иһитиннэрдэ. Итиэннэ мунньахха бүддьүөт кирэдьиитин реструктуризациялааһын мэхэньиисимин, технопааркалары сайыннарыы, үөрэх хаачыстыбатын сыаналааһын боппуруостарыгар уларыйыыларга тохтоотулар. Ил Дархан бырабыыталастыбаҕа муус устар бастакы күнүгэр диэри национальнай бырайыактары уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ хантараактары түһэрсэргэ уонна кыһыҥҥы суолларынан таһаҕаһы таһыыны тэтимирдэргэ сорудахтаата.
Олунньу 26 күнэ. Айсен Николаев ыыппыт Терроризмы утары хамыһыйа уонна суһал ыстаап холбоһуктаах мунньаҕар буолаары турар РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар куттала суох буолууну хааччыйыыга дьаһаллары көрдүлэр. Ол курдук, быыбар учаастактарыгар сибээс, уот, куттал суох буолуутун тиһигин бигэтик үлэлииллэрин хаааччыйыыга үлэ барар. Быыбар хамыыһыйаларын чилиэннэригэр үөрэтии, инструктаж ыытыллар. Ил Дархан быыбар буолар эбийиэктэригэр терроризмтан көмүскэллээх буолууларын күүһүрдэр дьаһаллар толоруоллуохтаахтарын ыйда. Маны сэргэ мунньахха ааспыт сыл ахсынньытыгар РФ Бэрэсидиэнэ бигэргэппит 2024-2028 сылларга терроризмы утары ылыллыбыт кэлим былаан олоххо киириитин дьүүллэстилэр.
Олунньу 27 күнэ. Ил Дархан Амма улууһугар сырыытын Чапчылҕантан саҕалаата, «Амма» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын үлэтин-хамнаһын көрдө. Итиэннэ илин эҥэр улуустарга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары кытта мунньаҕы ыытта. «Амма» кооператив ааспыт сылга 875 туоннаттан тахса үрүҥ ас арааһын, 156 туонна ынах арыытын, 17,7 туонна эттэн аһы-үөлү, 7 туонна сыыры астаан-үөллээн таһаарбыт. Кооперативка 77 киһи үлэлиир. Олохтоохтор тэрилтэ оҥорон таһаарар аһын-үөлүн хамаҕатык атыылаһаллар, онон кэҥииргэ бэлэмнэнэллэр. Ол эрээри туттуллар оборудованиета бүтэһигин 2006-2008 сс. саҥардыллыбыта билигин эргэрэн, нэһилиэнньэни бэйэ бородууксуйатынан хааччыйыыга кэккэ ыарахаттары көрсөр. Дьиэ-уот туругар даҕаны кыһалҕа элбэх.
«Тыабыт хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарабыт диэн боппуруос турар. Саха сирин олохтоохторо бэйэ оҥорбут аһылыкпытынан толору хааччыллыахтаахтар диэн соругу тутуһан үлэни ыытабыт. Үбүлээһин сыллата эбиллэр эрээри, хомойуох иһин, бородууксуйабыт элбээбэт. Аҥардас үүт, эт тутар сыананы үрдэтэммит маны ситиспэппит. Улахан тэрилтэлэри, кооперативтары өйөөммүт эрэ онно тиийиэхпитин сөп. Дьон кэтэх хаһаайыстыбаны тутара аҕыйаан иһэр, ону кооперативтарга атыылаһан ылан, сүөһү ахсаанын энчирэппэт гына хас даҕаны хайысханан үлэлиэхпитин наада. Маны сэргэ бурдугу, оҕуруот аһын үүннэриитин эмиэ тэҥҥэ тутар ирдэнэр, мелиорация үлэтэ барыахтаах. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Чукотканан Хабаровскай кыраайга сылдьыытын түмүгэр сорудахтара таҕыстылар, онно биир пуунунан Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Уһук илин субъектары кытта үлэлээн мелиорацияны манна ыытарга эттэ, онон бу өттүгэр үлэлэһэммит хамсааһын тахсарыгар бүк эрэллээхпин. Маны кытта мүөтү оҥорон таһаарыы, отону хомуйан астааһын, эмтээх оту үүннэрии – төһөлөөх сайдар кыахтаахпытын ситэ билбэппит. Маны сөпкө үлэлэттэхпитинэ, дьону өйөөтөхпүтүнэ тыа хаһаайыстыбатыттан эбии улахан дохуот киллэриниэххэ сөп. Бүгүҥҥү мунньах түмүгүнэн мин анал сорудахтары таһаарыам. Тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһини аҕыйатыа суохтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар, нэһилиэктэр салалталара биир санаанан үлэлээммит, нэһилиэнньэ олохтоох бородууксуйаны дэлэйдик атыылаһарын ситиһиэхтээхпит»,— диэн мунньах түмүгүнэн Айсен Сергеевич санаатын эттэ.
