Александр Жирков Казахстаҥҥа Саха сирин күннэригэр кыттыыны ылла

Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин ыҥырыытынан Казахстаҥҥа ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр Ил Түмэн аатыттан парламент бастакы вице-спикерэ Александр Жирков кыттыыны ылла. Кини Казахстаҥҥа Астана уонна Алма-Ата куораттарга буолбут тэрээһиннэргэ муус устар 18-21 күннэригэр сырытта.

Казахтар Максим Аммосов туһунан урут биллибэтэх докумуоннары көрдөрдүлэр

Казахстан хоту өттүн олоччу хаппыт улахан халаан уута мэһэйдээн, Саха сирин делегацията 1932-1936 сс. Максим Аммосов үлэлээбит Хотугу-Казахстан уобалаһыгар кыайан сылдьыбата. Ол да буоллар бу уобалас бэрэстэбиитэллэрэ Астана к. буолбут тэрээһиннэргэ бэйэлэрэ анаан кэлэн кыттыыны ыллылар. Ол иһигэр, Александр Жирков көрдөһүүтүнэн, Хотугу Казахстан архыыбын үлэһиттэрэ Максим Аммосов бу уобаласка үлэлээбит кэмнэрин сырдатар хас да олус сэдэх докумуоннары аҕалан көрдөрдүлэр.

Хотугу Казахстан архыыбын докумуоннарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев сиһилии билистэ. Александр Жирков архыып директора Сауле Маликованы уонна Петропавловскай к. акиматын кытта кэпсэтиигэ докумуоннар куопуйаларын Саха Национальнай архыыбыгар ыытарга, бу сэдэх докумуоннары кыттыгас үлэ быһыытынан Саха сиригэр бэчээттээн таһаарарга этии киллэрдэ.

 Астана уонна Алма-Ата депутаттарын кытта көрсүһүүлэр

 Официальнай сырыы чэрчитинэн Александр Жирков Астана куоракка депутаттар Мунньахтарын – Маслихат бэрэссэдээтэлэ Ерлан Каналимовы кытта көрсүһүүтэ буолла. Астана 1998 сылтан – Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин киин куората, билигин манна 1,5 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олорор. Көрсүһүү түмүгүнэн икки өрүттэр инники өттүгэр хардарыта бииргэ үлэлээһин хайысхаларын чопчулуурга, Астана маслихатын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин икки ардыгар сөбүлэһии түһэрсэр туһунан Меморандум ылынарга сүбэлэстилэр.

Встреча в маслихате г.Астаны

Александр Жирков Астана куоракка Манаас памятнига аһыллыытыгар кытынна

Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллар кэмнэригэр Астана куоракка кыргыз улуу эпическэй айымньытын геройугар Манааска анаммыт пааматынньык – мэҥэ таас туруоруута буолла. Манаас 10-тан тахса м. үрдүктээх сүүнэ пааматынньыгын аһыллыытыгар Казахстан Президенэ Касым-Жомарт Токаев уонна Кыргызстан Президенэ Садыр Жапаров кытыннылар. Икки дойду салайааччылара былыр былыргыттан ыаллыы уонна аймахтыы норуоттар историяларыгар бу урукку өттүгэр буолбатах улахан духовнай уонна политическай суолталаах түгэн буоларын бэлиэтээтилэр.

Мэҥэ тааһы аһыы тэрээһинин кэмигэр Александр Жирков Казахстан уонна Казахстаҥҥа кэлбит Кыргызстан делегацияларын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүстэ. Бу истиҥ көрсүһүүгэ Манаас туһунан улуу эпическэй айымньы киэҥ ааҕааччыга ананан оҥоһуллубут, Кыргызстан биллиилээх эпосоведа, профессор Бексултан Жакиев бэлэмнээбит нууччалыы текиһэ атын омук тылларыттан аан бастаан сахалыы тылбаастаммыта уонна сахалыы бэчээттэнэн туспа кинигэнэн тахсыбыта бэлиэтэннэ. Александр Жирков казах уонна саха учуонайдара, тыл үөрэхтээхтэрэ билигин саха «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун уонна «Кобланды Баатыр» диэн казах аатырбыт эпоһын хардарыта тылбаастыы сылдьалларын иһитиннэрдэ.

Алма – Атаҕа

Салгыы Алма-Ата куоракка кэлэн Александр Жирков Казахстан, Кыргызстан уонна Саха сирин эпическэй айымньылары толорооччуларын көрсүһүүтүн аста. Бэйэтин этиитигэр Александр Николаевич «ЮНЕСКО Саха олоҥхотун киһи аймах тылынан бастыҥ уус-уран айымньытынан билиниитэ икки өрүттээх. ЮНЕСКО билиниитэ, бииринэн, сөҕүү-махтайыы бэлиэтэ, оттон иккис өттүттэн – сатаан көмүскээбэтэххэ-харыстаабатахха бу үтүөкэн айымньы сүтэр, умнуллар кутталлаах, оннук сүтүк киһи-аймах бүттүүнүн сүтүгэ буолуоҕа диэн дьиксинии, сэрэтии бэлиэтэ, – диэн эттэ. – Итинник сэрэхэдийии Саха олоҥхотун туһугар эрэ буолбатах, эпическэй айымньылаах атын норуоттар барыларын, ол иһигэр казахтар, кыргызтар, татаардар, башкирдар, алтайдар, туроктар, хакастар – барыбыт иннибитигэр турар. Бүгүҥҥү курдук түмсүүлэр өбүгэлэрбит хаалларбыт ытык кэриэстэрин – мэҥэ тойуктарын харыстаһар суолу бииргэ, сүбэнэн тобуларга көмөлөөх буолаллар», – диэн бэлиэтээтэ.

Итини тэҥэ Алма-Атаҕа Александр Жирков Казахстан Национальнай библиотекатыгар сырытта, бу 7 мөлүйүөнтэн тахса кинигэни мунньан турар сүүнэ библиотека салалтатын кытта көрүстэ, Национальнай библиотека директорыгар Бахытжамал Оспановаҕа библиотекаҕа анаан Саха сиригэр тахсыбыт кинигэлэр хомуурунньуктарын туттарда.

Открытие «Встречи эпосов мира в Казахстане» в г. Алма-Ате

Открытие памятника Манасу в г. Астане

«Встречи эпосов мира в Казахстане» в г. Алма-Ате

С директором Национальной библиотеки Казахстана Б. Оспановой

Северо-Казахстанский архив представил документы, связанные с казахстанским периодом деятельности М.К. Аммосова

Казахстаҥҥа сырыытын түмүктэниитигэр Александр Жирков Казахстан суруйааччыларын уонна учуонайдарын кытта көрсүһүүтэ буолла. Көрсүһүү кэмигэр Казахстан суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Нуржан Куантаевы уонна Казахстан Аль-Фараби аатынан Национальнай университетын профессора эпосовед Анарбай Булдыбаевы кытта саха – казах литературатын, эпическэй айымньылары хардарыта тылбаастаһыы, инники өттүгэр бииргэ айар үлэлэри тэрийии туһунан сүбэлэһии буолла.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.

Фото Василия Кононова.

 

 

 

Читайте дальше