Даайа Амма оскуолатыгар ытыктабыл истиэндэтэ аһылынна

Хас биирдии киһи олоҕо — история. Ол курдук олох бэйэтэ туһунан умнуллубат түгэннэрдээх, сэргэх сэһэннээх, кэрэ кэпсээннээх буолар.

Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитэр сыаллаах киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылар.

Х.И. Кашкин аатынан Даайа Амма орто оскуолатыгар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу үтүө холобурун көрдөрөр дьоһун тэрээһин буолан ааста.
Умнуллубат күн үөрэх кыһатыгар оскуола кэллэктиибин көҕүлээһининэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар аналлаах «Эйэлээх олох иһин» ытыктабыл истиэндэтэ аһылынна.

Тэрээһиҥҥэ оскуола кэллэктиибэ, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бу күн биир дойдулаахтарын үтүө ааттара, хорсун быһыылара дорҕоонноохтук дуорайда, хас биирдии сүрэххэ киэн туттуу кыымын сахта.


Оскуола салалтата байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар эр хоһууттар дьиэ кэргэттэригэр туох баарынан көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрэн, махтал суруктары туттардылар.

Мария Павлова.

Читайте дальше