Олунньу 27 күнэ. Ил Дархан Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруоһунан сүбэ мунньаҕы ыытта. Айсен Николаев мунньах саҕаланыытыгар ыһыаҕы тэрийэргэ булгуччу бары ирдэбил уонна санитарнай нуорма тутуһуллуохтааҕын ыйда. Маны таһынан, тырааныспар боппуруоһугар уонна «Амма» айан суолугар куттал суох буолуутун хааччыйыыга болҕомтотун уурда. Олоҥхо ыһыаҕар 10-тан тахса тыһ. ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Кинилэргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээҕэр, тэрээһин логистиката үчүгэйдик толкуйдаммыт буолуохтааҕар Ил Дархан соругу туруорда. Ыһыах кэмигэр уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин уонна өрүһү туоруурга паром сырыытын тэрийиигэ болҕомто ууруллуоҕа. Сүбэ мунньахха үп-харчы уонна тэрийии боппуруостара кэмигэр быһаарыллыбыттара этилиннэ.
«Аммаҕа быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа биир саамай кэрэ, үчүгэй тэрээһиннээх буолуохтаах. Аммаларга уонна уопсайынан Саха сирин бары дьонугар-сэргэтигэр өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥиэхтээх, — диэтэ Айсен Николаев.
Мин бэйэм өттүбүттэн суолга-иискэ болҕомтону күүһүрдэргэ эттим. Дьону таһар автобустар тохтоло суох сылдьаннар дьон ыһыахха киирэр-тахсар усулуобуйата хааччыллыахтаах»,- диэн Айсен Сергеевич кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Маны сэргэ Аммаҕа сырыытын кэмигэр Айсен Николаев Бүтүн Россиятааҕы «Дьиэ кэргэнинэн» куонкурус кыттыылаахтара, элбэх оҕолоох Неустроевтары кытары көрүстэ. Дмитрий уонна Сахаяна үс оҕолоохтор. Неустроевтар улууска көхтөөх, эйэлээх дьиэ кэргэн быһыытынан биллэллэр. Дьиэ кэргэн этэринэн, куонкурус кинилэри сомоҕолообут. Хас нэдиэлэ аайы эдэр ыалга сорудахтар бэриллэллэр, ону барытын үөрэ-көтө толороллор.
Олунньу 29 күнэ. Бу күн Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайбыт Анал этиитин оҥорор тэрээһиҥҥэ кытынна. Ол туһунан кини санаатын бу курдук эттэ:
«Дойду Аҕа баһылыга Россия сайдар хайысхаларын ырытар, быһаарар этиитэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга сонун сүүрээннэри саҕар, судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун хааччыйар хайысхалары тобулар. Бу биһиги дойдубут уон сыл иһигэр сайдар кэскиллээх былаана. Владимир Путин дьон олоҕун уйгутун тупсарар соруктаах элбэх сонун этиини киллэрэригэр эрэллээх этим. Онон дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт национальнай бырайыак бу соругу толорууга улахан өйөбүлүнэн буолуоҕа. Саха сирэ оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүгэр инники күөҥҥэ сылдьар. РФ Бэрэсидьиэнэ уонна дойду Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун ахсаана өссө эбиллиэ турар. Бу Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан оруоллаах».
Маны таһынан Ил Дархан РФ Бэрэсидьиэнэ эрэгийиэннэр инфраструктуралара сайдыытыгар туһуламмыт сүрүн хайысхаларга — суолу тутууга, газификацияҕа, саҥа социальнай эбийиэктэри тутууга болҕомтотун туһаайбытын ыйда. Ол курдук доруобуйа, үөрэх, успуорт эбийиэктэрин тутууга, аныгылыы саҥардыыга элбэх үп көрүллүөҕэ. Бу биллэн турар, дьон олоҕо тупсуутугар туһуланыаҕа.
