Бэлэсипиэт чэпчэкитик барар

Бэлэсипиэт собуокка оҥоһуллубут салайар тэрилэ (заводская регулировка зазора) суох буолар. Ол иһин тэбэргэ ыарахан, эрэйдээх. Онтон саллан дьон бэлэсипиэти тэбэ сатаабат. Маннык түгэҥҥэ көлүөһэ подшипнигын кып-кыратык босхо ыытан биэрэҕин. Шинаны туора тардыалаатахха кып-кыратык туора хамсыыр, дьалкыҥныыр буолуохтаах. Маннык бэлэсипиэт холкутук айанныыр буолар. Оччотугар бэлэсипиэттэн аҥардастыы дуоһуйаҕын, астынаҕын эрэ. Дьокуускай кыра куорат буолар, манна бэлэсипиэтинэн сылдьар ордук табыгастаах. Бэлэсипиэт шината төһөнөн синньигэс да, соччонон чэпчэкитик айанныыр. Тыына кытаанах соҕус буолара ордук. Дамскай дэнэр сиһэ суох бэлэсипиэт олус табыгастаах. Кэлин таһаҕас уурар сиригэр мас былааҥканан атах уурардаах кыра оҕо олорор олбоҕун оҥороҕун. Иннигэр таһаҕас уурар сирдээх. Бу ийэ кыра оҕотун илдьэ сылдьарыгар олус табыгастаах. Үчүгэйдик айаннааҥ, бар дьонум!

 

Михаил Тимофеев, суруксут Иван Васильев, Амма – Дьокуускай.

Читайте дальше