Таатта улууһугар балаҕан ыйын 8 күнүгэр биир кэлим куоластааһын күнэ ыытыллыбыта. Ол курдук Амма, Октябрьскай нэһилиэктэригэр баһылыгы талыыга быыбар буолан ааста.
Амма нэһилиэгин 541 нүөмэрдээх быыбардыыр уокурук хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, барыта 487 куоластааччы испиэһэккэ киирбититтэн, болдьох иннинэ 18 быыбардааччы куоластаабыт. Нэһилиэк олохтоохторо 58,1% быыбарга кыттыы кэннэ быыбар буолбутунан ааҕылынна. Барыта үс хандьыдаат кыттыбытыттан 66% ылан Степан Петрович Старостин баһылыгынан ааттанна.
Октьябрьскай нэһилиэк 538 нүөмэрдээх быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн 799 быыбардааччы испиэһэккэ киирбититтэн, 365 куолаһы, 86% ылан Андрей Петрович Семенов баһылыгынан таллынна.
Елена Слепцова.