«Владимир Путин биһиги өрөспүүбүлүкэбитин ойуччу тутан, Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа улуустарыгар гаастааһын олоххо киирбитин бэлиэтээбититтэн киһи үөрэр. Бэрэсидьиэн быһаарыыта эрэгийиэннээҕи гаастааһын бырагырааматын кэҥэтиигэ өйөбүлүнэн буолуоҕа. «Газпрому» кытта дуогабардаһыы түмүгэр «Сибиир күүһэ» ситим ааһар сирин аттыгар баар куораттар, нэһилиэнньэлээх пууннар гаастаныахтара, Нерюнгри ГРЭ-һин гааска көһөрүү былаананар. Муниципальнай былаас дьоҥҥо чугас буолан, муниципалитеттарга бары өттүнэн өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу хайысхаҕа туһуламмыт араас өрүттээх үлэ барар. «Үтүө дьыала» хамсааһын бырагырааматыгар, олохтоох нэһилиэнньэлээх пууннары кэлимник сайыннарыыга, уопсастыбаннай эйгэни тупсарыыга, оскуолалары уонна уһуйааннары тутууга федеральнай киинтэн эбии өйөбүлүнэн туһаныахпыт. Анал этиигэ өссө биир тиэмэ ойуччу тутулунна — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай өйөбүлү оҥоруу. Кулун тутар 1 күнүттэн анал каадыр бырайыага үлэлиэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кулун тутар 1 күнэ. Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын съеһин «Дьүөгэлэр» диэн аһаҕас пуорумнарын пленарнай мунньаҕа ыытылынна. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 400 дьахтар муһунна.
«Пуорум биһиги элбэх омуктаах Сахабыт сирин кэрэ аҥаардарын түмтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үгэс буолбут духуобунай баайын-дуолун харыстааһыҥҥа уонна сайдыытыгар тугунан да сыаналаммат кылааты киллэрэргитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын», — диэн сийиэс кыттыылаахтарын Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Ону сэргэ Айсен Николаев Саха сирэ киһи хапытаалын сайыннарыы уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү боппуруостарыгар ураты болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ.
«Экэниэмикэ салааларын, саҥа инфраструктураны сайыннаран, биһиги дьон олоҕун тыйыс усулуобуйатыгар тупсарыытын тэрийэбит. Чопчу маннык сыһыан биһиги көлүөнэ оҕо төрөөһүнүгэр үрдүк көрдөрүүлэрин оннунан хаалларарга, олохторун-дьаһахтарын тупсарар кыаҕы биэриэҕэ, кэлиҥҥи сылларга бигэтик үүнэр олохтоох дьон ахсаана лаппа эбиллиэ диэн эрэнэбин», – диэн аҕа баһылык бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 1 күнэ. Саха тыйаатырыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена — Ил Түмэн тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аадырыһыгар Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлиттэн Валентина Матвиенко эҕэрдэ телеграмматын аахтылар.
Үөрүүлээх мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.
«Ил Түмэн бастакы ыҥырыылаах мунньаҕыттан саҕалаан уопсастыбаннай быһыыны-майгыны туруктаах оҥорууга, үлэ правовой усулуобуйатын тэрийиигэ үлэлэһэн барбыта. Отут сыл устатыгар өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын бары өттүттэн сүрүннүүр сокуоннар ылылыннылар. Ол курдук, үлэ сыһыаннаһыыларыгар, Хоту дойду төрүт олохтоох норуоттарын өйүүр правовой бэлиитикэҕэ олоҕуран, аан бастаан ылыныллыбыт нуормалар олохтоммуттара. Саха сирин сокуонун базата дьиэ кэргэн сыһыаннаһыыларыгар, ийэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр социальнай туһаайыынан буолла. Парламент үлэтин көдьүүһэ эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн эрэ буолбакка, ылыллар сокуоннар быһыытынан, дьон олоҕун, сайдар усулуобуйатын тупсарыыга көдьүүстээх үлэ барар, — диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Кулун тутар 2 күнэ. Ил Дархан табаһыттары уонна хотугу үгэс буолбут салаа үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Табаны иитинэн Саха сирин 34 улууһуттан 20 улууска дьарыктаналларын, 114 таба хаһаайыстыбатыгар 1325 киһи үлэлиирин, табаһыттар идэлэригэр сатабылларынан уонна бэриниилэринэн, кэлиҥҥи алта сылга дьиэ табатын ахсаана 146,6 тыһыынчаттан 171,5 тыһыынчаҕа диэри тиийбитин бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ былырыын дойдуга дьиэ табатын иитиинэн үс бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. 2023 сылга таба салаатын үбүлээһин 200 мөл. солк. тахса сууманан эбиллэн, 1 млрд солк. тэҥнэспитэ. Быйыл хотугу дьиэтээҕи табаны иитиигэ көрүллэр субсидия ыстаапката биир төбөҕө 4995,5 солкуобайтан 5 335,4 солкуобайга тэҥнэстэ. 2020 сылтан «Эдэр табаһыт» бырагырааманан ыстаадаҕа түөрт сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит 53 табаһыт биирдии мөлүйүөн солкуобайы улууска дьиэ туттарыгар эбэтэр атыылаһарыгар ылла.
Кулун тутар 2 күнэ. Айсен Николаев Горнай улууһугар үлэлээтэ. Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр саҥа 150 миэстэлээх оскуола уонна элбэх хайысхалаах киин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһуллар икки улахан суолталаах социальнай эбийиэк быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Оскуола дьиэтин тутуу бэлэмэ 80% тэҥнэстэ. Билигин 61 киһи үлэлиир. Ил Дархан от ыйыгар үлэни түмүктээн, салгыы лицензияны ылан, оҕолор саҥа үөрэх дьылын саҥа оскуолаҕа көрсөллөрүн хааччыйарга сорудахтаата. Онтон элбэх хайысхалаах киин бэлэмэ 60% тэҥнэһэр. Сыбаайалара түһэрии кэннэ сир температурата сөп түбэспэтинэн тутуу тохтотуллубута. Билигин акылаатын бөҕөргөтөллөр уонна матырыйаалларын тириэрдэллэр. Ил Дархаҥҥа бөҕөргөтүү түмүгэ сотору көстөн, үлэ салҕанан, балаҕан ыйыгар эбийиэк бэлэм буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрдилэр. Киинҥэ 250 миэстэлээх саала, 50 миэстэлээх трибуналаах успуорт саалата, тренажернай саала, почта, АТС, модульнай бибилэтиэкэ, быыстапкалыыр, араас сиэрдэри толорор, уопсастыбанньыктарга, дьоҕус урбаанньыттарга аналлаах, бэтэрээннэр сэбиэттэрин хосторо баар буолуохтара. Муниципальнай тэриллии дьаһалтата олохсуйуоҕа.
Айсен Николаев Бэрдьигэстээххэ «Муус устар» ыччат бэстибээлин кыайыылаахтарын — Горнай улууһун хамаандатын кытары көрүстэ. Улуус дьаһалтата уопсастыбаннай тэрилтэлэри, хамсааһыннары өрүү өйүүрүн, ол иһин дьон түмсэн, бырайыактарынан Бэрэсидьиэн уонна Ил Дархан граннарын куонкурсугар көхтөөхтүк кыттарын, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх граны ылбыт улуус буолалларын бэлиэтээтэ. Ол иһин да күүстээх, тыҥааһыннаах киирсиигэ кыайыыны ситиһэн, Саха сиригэр бастыҥ ыччат улууһа үрдүк ааты ыллыгыт диэн эттэ. Ыччаттар этиилэрин өйөөтө. Ол курдук, эһиил «Муус устар» бэстибээлгэ архитектура хайысхатыгар анал күрэхтэһии буолуоҕа.
Кулун тутар 3 күнэ. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Саха сириттэн алтыс киһи Арассыыйа Дьоруойа буолла. Майор Николай Соболев РФ Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылла. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.Николай Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитэ, Владислав Фелькер аатынан байыаннай-спортивнай кулууп иитиллээччитэ этэ. Оскуоланы бүтэрэн баран маршал Рокоссовскай аатынан Уһук Илиҥҥи үрдүкү уопсай байыаннай училищеҕа туттарсан киирбитэ. Байыаннай дьайыыга 2022 сыл олунньутуттан сылдьар. Сулууспатын кэмигэр «За мужество» уордьанынан, «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. «Ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Саха сирэ киэн туттар! Кыайыыга иннибит диэки!» — диэн Айсен Николаев үөрүүтүн бар дьонун кытта үллэһиннэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Кулун тутар ыйга үктэнэммит, биллэ сылыйан, тулабыт сырдаан, өрө көтөҕүлүннүбүт, дьыл кэмин уларыйыытыгар үгэс буолбут түбүкпүт таһаарыылаах буоллун, кэлэн иһэр сааскы сандал бырааһынньыгынан кэрэ аҥардары эҕэрдэлиибин.
Афанасий Ноев